Аармыйаттан куотунуу иһин накаастабыл кытаатан турар
ИП арыныы, кирэдьиит ылыы, массыынаны ыытыы – барыта хааччахтанар
53-с нүөмэрдээх федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, бэбиэскэ туппут киһи (ол аата бэбиэскэтэ ыытыллыбыт ыҥырыылар реестрдэригэр киирээтин кытта) Арассыыйаттан атын сиргэ барар кыаҕа суох буолар. Кыраныыссаны туорааһыҥҥа хааччаҕы ууруу бэбиэскэ байыаннай учуот реестригэр киирээтин кытта оҥоһуллар уонна байыаннай комиссар электроннай илии баттааһынынан бигэргэтиллэр. Бу туһунан гражданнар судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар тус кабинеттарыгар ыытыллыбыт информацияны туталлар.
Кыраныыссаны туорааһыны бобуу гражданин военкомакка тиийиэҕэр диэри көтүрүллүбэт.
Ыҥырыллааччы бэбиэскэтин туттаҕына, военкомакка кэлиэхтээх уонна медицинскэй чинчийиини ааһыахтаах. Быраастар кини сулууспалыыр кыахтааҕын эбэтэр кыаҕа суоҕун – “А” чэгиэн категориялаах эбэтэр “Д” ыҥырылларга сөбө суох диэн быһаараллар. Ыҥырыллыбыт дьон 12 ый сулууспалыыллар.
Бэбиэскэ тутан баран 20 күн иһигэр, улахан суолталаах биричиинэтэ суох, военкомакка тиийбэтэххитинэ, маннык миэрэлэр ылыллыахтарын сөп:
- Бэйэ дьыалатын регистрациялыыр (ИП буолар) бобуллар;
- Суоппар бырааба быһыллар;
- Кирэдьиит эбэтэр займ ылар кыаххыт суох буолар;
- Хамсаабат баайы-дуолу, тырааныспары атыылыыр уонна атыылаһар хааччахтанар.
Маны таһынан, регион иһигэр туһунан эбии миэрэлэр ылыллыахтарын сөп. Холобур, ыйдааҕы төлөбүрдэри тохтотуохтарын, араас чэпчэтиилэри быһыахтарын сөп.
Аармыйаҕа ыҥырыллар эр киһи военкомакка тиийбэт төрүөтүнэн улаханнык ыалдьыы, чугас аймахтарын ыарахан туруктаах ыарыылара уонна киниттэн тутулуга суох кэккэ ыарахан түгэннэр эрэ буолаллар.
Бэбиэскэ реестрэ диэн тугуй?
Дойдубутугар бэбиэскэ реестрэ олохтонорун туһунан урут да суруйан турабыт. Бу биир кэлим реестр, байыаннай комиссариаттар дааннайдарын биир сиргэ түмүү. Байыаннай учуокка турар уонна бу учуокка туруохтаах гражданнар тустаах информацияны МФЦ офистарыгар эбэтэр судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар билиэхтэрин сөп.
Судургутук эттэххэ, реестргэ электроннай бэбиэскэлэр тиһиллэн иһэллэр. Ону тэҥэ суругунан кумааҕыга суруллубут бэбиэскэни эмиэ туттараллар – почтанан ыытыахтарын эбэтэр киһиэхэ бэйэтигэр аҕалан биэриэхтэрин сөп.
Электроннай бэбиэскэ электроннай реестргэ киирдэ да сэттэ күнүнэн гражданиҥҥа туттарыллыбытынан ааҕыллар.
Ыстараап уонна холуобунай эппиэтинэс
Быйылгы ыҥырыы кэккэ уларыйыылара аармыйаттан куотунааччыларга туһаайылыннылар. Ол курдук, призывник ыйыллыбыт болдьоҕор военкомакка тиийбэтэҕинэ, 10-30 тыһ. солк. ыстарааптанар.
Маны таһынан, бэйэ туһунан сибидиэнньэлэри – кэргэннээҕин суоҕун, үөрэҕин, үлэлиир сирин, атын сиргэ көспүтүн, Арассыыйа территориятыттан сыл аҥаарыттан ордук атын дойдуга олоро барарын туһунан кэмигэр иһитиннэрбэтэх буоллаҕына, бэбиэскэ тутан баран үс ый устата биллибэтэҕинэ эмиэ ыстараап ууруллар. Бу ыстарааптар суумалара 1000 солк. саҕалаан 20 тыһ. солк. тиийэллэр.
Медицинскэй чинчийиини ааһартан куотунар аармыйаҕа ыҥырыллааччыларга – 15-25 тыһ. солк. ыстараап.
Байыаннай учуот докумуонун буортулааччыларга – 3-5 тыһ. солк. ыстараап көрүллэр.
Дьокуускай куорат байыаннай комиссара Евгений Крупенков, аармыйаҕа сулууспалыыртан куотунааччыларга накаастабыл төһө эмэ кытааппытын санатан туран, холуобунай эппиэтинэскэ кытта тардыллыахха сөбүн чорботон бэлиэтиир.
Аармыйаҕа сулууспалыыртан туох да биричиинэтэ суох куотунар эр дьоҥҥо холуобунай эппиэтинэс кытта көрүллэр – элбэх суумалаах ыстараап, күһэлэҥ үлэ эбэтэр 2 сылга диэри хаайыы буолуон сөп.
Быйылгы ыҥырыы Дьокуускайга, буоларын курдук, холкутук бара турар. Бэбиэскэлэри үгэс буолбут кумааҕы көрүҥүнэн тарҕата сылдьаллар.
Арассыыйа гражданствотын ылан саҥа пааспар оҥотторбут эдэр эр дьоҥҥо эмиэ бэбиэскэ туттарыллар.
Военкомакка эппиттэринэн, Дьокуускайтан аармыйаҕа ыҥырыллар уолаттар үксүн Уһук Илин уокуругар баар байыаннай чаастарга сулууспалыыллар.
Быйыл 18 саастарыттан саҕалаан 27 саастарыгар диэри эр дьону аармыйаҕа ыҥыраллар. Оттон эһиилгиттэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, саҥа сокуон олоххо киирэр – аармыйаҕа ыҥырыллыы сааһа 30 сааска диэри үрдэтиллэр.
Аармыйаҕа ылыллыбаттар:
— ИДьМ, ФСБ, ЫБММ үлэһиттэрэ;
— буруйдарын боруостуу илик эбэтэр силиэстийэҕэ сылдьар дьон;
— үрдүк үөрэх кыһатын күнүскү үөрэҕин устудьуоннара уонна аспираннар;
— оҕолорун соҕотох иитэр аҥаардас аҕалар, кырдьаҕас төрөппүттэрин көрөр-истэр эпиэкэлиир дьон;
— саахсалананан ыал буолан олорор уонна иккиттэн ордук оҕолоох аҕалар.
Ыҥырыллар болдьохторо уһатыллар (отсрочка):
— ыарыһах төрөппүттэрин көрөр-истэр эр дьоҥҥо;
— үһүгэр диэри саастаах инбэлиит оҕолоох аҕалар;
— кэргэнэ оҕо күүтэр (26 нэдиэлэттэн ордук болдьохтоох) буоллаҕына.
Бу дьон военкомакка ыҥырыллар болдьохторо уһуур бырааптаахтарын туоһулуур докумуоннарын хайаан да аҕалыахтаахтар.