18.02.2022 | 15:30

Аармыйа — олох оскуолата

Аармыйа — олох оскуолата
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Аармыйаҕа күһүҥҥү ыҥырыы хампаанньата сэтинньи 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри ыытыллар. Сааскы ыҥырыы болдьоҕо муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри салҕанар. Уһук хоту сир оройуоннарыгар сааскы ыҥырыы ыам ыйын 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри оҥоһуллар.

Урут, кистэл буолбатах, “хайдах эмэ куотунар инибин» диэччи элбэх буолара. Кэлиҥҥи сылларга аармыйа диэн тыл дорҕооно лаппа күүһүрдэ. Ол дойду политическай балаһыанньатыттан, сокуоҥҥа киирбит уларыйыылартан даҕаны көстөр. Онон билиҥҥи ыччат баҕа өттүнэн сулууспалыы барарга дьулуһар буолан, аармыйаҕа хомуйар хамыыһыйа байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллааччылары соччо-бачча ирдэспэт буолбут.

Киин куораппытыгар сыллата 1000-тан тахса уол орто анал, үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарса кэлэр. Бу оҕолор үөрэххэ киирэн баран хайаан да военкомакка учуокка тураллара ирдэнэр – бу сокуоҥҥа сурулла сылдьар.

Ыччаттар үөрэннилэр, идэ ыллылар. Ол эрээри, үөрэҕи бүтэрэллэрин саҕана, кинилэргэ Аҕа дойдуларын иннигэр төлөнө илик ытык иэстээх сылдьалларын санатар бэбиэскэ көтөн кэлэр. Бу бэбиэскэни туппутунан Дьокуускай куорат байыаннай комиссариатын дьиэтигэр тиийэр булгуччулаах. Онно тиийэн ыҥырыыгытын эбэтэр пааспаргытын көрдөрөн, үһүс этээскэ ааһаҕыт. Манна аактабай саалаҕа психологическай тургутук уонна анкета толороҕут.

Ыҥырыыга ээл-дээл сыһыаннаһан байыаннай комиссариакка тиийбэт түгэҥҥэ, эбэтэр сылтах була сатаан саһа сырыттахха, холуобунай дьыалаҕа тардыллыахха сөп.

 

Медицинскэй бэрэбиэркэ туһунан

Медицинскэй бэрэбиэркэ иккис этээскэ ааһар. 28-с кэбиниэттэн учуотунай каартаҕытын ылан баран, быраастарынан бараҕыт – невролог, психиатр, харах бырааһа, отоларинголог, хирург, тиис бырааһа, фтизиатр, дерматовенеролог уонна терапевт (киниэхэ саамай бүтэһик сылдьаҕыт). 

Терапевт бырааска киириэх иннинэ хаан уонна иик анаалыһа туттарыллар. ЭКГ, ФЛГ түмүктэрин илдьэ киирэҕит. Доруобуйаҕыт туруга мөлтөх эбэтэр улаханнык ыалдьар буоллаххытына, тутатына бырааска туоһулуур ыспараапкаларгытын көрдөрөр наада. Туоһулуур докумуоҥҥут суох эрээри, доруобуйаҕыт туруга мөлтөх түгэнигэр, кыбыстыбакка бырааска кэпсиир ордук. 

Саамай бүтэһик түһүмэх — 21-с кэбиниэт. Манна кылаабынай быраас түмүк таһаарар. Санатан эттэххэ, аармыйаҕа сулууспалааһын уопсайа биэс категорияҕа арахсар:

А (сулууспалыыр кыахтаах), Б (сулууспалыыр кыахтаах эрээри, кыра хааччахтааһын баар), В (билигин өссө даҕаны эрдэ), Г (быстах кэмҥэ аармыйаҕа сулууспалыыр кыаҕа суох, аҕыйах сылынан ыҥырыахпыт) уонна Д (сулууспалыыр кыаҕа суох).

