20.11.2019 | 13:35

ААРМЫЙАҔА ТИИЙЭН ЫТЫК ИЭҺИ ТӨЛӨӨҺҮН САҔАЛАННА

ААРМЫЙАҔА ТИИЙЭН ЫТЫК ИЭҺИ ТӨЛӨӨҺҮН САҔАЛАННА
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аармыйаҕа күһүҥҥү хомуур дойду үрдүнэн алтынньы 1-кы күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри буола турар. Саха сириттэн уопсайа 1100-1300 кэриҥэ саллааты аармыйаҕа ылар былаан баар.

Кистэл буолбатах, “хайдах эмэ куотунар инибин» диэччилэр билигин да суох буолбатахтар. Ол эрээри аныгы ыччаттар аармыйаҕа баҕа өттүлэринэн бара сатыыр буоланнар, байыаннай хамыыһыйалар урукку курдук биирдии призывнигы ирдэһэр кыһалҕалара суох. Сааскы хомууру кытта, быһа холоон, сыллата 2600-2800 эдэр дьон аармыйаҕа аттаналлар.

БАЙЫАННАЙ СУЛУУСПАҔА ЫҤЫРЫЛЛААЧЧЫ

Киин куоракка өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан сыллата 1000-тан тахса эдэр киһи орто анал, үрдүк үөрэххэ туттарсан киирэр. Бу ыччаттар бары булгуччу куорат байыаннай комиссариатыгар сылдьыахтаахтар. Байыаннай учуокка туруу – хас биирдии эдэр киһи эбээһинэһэ.

Дьэ онтон, үөрэхтэрин бүтэрэллэрин саҕана, комиссариаттан кинилэргэ аармыйаҕа ыҥырар бэбиэскэ көтөн кэлэр...

Бэбиэскэ туппут эдэр киһи тугу гыныахтааҕый?

Бастатан туран, ыҥырыыны аахайбат буолуу эбэтэр саһа сатааһын холуобунай эппиэтинэсстээҕин өйдүөхтээххин. Онон Дьокуускай куораттааҕы байыаннай комиссариат дьиэтигэр тиийэҕин. Киирдэ киирэт ыҥырыыгын эбэтэр пааспаргын көрдөрөн баран, үһүс этээскэ тахсаҕын. Онно аактабай саалаҕа психологическай тургутук уонна анкета толороҕун.

ДОРУОБУЙАНЫ БЭРЭБИЭРКЭЛЭТИИ

Салгыы икки этээскэ медицинскэй бэрэбиэркэни ааһаҕын. 28№-дээх кабинеттан учуотунай каартаҕытын ылан баран, биир-биир быраастарга киирэҕин. Манна эйигин невролог, психиатр, харах бырааһа, отоларинголог, хирург, тиис бырааһа, фтизиатр уонна терапевт (киниэхэ саамай бүтэһик сылдьаҕын) көрүөхтэрэ.

Терапевт бырааска киириэҥ иннинэ хаан, иик анаалыстарын туттараҕын уонна ЭКГ, ФЛГ түһэҕин. Доруобуйаҥ туруга мөлтөх эбэтэр ыалдьар буоллаххына, тутатына бырааска туоһулуур ыспараапкаларган көрдөр. Өскөтүн туоһулуур тугуҥ даҕаны суох, ол эрэн доруобуйаҥ туруга мөлтөх түгэнигэр, аһаҕастык бырааска кэпсээн, эбии бэрэбиэркэтэ анат.

21№-дээх кабинет

Саамай бүтэһик түһүмэх — 21-с кабинет. Манна киирэн карточкаҕын бырааска туттаран, кылаабынай быраас быһаарыытын кэтэс.

Санатан эттэххэ, аармыйаҕа сулууспалааһын  уопсайа биэс  хаттыгаска арахсар:

А – аармыйаҕа сулууспалыыр кыахтаах;

Б – сулууспалыыр кыахтаах эрээри, кыра хааччахтааһын баар;

В – сулууспалыы барарыҥ эрдэ;

С – быстах кэмҥэ аармыйаҕа сулууспалыыр кыаҕыҥ суох, аҕыйах сылынан ыҥырыахпыт;

Д – аармыйаҕа сулууспалаабат.

