06.12.2024 | 16:00

Аан дойду көрөөччүтүгэр үйэлээх сыаннас биир эбит...

Аан дойду көрөөччүтүгэр үйэлээх сыаннас биир эбит...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Саха киинэтэ аан дойду таһымнаах бэстибээллэргэ киэҥник биһирэнэр, улаханнык уруйданар, аҥаардастыы айхалланар, суон сураҕырар. Ол эрээри кэнники кэмҥэ анал үөрэхтээхтэр, чинчийээччилэр саха киинэтэ бэйэтин уратытын сүтэрэр кутталлаах диэн дьиксинэллэр...

Бу туһунан Владимир Кочарян «Якутское кино. Путь самоопределения» диэн кинигэтигэр хас да интервьюга уонна ыстатыйаҕа ытырыктата аахпытым. Арай саха киинэтин төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, аксакал Алексей Романов: «Биһиги бэйэбитин сүтэриэхпит диэн итэҕэйбэппин, тоҕо диэтэххэ саха киинэтин феномена сөпкө баран иһэрбитин бигэргэтэр», – диэн эрэллээх этиитин кытта сөбүлэһиэхпин эрэ баҕарабын. Ити чиҥ санаатын режиссер «Хаар куйаар номохторо» диэн саҥа киинэтинэн итэҕэттэ.

Соторутааҕыта Н.Д. Неустроев аатынан SMART-бибилэтиэкэҕэ режиссер Алексей Романов, артыыстар Гаврил Менкяров уонна Алиса Ларионова ыалдьыттаатылар. Мин бу көрсүһүүгэ, дьиҥэр, ааҕааччы эрэ быһыытынан тиийбитим. Ол эрээри санаам буолбата, саха киинэтин аксакала Алексей Семенович Романов сүрүн этиилэрин сыымайдаан, сааһылаан, сурукка тиһэргэ холоннум.   

***

– Мин Бүтүн Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай киинэ институтугар улуу маастар Сергей Аполлинариевич Герасимовка үөрэммитим. Уһуйааччым: «Алексей, эн хаһан даҕаны өйгүттэн була-тала сатаама, бэйэҥ олоххуттан, билэр историяҕыттан, норуотуҥ култууратыттан, сүрэҕиҥ туохха сытарын ыл, ол туһунан киинэтэ оҥор», – диэн куруук сүбэлиирэ. Ити этиинэн айар үлэм тухары сирдэтинэн кэллим.

Оҕо эрдэхпиттэн кинигэ доҕордоох улааппытым. Бастаан оскуола библиотекатын бүүс-бүтүннүү аахпытым, онтон нэһилиэк библиотекатыгар барбытым. Түөрт-биэс кинигэни тута сылдьан ааҕарым. Аны кырабыттан наһаа кэпсээнньит оҕо этим. Мин тулабар куруук элбэх оҕо мустара. Хараҥа муннукка олорон абааһы, иччи туһунан сэһэргэһэрбит. Бу санаатахха, тугу ааҕан билбиппин, эһэлэрбиттэн истибиппин кэпсиирим буолуо.

***

– «Мааппа» – оҕо эрдэхпиттэн өйбөр, сүрэхпэр сөҥөн хаалбыт айымньы. Ол иһин да буолуо, бу туһунан киинэ оҥоруом диэн санаа кэллэҕэ.

Свердловскайдааҕы киинэ устуудьуйатын баазатыгар дипломнай үлэбин – «Мааппа» кылгас кээмэйдээх киинэбин оҥорбутум. Аҕыйах сыананы манна Ойуунускай балаҕаныгар, онтон атынын Свердловскай уобалас тыатыгар, хонуутугар устубуппут. Ол иннинэ артыыстарбын Маргарита Борисованы, Дмитрий Михайловы кытта Николай Заболоцкай-Чысхааҥҥа бара сылдьыбыппыт, суруйааччы көҥүлүн ылбыппыт. Киниттэн бу номох хайдах үөскээбитин ыйыталаспытым.