Куорат байыаннай комиссариата салгыы эһиги дьыалаҕытын Өрөспүүбүлүкэтээҕи мустар кииҥҥэ ыытар. Манна хаттаан медхамыыһыйаны ааһаҕыт уонна бүтэһиктээх түмүгү ылаҕыт.

 

Сулууспа болдьоҕо кылгас

2008 сылтан аармыйаҕа биир эрэ сыл сулууспалыыр буолан тураллар. Омуннаатахха, саллааттарбыт саҥардыы оннуларын булуох курдук буолан иһэн, номнуо дойдуларыгар эргиллэр кэмнэрэ тигинээн кэлэр. Ол да иһин буолуо, үөрэҕи саҥа бүтэрбит уолаттар икки сылга хантараак баттаан хаалар түгэннэрэ баар.

Аармыйаҕа ыҥырыы болдьоҕо доруобуйа туругунан, дьиэ кэргэн уустук балаһыанньатынан, үлэнэн, үөрэҕинэн сибээстээн уһатылларын билэргит буолуо. Ол курдук, 2017 сылтан устудьуоннары үөрэх ортотуттан аармыйаҕа ыҥырыы тохтообута. Куорат байыаннай комиссариатыгар иһитиннэрбиттэринэн, онон даҕаны буолуо, аармыйаҕа барар ыччат ахсаана сыллата аҕыйаан иһэр эбит. Көнөтүнэн эттэххэ, урут 100 уолу ыҥырбыттарыттан сулууспалыы барааччыта 80-90 киһи буоллаҕына, билигин 30-ҕа нэһиилэ тиийэр буолбут. Маннык хартыына биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн көстөр. Ол биир төрүөтэ – атын омук аһынан үлүһүйэн, муоданы эккирэтэн, тоһуттар тымныыга чараас бачыыҥканан кыстаан, доруобуйаҕа үйэ-саас тухары эчэйиини оҥоруу.

 

Сулууспаҕа тугу илдьэ барыахха сөбүй?

Бытык хорунар уонна суунар-тараанар тэрил (тиис суунар суокка, пааста, тараах, пластырь уо.д.а.)

Төлөпүөн. Ол эрээри үгүс чаастар төлөпүөнү көҥүллээбэттэр.

Баан каарталара уонна кумааҕы харчы.

 

Инники олоҕу толкуйдуу-толкуйдуу

Билиҥҥи ыччат инникитин толкуйдуур, былаанныыр. Ол сөп. Холобура, байыаннай сулууспаны ааспатах киһи судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэҕэ киирэрэ ыарахаттардаах. Тоҕо диэтэххэ ытык иэһин төлөөбөтөх киһини 27 сааһын туолуор диэри байыаннай хамыыһыйа ыҥыра турар. Үлэҕэ ылааччыга ол ночооттоох.

 

Хантараак туһунан эттэххэ

Дьиэтэ-уота, оҕото-уруута суох эдэр дьон икки сылга хантараак баттаан хаалыахтарын сөп. Оччоҕуна кинилэр казармаҕа буолбакка, уопсайга олороллор, хамнастаах үлэһит буолаллар. Хамнастара быһа холоон 17 400 солкуобайтан 60 000 диэри халбаҥныыр эбит. Уопсай дьиэни сөбүлээбэт дьоҥҥо дойду министиэристибэтэ ыйга 25 тыһ. солк. тиийэ суумаҕа дьиэ куортамын төлүүр. Маны таһынан, байыаннай ипотекаҕа киирэн, дьиэ атыылаһар кыах баар. Онуоха төһөнөн ипотека болдьоҕо уһун даҕаны, хантараак соччонон уһаан биэрэр. Билигин сыллата 150-200 киһи аармыйа кэнниттэн байыаннай хантараак түһэрсэн хаалар буолбут.

 

Туһалаах төлөпүөннэр

Консультациялаһарга: Саха сирин байыаннай комиссариата – 23-42-31 (үлэ кэмэ 8:30-16:45 чч.), Дьокуускай байыаннай комиссариата – 36-51-67 (үлэ кэмэ 8:30-16:45 чч.).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...