Аарыма кырдьаҕастар да туора турбатахтара…
Академик Николай Александрович Морозов – Аҕа дойду Улуу сэриитин саамай саастаах кыттыылааҕа. Биллэн турар, кинини ким да сэриигэ ыыппатаҕа. 88 саастаах учуонай уоттаах сэриигэ бэйэтэ баҕа өттүнэн тылланан барбыта.
1942 сыл сааһыгар сэрии Волховскайдааҕы учаастагар батальон хамандыырыгар саҥа снайперы билиһиннэрбиттэр. Снайперы көрөн баран, майор күлүү гыналлар дуу диэн баҕарбыт. Кини иннигэр муус маҥан баттахтаах, сулардыы бытыктаах, «трехлинейка» бинтиэпкэ тутуурдаах кырдьаҕас оҕонньор турар эбит.
- Хас саастааххыный? – диэн ыйыппыт соһуйбут, сөхпүт хамандыыр.
- Бэс ыйыгар 88-н туолабын... – диэбит кырдьаҕас.
- Куттанымаҥ, миигин ким да ыҥырбатаҕа, мин баҕа өттүбүнэн кэллим. Ханна саһан олорон ытыалыыр сирбин көрдөрүҥ. Миэхэ ураты сыһыан наадата суох, атыттары кытта тэҥҥэ сэриилэһэр кыахтаахпын.
ССРС Наукаларын Академиятын бочуоттаах чилиэнэ, П.Ф. Лесгафт аатынан институт 1918 сылтан дириэктэрэ Николай Александрович Морозов сэрии маҥнайгы күнүттэн тылланан бара сатаабыт. Кини 1939 сыллаахха Осоавиахим куурустарын бүтэрбит уонна снайперскай ытыынан дьаныардаахтык дьарыктаммыт. Төһө да ачыкылааҕын иһин, кини бэргэн ытааччы эбит. Ол туһунан ыйан туран кини элбэхтик байыаннай комиссариакка сэриигэ тылланан суруйара.
Хорсун санаалаах кырдьаҕас снайпер бойобуой килбиэнин иһин 1944 сыллаахха «Ленинград оборуонатын иһин” мэтээлинэн уонна Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. 1945 сыл өрөгөйдөөх ыам ыйын 9 күнүгэр Николай Морозов Сталиҥҥа суругар улаханнык үөрэн, долгуйан туран «Ийэ дойдубутугар уонна киһи аймах бүттүүнүгэр эрэйи-муҥу аҕалбыт фашистары кыайар күҥҥэ тиийбиппиттэн дьоллоохпун”, - диэбит.
1945 сыллаахха бэс ыйын 10 күнүгэр Николай Александрович өссө төгүл Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт. Сүдү киһи 92 сааһыгар тиийэн, дьоһун олоҕу олорон баран, 1946 сыллаахха от ыйын 30 күнүгэр бу сиртэн барбыт.
Сааһыттан тутулуга суох күүстээх санаалаах, хорсун-хоодуот дьонноох буолан кыайыыны ситиспиппитин умнубакка, эдэр көлүөнэҕэ холобур оҥорон, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйүөх тустаахпыт.