01.09.2021 | 17:54

Ааспыт сууккаҕа коронавируһунан ыалдьыы 144 түбэлтэтэ билиннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэ территориятыгар коронавируһунан ыалдьыы 144 түбэлтэтэ билиннэ диэн регионнааҕы суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Дьокуускай куоракка 81 ыалдьыбыт киһи регистрацияламмыт, Нерюнгри оройуонугар – 8, Сунтаар оройуонугар – 7, Мирнэй оройуонугар – 4 баара биллибит. 
3-түү түбэлтэ Аллайыаха, Бүлүү, Нам, Ленскэй, Уус-Алдан уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар булуллубут. 
2-лии түбэлтэ Алдан, Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Орто Халыма, Таатта, Уус-Майа, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыгар көстүбүт. 
Биирдии түбэлтэ Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Муома, Өлүөхүмэ, Томпо оройуоннарыгар регистрацияламмыт.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 3 854  чинчийии оҥоһуллубут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....