1893-1894 сылларга аан дойду үрдүнэн хара уоспа турбут, элбэх киһи олоҕун илдьэ барбыт. Сахалар ыалдьыбыт дьону, ыалы алааска хаайан кэбиһэллэр эбит. Кинилэргэ ким да сылдьыбат, кэлбэт-барбат, аһыммыт дьон ыраахтан ас хаалларан ааһаллара диэн кэпсииллэр. Ол эрэйдээхтэр ыалдьан да, соҕотохсуйууттан да өлөллөр эбит. Ол дьон үөр буолбуттар диэн кэлин номох үөскүүрэ.

***

– Дьиҥинэн, бу айымньынан киинэ салгыытын хас да хайысханы тутуһан оҥоруохха сөп этэ. Бастаан Мааппа эрэ туһунан киинэни уһулуохпун баҕарбытым. Соҕотох хаалбыт кыыс олоххо, тапталга тардыһыытын, үс сылы быһа хайдах эрэйдэммитин туһунан. Онтон Любалыын (режиссер Любовь Борисова туһунан этэр – Аапт.) хайдах эрэ атыннык, дьону-сэргэни тардар гына оҥоруохха диэн түмүккэ кэлбиппит. Инньэ гынан ити устуоруйаны толкуйдаан таһаарбыппыт.

***

– Киинэ үгүс санааттан, толкуйтан, элбэх эрэйтэн оҥоһуллан тахсар. Дьоҥҥо туох сыаннаһы көрдөрүөххүн, туох өйдөбүлү тиэрдиэххин баҕараҕыный? Бу сүрдээх эппиэтинэстээх үлэттэн кэлэр.

Аан дойду норуоттарыгар барыларыгар «Мааппа» курдук номохтор баар буолуохтарын сөп. Ол эбэтэр олоххо баар үйэлээх сыаннастар тустарынан төһө баҕарар атын хайысханы тутуһан, атын дьоруойдары киллэрэн, киинэ оҥоруохха сөп.

Киинэбит иннигэр Омар Хайям түөрт строкатын киллэрбиппит:

Нет голов где не зрела бы тайна своя,

Сердце чувством живет, ничего не тая,

По дороге своей идет каждое племя...

Но любовь – ураган на путях бытия! 

Ити тыллары киһи хайдах баҕарар толкуйдаан таһаарыан, быһаарыан сөп.

«Хаар куйаар номохторо» хас да бэстибээлгэ кытынна, үрдүк сыанабылы ылла. Дьиктитэ диэн, саха көрөөччүтэ эрэ буолбакка, атын омук дьоно киинэ ис хоһоонун, суолтатын биир тэҥник өйдүүллэр. Ол иһин этэбин – аан дойду дьонугар үйэлээх сыаннас биир эбит.

Сорох киинэни биэс мүнүүтэнэн умнан кэбиһиэххин сөп. Оттон эн киинэҥ кэнниттэн дьон толкуйга түһэр буоллахтарына, ол аата мээнэҕэ оҥорботох, туох эрэ суолталааҕы айан таһаарбыт эбиккин диэн санааҕа кэлэҕин.

***

– Сүрүн дьоруойдары оонньуур артыыстарбытын туох да кастина суох талбыппыт. Артыыспыт да аҕыйах, барыларын билэр буоллахпыт. Дьиҥэр, Ылдьаа оруолун Саха тыйаатырын артыыһа толоруохтаах этэ, ону көҥүллээбэтэхтэрэ. Онон Федот Львову кэпсэппиппит. Кини «Сааскы кэм» киинэбэр оонньообута, онон эрдэ бииргэ үлэлээбиппит. Бу киинэҕэ атыннык арыллыаҕа диэн хара бастакыттан эрэммитим.

