28.05.2021 | 11:34

Аан дойду сүгүрүйэр, сахалар эмиэ

Дмитрий Миндиашвили туһунан суруйуу сиппит, чочуллубут вариана
Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Аҕа доҕорум, Арассыыйа дьоруойа Дмитрий Георгиевич Миндиашвили ыам ыйын 24 күнүгэр  биһиги кэккэбититтэн туораата. Сэбиргэхтэтэн, чэппиэр күн реанимацияҕа киирэн баран, устунан тыына быһынна. Бэс ыйын 4 күнүгэр 88 сааһын туолуохтаах этэ.

Дмитрий Георгиевич Миндиашвили 1933 сыллаахха  Тбилисигэ төрөөбүтэ. Казахстаҥҥа аармыйаҕа сулууспалаабыта. Онтон комсомольскай путевканан Красноярскай кыраайга Абакан – Тайшет тимир суолун тутуутугар суоппардаабыта. Ол сылдьан нуучча кыыһын кэргэн ылбыта. Эйэлээх ыал  1957 сылтан  Красноярскайга олохсуйан, кыраайдааҕы тустуу оскуолатын, онтон ситэрэн академиятын тэрийбитэ, төрүттээбитэ. Биир тренер хамаандатыттан аатырбыт спортсменнар иитиллэн таҕыстылар.

Араас омуктардыын тапсарын сөҕөбүн.   Олортон сорохторун аахтахха манныктар:

— Тбилисигэ  эрчийсибит тустууга номоххо киирбит икки төгүллээх олимпийскай чемпион, Грузия үтүөлээх тренерэ оҥорбут Леван Тедиашвили;

— Красноярскайтан бастакы хараҥаччы эмиэ икки төгүллээх олимпийскай чемпион, ССРС үтүөлээх тренерэ оҥорбут нуучча модун буулаҕа бухатыыра Иван Ярыгин;

— чечен омугун чулуу уола үс төгүллээх олимпийскай чемпион, аан дойду алта төгүллээх чемпиона Бувайсар Сайтиев;

— авар аарымата олимпийскай чемпион Сайгид Муртазалиев;

— Олимпиада боруонса призердара: -Хакасия  талаана Сергей Карамчаков; -ингуш джигитэ Адам Барахоев;

— иккилии төгүллээх аан дойду чемпионнара:

— нуучча ньургуна Виктор Алексеев;

— саха боотура-эбээн хоһууна, Виктор Лебедев,

-армян ааттааҕа аан дойду чемпиона Владимир Модосян уо.д.а.

— Кини академиятыгар үөрэнээччитэ Виктор Алексеев Олимпийскай чемпион Адам Сайтиевы иитэн таһаарбыта. 

Тустууга ситиһиитин кистэлэҥэ тугуй? Эрчиллиигэ да, күрэхтэһиигэ да секунданныыра,  сүбэтэ-амата дьиҥ психологтыы. Сороҕор кыыһыран, ырдьыгынаан, тутан кэбиһээри гынар, охсуохча, уолуктуохча сутуругун күөрэҥнэтэр, ардыгар аҕалыы кыһанар. Ол быыһыгар кимнээх сүрэхтээх буолан хайдах ситиһиилэммиттэрин, ол кэмҥэ тоҕоостооҕу кэпсиирэ: "Ярыгинныын сарсыарда аайы 6:00 сүүрүүбүтүн, зарядкабытын саҕалаары Кремль курдук дьиэ чаһытын анныгар көрсөр этибит. Иккиэн биирдэ да болдьоспут кэммитигэр сөкүүндэ да хойутаабат этибит”, – диирэ. 