Куораттааҕы байыаннай комиссариат салгыы дьыалаҕытын өрөспүүбүлүкэтээҕи мустар кииҥҥэ ыытар. Манна медосмотр хаттаан оҥоһуллар уонна бүтэһиктээх түмүк тахсар.

КҮҺҮҤҤҮ ХОМУУРГА УЛАРЫЙЫЫ КИИРДЭ ДУО?

Байыаннай сулууспа кэмэ биир сылынан хаалан турар. Онон аныгы саллааттар саҥа оннулларын-тойдорун булан иһэн, номнуо дойдуларыгар эргиллэллэр. Онон үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр уолаттар икки сылга контракт баттаан хаалыахтарын сөп.

Аармыйаҕа ыҥырыы болдьоҕо доруобуйа туругунан, дьиэ кэргэн балаһыанньатынан, үлэнэн, үөрэҕинэн сибээстээн уһатылларын билэргит буолуо. Ол курдук, 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн үөрэнэр устудьуоннары үөрэх ортотуттан аармыйаҕа ыҥырыы тохтообута. Куораттааҕы байыаннай комиссариат иһиттиннэрбитинэн, онуоха эбии аармыйаҕа ыҥырыллааччы ахсаана сыллата аҕыйаан иһэр эбит. Холобура, урут 100 уолтан дьиҥ-чахчы сулууспалыы барааччыта 80-90 буоллаҕына, билигин иһэ үлүннэҕинэ 30-ча уол хабыллар буолбут. Маннык хартыына Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр. Тоҕо? Хоруйа биллэр: омук аһынан үлүһүйүү, муоданы эккирэтии, тоһуттар тымныыга чараас бачыыҥканан кыстааһын уо.д.а. ыччат доруобуйатын сиэбит. Оттон байыаннай сулууспаны ааспатах киһи судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэҕэ киирэрэ ыарахаттардаах буолла. Атын даҕаны үлэҕэ ылааччы сулууспалаабатах дьону үлэҕэ ылартан туттунар. Тоҕо диэтэххэ ол киһиҥ 27 сааһыгар син биир аармыйаҕа ыҥырыллар.

КОНТРАКТ ҮТҮӨ ӨРҮТЭ

Дьиэтэ-уота, оҕото-уруута суох киһи икки сылга контракт баттаһан хаалыан сөп. Контрагынан сулууспалааччы казармаҕа буолбакка, уопсайга олорор, ботуччу хамнас аахсар. Уопсай дьиэни сөбүлээбэт буоллаҕына, оборона министиэристибэтэ киниэхэ ыйга 25 тыһ. тиийэ харчыны биэрэн, дьиэ куортамныырыгар көмөлөһөр. Маны таһынан, байыаннай ипотекаҕа киирэн, дьиэлэнэн да хаалыахха сөп. Маннык түгэҥҥэ контракт болдьоҕо уһаан биэрэр эрээри, РФ оборонаҕа министиэристибэтэ төлүү олорор. Статистика чахчытынан, кэлиҥҥи кэмҥэ сыллата 150-200 контрагынан салгыы сулууспалыы хаалар буолбут.

ААРМЫЙАТТАН СУРУК

Борис Иванов, Амма улууһуттан төрүттээх:

– Севастополь куоракка Черноморскай флот "Пытливый" диэн бойобуой хараабылыгар сулууспалыы сылдьабын. Владивосток куорат 56529-4 чааһыттан ыыппыттара. Бастакы күннэр син ыарахан этилэр. Ол эрээри бириэмэ биллибэттик ааста. Билигин сулууспа биир эрэ сыллаах буолан, "дедовщина" диэн суох. Иллэҥ кэммитигэр гитаранан ыллыыбыт, суунабыт-тараанабыт, кэпсэтэбит, дьоммутугар сурук суруйабыт. Дьиҥэр, хараабылга киһи тыына-быара олус хаайтарар эбит. Старшиналарбыт кэпсииллэринэн, урут хараабылга саамай кыахтаах, күүстээх, тулуурдаах  эрэ дьон сулууспалыыра үһү. Биһиги хас биирдии күммүт кытаанах бэрээдэгинэн ааһар, күн аайы булгуччу тугу эрэ оҥоро, тутта, хамсана сылдьар буолуохтааххын. Дойдубар тиийэрим бэрт кыра бириэмэ хаалла. Түгэнинэн туһанан чугас дьоммор, төрөппүттэрбэр, аймахтарбар, доҕотторбор-атастарбар итии-истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин! Дойдум сылаас тыынын олуһун да аҕынным!

Василий Васильев,  Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэтиттэн сылдьар:

Сахам сирин олохтоохтооругар төлөннөөх эҕэрдэбин тиэрдэбин! Оскуола кэннэ юридическай үөрэҕи бүтэрэн баран, үлэҕэ киирэрбэр наада буолуо диэн, аармыйаҕа сулууспалыырга санаммытым. Ый кэтэһиннэрэннэр, 14.11.2018 с. Владивосток куоракка ВМФ-гар аатырбыт 5-с ротаҕа түбэспитим. Үөрэх эттэҥҥэ ааһан, билигин боцман званиетыгар таҕыстым. Иллэҥ кэмэҥэ күҥҥэ иккитэ футболлаан, ротабытыгар утуйарбытыгар эрэ кэлэрбит. Миигин чаас футболга сүүмэрдэммит хамаандатыгар ыланнар, кулун тутарга Санкт-Петербург куоракка күрэхтэһэн кэлбитим. Ротабытыгар 26 саха буолан эйэ дэмнээхтик сылдьан, байыаннай хараабылбытыгар барар түгэммит тиийэн кэллэ. Камчаткаҕа, Тиихэй акыйааҥҥа уонна Севастополь куоракка ыыталыыбыт диэтилэр. Мин Сирияҕа барар баҕалаах Севастополь куоракка ыйыталастым эрээри, хараабылбыт өрөмүөҥҥэ турар буолан, Сирияттан маттым. Онон Черноморскай флот флагманар Гвардейский Ракетнай крейсер "Москва" диэн хараабылга боцманскай хамаандаҕа ананан этэннэ сулууспалыы сылдьабыт. Сахалар үһүөбүт. Күн аайы хамнаныы кытаанаҕа буолан, бириэмэ биллибэккэ ааһар. Хата, курортнай куорат буолан, сулууспам тухары чугас дьонум кэлэн барбыттара. Хамандыырдарбыт, бииргэ сулууспалыы сылдьар уолаттарбыт да үчүгэйдик сыһыаннаһаллар. Аармыйаҕа сулууспалыы бараары сылдьар уолаттарга тиэрдиэм этэ: туохтан да куттанымаҥ! Сулууспалааһын диэн олох оскуолата буолар. Бу нөҥүө хас биирдии эр киһибин дэнэр киһи ааһыахтаах.

ТҮМҮК

Сорох ийэлэр «оҕобун аармыйаҕа атаҕастыахтара» диэн араастаан күрэтэ сатыыллар. Оннооҕор «ыалдьар» диэн сымыйа ыспараапка ситиһэллэр. Ол эрээри «аармыйаҕа тиийэн интернет хаһа-хаһа, гитаранан ыллыы-ыллыы, бэлэми аһыы-аһыы сыталлар» диэн өйдөбүл эмиэ сыыһа. Билигин урукку аармыйа буолбатах. Холобура, омугунан арахсыы, атааннаһыы суох. Онон хас биирдии эдэр киһи тус олоҕо, дьонун уйгута, норуота, кэлэр кэскилэ, Ийэ дойдута көмүскэллээх буоларыгар тус кылаатын киллэриэхтээх!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...