26.12.2020 | 14:04

Аата ааттана туруоҕа

Аата ааттана туруоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Филологическай наука кандидата, “Кут-сүр” кыһа түһэ, “Айыы үөрэҕин», “Айыы итэҕэлин” төрүттээччи Лазарь Андреевич Афанасьев ахсынньы 29 күнүгэр орто дойдуттан барбыта 3 сылын туолар.

1989 с. “Кут-сүр” кыһа тэриллибитэ, үгүс билиилээх, сахалыы көрүүлээх дьон бастыҥа киирбитэ. Тэрис, Уххан уо.д.а. “Эдэр коммунист”, “Сахаада” хаһыаттарга итэҕэл, өбүгэ сиэрин-туомун, алгыһын, итэҕэлин туһунан бииртэн биир суруйуулар, ырытыылар тахсан испиттэрэ. Итэҕэлгэ анаан сытыы, көхтөөх дискуссиялар, сүбэлэһиилэр ыытыллан барбыттара. Тэрис 1983-1989 сыллардаахха өрөспүүбүлүкэ национальнай архыыптарыгар былыргы кэпсээннэри, номохтору, саха фольклорун, олоҥхолорун, историческай номохтору дьаныһан туран чинчийбитэ, үөрэппитэ, саха итэҕэлин сөргүтэригэр туһаммыта. 2010 сыл кулун тутар ый 18 күнүгэр “Кут-сүр” кыһа, “Арчы дьиэтэ”, “Көмүлүөк”,  “Ийэ тыл”, “Одун” устудьуоннар түмсүүлэрэ бииргэ үлэлииргэ сүбэлэһии түһэрсиллибитэ. 2010 сылтан “Айыы суолунан” кинигэ серията бэчээттэнэн тахсар. Тэрис үлэтин 99 кинигэҕэ үйэтитэн, сахатын дьонугар дьоһун үлэни хаалларбыта. Олохтон барыар диэри сыл ахсын кулун тутар ыйга “Тайылҕан” тэриллэрэ, үгүс сүбэлэһии, сүбэ-соргу тыллара киэҥ эйгэҕэ тарҕанара. Тэрис биэнсийэҕэ тахсыар диэри араас мэһэйдэри, харгыстары туораабыта. Былаас өттүттэн сэҥээриини, өйөбүлү ылбатаҕа. Ол оннугар дьон-сэргэ кинини ытыктыыра, араас көрсүһүүлэргэ улуустарга тахсара.

Сайсарыга саха балаҕана куруук аһаҕас буолара, үгүс киһи кэлэн сүбэлэтэн, кэпсэтэн, арчыланан, ыраастанан, алгыс ылан барара. Үгүс дьон кыһалҕатын кыһалҕа оҥосторо, сүүһүнэн дьон арыгы дьаатыттан босхолонон үөрүүлэрин үллэстэллэрэ.

Тэрис Элиэнэ эбэҕэ, Сайсары эбэҕэ сыл аайы кэмиттэн кэмигэр сиэр-туом оҥороро. Бэрт эрдэ “Саха сиригэр элбэх дьон кэлиэ, олохсуйуо, ийэ айылҕабыт айгыраан иһэр. Онно турунуоҕуҥ, ыччаппытын иитиэҕиҥ, өбүгэбитин ытыктыаҕыҥ, баар кыһалҕабытын бииргэ быһаарыаҕыҥ” диэн этэрэ. Олоҕун тиһэх күннэригэр докторскай диссертациятын суруйан бэлэмнээбитэ.

Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис олорон ааспыт олоҕо үгүс ыччакка холобур буолуо. Уларыта тутуу кэмнэригэр саха култууратын, сиэрин-туомун тилиннэриигэ, национальнай оскуола концепциятыгар “Эркээйи” ыччаты иитии бырагырааматыгар, судаарыстыбаннай декларацияны - Суверенитеты ылыныыга дьоһун кылаатын киллэрсибитэ. Лазарь Андреевич үтүө аата саха тыллаах баарын тухары ааттана туруоҕа.

Петр Тихонов, Мэҥэ Хаҥалас, Томтор

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...