Мин Дмитрий Георгиевичтыын тустуу улахан түһүлгэлэригэр сылдьар буолуохпуттан алтыспытым. Бастакыттан олус муударайын сэргээн, түгэн түбэстэр, батыһа сылдьан  истэрим аҕай. Кини спорду эрэ буолбакка, олоҕу, политиканы дириҥник, киэҥник көрөрө-быһаарара. Ханнык да бэрэсидьиэннэри, губернатордары кытта тэҥҥэ туран кэпсэтэр кыахтааҕа. Биһиги бэрэсидьиэннэрбитин олус сөбүлүүрэ. Наар Михаил Ефимович Николаевы, Егор Афанасьевич Борисовы кытта тугу кэпсэппитин санаан кэлээччи. “Эһиги региоҥҥут салалтатыгар преемственность баара холобур буолуон сөп”, – диирэ. Саха сиригэр күрэхтэһиигэ эрэ буолбакка, инаугурацияларбытыгар кытта кэлэн барара.

Кини Сибиири иккис дойдутунан ааҕара. Дьиҥ патриот. Мантан атын ханна да көспөппүн диирэ. Иван Ярыгиҥҥыныын хас сиргэ бииргэ кэлиҥ, биһиги ааппытыттан кыттыҥ диэн төһөлөөх киһи өйүгэр баппат элбэх харчыны төлүөхпүт диэбиттэрин ааҕан сиппэт этэ. ''Иирбит элбэх харчылаһыам этэ. Ол миэхэ туохха наада?'' –диирэ. Туроктар Анкараҕа аан дойду чемпионатыгар  сырыттахпытына, онно бэйэтин оннугар быраатын киллэрэн, биһигинниин көрөөччү буолбут Бувайсарга ыйга мөлүйүөн дуоллары, тренергэр 500 тыһыынча дуоллары төлүүбүт, табыгастаах усулуобуйаны барытын тэрийэбит, Сиднейгэ Олимпиадаҕа кыайдаххытына өссө бириэмийэлэри ботуччу биэрэбит. Үйэҕит тухары үрдүк пенсия аныыбыт диэбиттэр этэ. Онно өссө кыйаханар этэ. ''Арассыыйам туһугар олох атыыланыам суоҕа'', – диирэ. Үөрэнээччилэрэ эмиэ итинниктэр.  Ол сырыттахпына, чаҕылхайдык бастаабыт Адам Сайтиевы тренерэ Виктор Алексеевы кытта ыҥыраары, омуктар сүгүн хаамтарбатахтара. Виктор сапсыйан кэбиһэрэ. 1995 с. Бувайсар Сайтиев аан бастаан биир нэдиэлэ иһигэр Тегераҥҥа эдэрдэргэ, Атлантаҕа улахан дьоҥҥо аан дойду чемпионнарын аатын ылбытыгар суруналыыстар төгүрүйэн кэбиспиттэрэ: "Арассыйа эн норуоккун сэриилии сылдьар. Эйигин онно-манна улахан харчыга ыҥыраллар аҕай, тоҕо барбаккын?''. Былааҕы-флангоштокка сибилигин кини чемпионнаабытынан тахсыбыт үс дьүһүннээхпитин ыйбыта.  "Мин өссө элбэх  кыайыыларбынан өрө көтөхтөрүөм. Тоҕотун өйдүөххүт'', – дии охсубута нууччалыы ыраастык эрийэн-буруйан, онтон английскайдыы быһааран биэрбитэ. Ити сүүрбэлээх уол.

Дмитрий Георгиевич иитээччилэригэр ити курдук сатаан  саҥарарга,  өйдөрүн үлэлэтэргэ ураты болҕомтотун уурара.  Тренер омуктар бастакы ыҥырыыларыттан ''Ити буоллаҕына, эһиги биһиэхэ кэлэ сатыыргыт курдугу тэрийиэхпит'', – диэбит. Ол чахчы буолбута. Оннооҕор дагестаннар бастыҥнарын ыыталлар.

Красноярскайга аптарытыата улахана бэрдэ. Тэрээһинэ, туруорсуута күүстээҕэ. “Ярыгин” турнирын, аан дойду, Европа, ССРС, Арассыыйа чемпионаттарын үрдүк таһымҥа ыыттарара. Спонсордары булан, уонтан тахса массыына бириистээх күрэхтэһиини оҥорон турар. Тустууну ыытарга харчы булара. Стадиону, хас да спорт дыбарыаһы, Ярыгиҥҥа пааматынньыгы, академия гостиницалаах, аһатар, сууннарар сирдэрдээх, хас саалатыгар уончалыыга тиийэ көбүөр тэлгэтиллибит да уораҕайын туруорсан, хонтуруоллаан туттарбыта.