Гаврил Менкяров ханнык баҕарар оруолу толоруон сөп. Киинэҕэ хаһан баҕарар омсолоох дьоруой баар буолуохтаах, кини ону табыллан туран арыйда. Биир киһи бассаабынан: «Гаврил Менкяров туох алдьархайдаах артыыһый. Соторутааҕыта эрэ «Триумф» киинэҕэ Пинигин буолбута, оттон манна олох чыҥха атын, омсолоох дьоруойу оонньоото. Киниэхэ махталбын тиэрдиҥ», – диэн суруйбут этэ. Режиссер быһыытынан Гаврил дьоҥҥо атыннык арыллыбытыттан, артыыс кыаҕын, маастарыстыбатын көрдөрбүтүттэн үөрэбин. Алисаны (Алиса Ларионова, Килук оруолун толорбута – Аапт.) көрөөт да, тута барсар эбит дии санаабытым.

Артыыстарбыт бары бэйэлэрин уобарастарын арыйан, көрөөччүнү итэҕэттилэр дии саныыбын, таба тайаммыт эбиппин диэн астынабын, кинилэргэ махтанабын.

Кэнники сылларга саха артыыстарын оскуолата үөскээбититтэн үөрэбин. Урут тыйаатырдыы оҥорон саҥарыы баар этэ. Билиҥҥи артыыстар оннук оонньооботтор, кинилэр дьоруойдарын олоҕун «олороллор».

***

– Киинэҕэ саха артыыстара эбээннии саҥарар эпизодтара – биир эппиэтинэстээх түгэн этэ. Биһиэхэ эбээн поэтессата, ХИФУ профессора Варвара Белолюбская-Аркук көмөлөспүтэ. Устуу кэмигэр тэбис-тэҥҥэ сылдьыһан, артыыстары кытта үлэлэспитэ. Сөпкө саҥаралларыгар эрэ буолбакка, интонацияларыгар эмиэ болҕомтотун уурбута.

Пресс көрдөрүүгэ араас общиналартан ыалдьыттары ыҥырбыппыт. Онно наһаа долгуйбутум. Артыыстарбыт сөпкө саҥараллар дуу, суох дуу диэн. Хата, киинэни көрөн баран бары астыммыт этилэр. Онтон олус үөрбүтүм. Эбээн тыла саха киинэтигэр эрэ буолбакка, аан дойду киинэтигэр бар дьоҥҥо бастакытын таҕыста.

Киинэҕэ кыра да бытархайга сыыһыа суохтааххын. Дьоруой таҥаһа-саба (тимэҕэр тиийэ), тутта-хапта сылдьыыта, быһыыта-таһаата итэҕэтиэхтээх. Оччоҕуна эрэ көрөөччү ылынар.  

***

– Киинэҕэ, киинэ тылыгар хаһан баҕарар символлар баар буолаллар. Ол анаан-минээн айыллыбат, киинэ сюжетын, ис санаатын кытта бииргэ сылдьыахтаах. Ону режиссер ууран биэриэ суохтаах, көрөөччү хайдах ылынарынан, бэйэтэ толкуйдаан таһаарыахтаах. Ардыгар кириитиктэр, көрөөччүлэр сценарийга анаан суруйбатаххын да өйдөөн көрөллөрүттэн соһуйабын. Бастакы киинэттэн хатыланар хас да символ уобараһы киллэрэ сатаабыппыт. Ону үгүстэр бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт.

***

– Киинэбит прокакка тахсарыгар дастабырыанньабытын 12+ диэн ыла сатаабыппыт. Хомойуох иһин, Арассыыйа култууратын министиэристибэтэ 18+ диэн хааччахтаан, биһиэхэ улахан мэһэйи таһаарда. Көрөөччүбүт аҥаарын сотон кэбистилэр. Учууталлар «Мааппаны» оскуолаҕа тохсус кылааска ааҕабыт, кылааһынан көрүөхпүтүн баҕарбыппыт диэн эрийэллэр. Дьиҥэр, биһиги киинэбитигэр оҕолорго сөбө суох улахан туох даҕаны суох ээ...

 

Хаартыскалар: киинэ афишата, ааптар түһэриитэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....