Урут Сибиир уонна Уһук Илин чемпионата ыытыллара. Саха сиригэр  Красноярскай хамаандата биир сүрүн миэстэни былдьаһара.  Дмитрий Петрович Коркинтан элбэххэ үөрэммитим диэччи. Хас да кинигэтигэр суруйбута. 


Роман Дмитриев доҕоро Иван Ярыгин тренерэ буолан сахаларга сыһыана ураты. Красноярскайга үөрэммит уоланнарбыт кини кыһатыгар чочуллан балайда ситиһиилэммиттэрэ.

Аҥаардас Виктор Лебедевы спорка түргэнник төннөрөн, аан дойду икки төгүллээх чемпиона, олимпиец  буоларыгар сабыдыала улахан. Виктор: “Красноярскайга тиийбиппэр академияҕа тува, хакас тустууктара бөҕө мин ыйааһыммар бааллар этэ. Сыл курдук көмүскэниигэ уонна онтон утары киирэргэ үөрэн диэн, ол уолаттары хардары-таары атахпар киирэллэригэр сорудахтыыра”.

Дьэ, итинник чочуллан Виктор Лебедев аан дойдуга биир саамай сатаан көмүскэнэр уонна ол түгэнтэн чаҕылҕанныы утары киирсэр буолбута.

Сахаларга олус эрэнэр этэ. Иван Ярыгиныын Роман Дмитриев туруорсуутун быһа гыммакка,  икки олимпийскай циклга  Гавриил Троевы Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар массажиһынан илдьэ сылдьыбыттара. Кинини кытта Бувайсар Сайтиевы сыһыаран, Красноярскайга, Кисловодскайга эрчиллиилэргэ, улахан түһүлгэлэргэ, Афины, Пекин Олимпиадаларыгар кытта  илдьэ сылдьыбыттара. Гавриилы аҥаардас массажист эрэ буолбакка, психолог, педагог быһыытынан үрдүктүк сыаналыылларын хаста да миэхэ интервью биэрэллэригэр махтана кэпсээбиттэрэ.

Кинини кытта Бувайсарга спарринг-партнердарынан Красноярскайга эрчиллиигэ Семен Семеновы, Александр Оконешниковы үлэлэтэн тураллар.

Мин Миндиашвилилыын ордук чугасыһыым 1995 с. Швейцарияҕа буолбута. Европа чемпионатыгар Арассыыйа делегациятыгар бииргэ сылдьыбыппыт. Москва-Цюрих рейсинэн кэккэлэһэ олорон көппүппүт. Цюрих-Фрибург—Цюрих поеһынан эмиэ. 

Саамай чэпчэки сыаналаах гостиница көрдөөбүппүт. Онтукабыт хаайыы дьиэтэ таах туруоҕунааҕар хонук сиргэ биэрэллэр эбит.

Онтон ыла көрүстэхпит аайы “сокамерники” диэн күлсээччибит. Грузин буоллаҕа, юмор, сытыы өй  бөҕө. Кини кэпсээннэрин батыһа сылдьан истэрбэр оччолорго көмпүүтэр суох, кумааҕы бөҕөнү хомуйабын, суумкабар хааланабын,  аппараатым, видеокамерам улахан.  Бувайсар Сайтиев аҕа саастаах киһиэхэ көмөлөһөн, ыарахан малбын сүгэ-көтөҕө сылдьыбыта.

– Бу барыта киһи астына олорорун курдук тутуллубут дойду. Фонтаннарыттан кытта уу иһиэххин сөп. Бу бордюрдара – шедевр.

Кырдьык, тимиргэ көтөр-сүүрэр бөҕө оҥоһуллубут этэ. Ардах түстэ да, уулара суолга ыһыллыбакка, халыйбакка сүүрэн хаалар.  Кинилэргэ ардах биэдэрэни таҥнары туппут курдук түһэр. Биирдэ үүнээйинэн олбуор курдуктан ону-маны туппут дьон киирэн онтукаларын хаалларан тахсаллар.

–Баран  көрүөххэ, – диэтэ. Лабиринт эбит. Иһирдьэ бөх тоҕор омуһах кнопканан аана аһыллар-сабыллар эбит. Алларанан сортировкаланан,  канализациянан ыраастана турар. Итинник кэрэни сатаан оҥорооччулары кэрэхсээн, ону сатаабаттары  кириитикэлээн, ымпыктаан-чымпыктаан олоҕу-дьаһаҕы тупсарарга кыһаллара.

Миэхэ мэлдьи үчүгэйдик сыһыаннаспытын көрө сылдьан үөрэнээччилэрэ эмиэ эйэҕэстик көрсөллөрө. Грознайга Бувайсар кавказтыы ыалдьытымсах үрдүк таһымнаах көрсүһүү оҥорбута. Гостиницаҕа люкс нүөмэргэ төлөбүрэ суох түһэрбитэ. Онно хаһан баҕардым да, рестораҥҥа киирэн  аһыырбар эбэтэр төлөпүөннээтим да, сакаастаабыт бүлүүдэбинэн, утахпынан хааччыйбыттара. Массыына сыһыарбыта, ханна барабын диэтим да, кэлэн илдьэрэ-аҕалара.  Барыта босхо. Хармааммын хастаары гынным да ''НЕТ! НЕ НАДО?''. ''Почему?''. ''ТЫ ГОСТЬ БУВАЙСАРА САЙТИЕВА!''-өссө кыыһырыахча буолаллара.     

Дмитрий Георгиевич тренерин таһынан педагогическай наука доктора, академик. Элбэх кинигэ ааптара.

Кэнники Сахаачча туһунан киинэ, кинигэ матырыйаала хомуйа, Красноярскайга тиийбиппитигэр бэйэтэ уонна учуонайдары  кытта көмөлөөн  суруйбут 17 кинигэтин барытын автографтаан туттарбыта. Иван Ярыгин американеһы быраҕан эрэр хаартыскаттан үүт-үкчү оҥоһуллубут боруонса статуятын бэлэхтээбитэ. Киинэҕэ Сахаачча туһунан ахтыытын уһулбуппут. 50 сыл анараа өттүгэр көрбүт уолун бу баардыы кэпсиирэ. “Коля Захаров көбүөргэ киириэҕиттэн наар туох эрэ албаһы оҥоро сатыыра. Эдэр уолтан куота сылдьаллара.Үчүгэй тустууну көрдөрүөм этэ, тоҕо тутуспаккын диирдии эккирэтэ сылдьара. Син биир араас үөһэнэн көтүтүүлээх быраҕыы оҥороро”.

–Леван Тедиашвили: “Коля Захаров өлбөтөҕө буоллар, стал бы лучшим бойцом всех времен и народов буолуо этэ”, – диэбитэ.

–Тедиашвили курдук тустуу тиэхиньикэтин билэр киһи суох. Билэн этэр буоллаҕа, – диэн бигэргэппитэ Дмитрий Георгиевич. 

Кини үөрэнээччитэ  Виктор Алексеев массыына биэрэн Роман Ярыгинныын сүүрэр хайаларын – Енисей очуостарын уһултарбыта.

Түмүккэ Дмитрий Георгиевич “У деда Миндо” академиятын рестораныгар эбиэт биэрбитэ.

Ити биһиги бүтэһик көрсүһүүбүт. Быдан дьылларга быраһаай, сырдык аатыҥ, кэрэхсэбиллээх кэпсээннэриҥ үгүспүт сүрэҕэр сылдьыаҕа.

PS. Улуу тренери кытта бырастыылаһыы ыам ыйын 27 күнүгэр Красноярскай куоракка буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...