22.07.2021 | 18:28

Аан дойду 2021 — чемпионката

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ улаханнык үөрдүбүт Матрена Ноговицынаны кытта 100 харахтаах дуобакка аан дойду чемпионката буолбутунан төлөпүөнүнэн  эҕэрдэлээн интервью ыллым.

Матрёна Ноговицына – 1991 с. сэтинньи 6 күнүгэр Чурапчы улууһугар Мугудайга төрөөбүтэ.  64-100 харахтаах дуобаттарга  араас саастаахтарга  аар-саарга кыайыыларын аахпакка, аҥаардас 100 харахтаах дуобакка дьахталларга эрэ ситиһиилэрэ маннык: 2004 сылтан  Арассыыйа дьахталларга элбэх төгүллээх чемпионката. Аан дойдутааҕы таһымнаах  гроссмейстер (GMIF). Аан дойду 2010 с—үһүс, 2011 с—иккис призера. 2021 с—чемпиона. Европа 2018 с. чемпиона  уонна үс төгүллээх боруонса призера. (2004, 2008 и 2016). Аан дойдуга чаҕылханныы оонньууга үстэ, түргэҥҥэ биирдэ бастаталаан турар.

Николай Кычкин,
Гурий Турантаев өтө көрүүлэрэ... 

- Матрена, дьэ, кэтэспит кэтэһиибитин улахан мэтээли аҕаларга эрэлбитин толорбуккунан эҕэрдэ! Саханы аатырдыбыккар Махтал!

- Махтал! Элбэх киһи инньэ маарынныырдык эттэ.

- Мин от ыйын киэһэтигэр тоҕо эрэ Юрий Егоровичка (Никифоровка федерациятын дуобат вице-президенигэр) эрийбитим. Эйиигин бастыахча буолла, кыайарын туһугар таҥараҕа үҥүөх, дьоҥҥо эмиэ үөһээлэртэн көрдөһөллөрүгэр тиэрт диэбитэ. Этиитин толорон утуйбатаҕым. Онтон түүн үөһэ биир туур иннинэ бастыырыҥ биллибит сураҕа тилийэ көппүтэ. Николай Николаевич Кычкин оҕонньор  баара буоллар төһө эрэ үөрэр этэ...

- Оннук ээ.

- Кини мин улахан доҕорум этэ. Ганя Колесов алтыс кылааска үөрэнэ сылдьан, Звениградка аан дойду чемпионатыгар оонньууругар, ол куоракка тиийэн билсибитим. Дьиэбэр хоно кэлэрэ.  Эн, олох кыра эрдэххинэ: “Уйбаан, болҕомтоҕун Матрена Ноговицынаҕа уур эрэ. Дьэ, киниттэн көрүөҥ...” диэн турар.

- Ээ.

- Николай Николаевичка хас сыллаахтан эрчиллибиккиний?

- 2001 сылтан.

- Юрий Егоровичтаах дуобат-саахымат киинин иннигэр Николай Николаевич бааматынньыгын туруорарга туруорса сылдьаллар. Билигин саамай болҕомто киинигэр киирбит кэмҥэр өйөө эрэ.

- Өйүү сылдьабын.

- Өссө Бээрийэҕэ улуу эмчит  Гууруй Турантаайап дьиэтигэр ийэлээх аҕаҥ: “Кыыһыҥ бу маастар буолла”, диэн махтаммыттара. Эн киниэхэ эмтэммитиҥ дуо?

- Суох, ийэм Уус-Алдан Түүлээх. Кини ийэтэ – эбэм Гурий Ивановичтыын бииргэ оонньоон улааппыт.

- Ытык Кырдьаҕас ыраахтан алгыырынан көмөлөһөр диэн махтанан эрдэхтэрэ. Таллиҥҥа күрэхтэһии саҕаланыан иннинэ ыйытык ыыппыт дьон эйиигин бастыа диэбиттэрин психологическай сабыдыал оҥороору тарҕаппыттарыгар эн, күрэхтэһии кэмигэр билбэккэ хаалбыккын. Ол үрдүнэн махтаммыккыттан үөрдүм. Бастакытынан, саха үөрбүтүн да биллэрэри оччо сатаабат. Эн дьонуҥ курдук барыга мэлдьи махтанар үтүө майгылаах эбиккин. Иккиһинэн, күрэхтэһиигэ атыҥҥа аралдьыйбакка түмүнэр эбиккин.

 

Өйү сайыннарар эйгэ

- Дьиэҕэр оҕо эрдэххиттэн наар өйү сайыннарар  эйгэ баар эбит. Ол бары сайдыыгытыгар көмөлөстөҕө.

- Оннук.  Аҕам Степан Тимофеевич – дуобакка маастарга кандидат. Бииргэ төрөөбүттэрэ дуобакка, уксааҥҥа кыайа сатыыртан атыны билбэттэр.

- Дуобат диэн баран муннукка ытаабыт дьон буоллаҕа.

- Ол чахчы. Аҕам –Арассыыйа бочуоттаах тутааччыта. Төрүт уус, Мугудай. Эбэм аймахтара Варламовтар эмиэ бары дуобаччыттар. Эһэм 2007 сылга бу сиртэн барыар диэри куһаҕана суох оонньуура, Быйыл 100 сааһын бэлиэтиэхпит.

Ийэм Мария Николаевна ахсаан уруогар үөрэтэрэ, Өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх учуутала. Билигин пенсияҕа олорор. Убайдара бары техническэй үөрэхтээхтэр. Бииргэ төрөөбүттэр иккиэбит. Эдьиийим – экономист.

- Эн дуобат быраабылатын хаскар өйдүүр буолбуккунуй?   

- Биэс сааскыттан оонньуур буолтуҥ дииллэр.

 

«Ыал буолууну дьэ быһаарыам»

Спорка улахан таһымҥа киирсэргэ аралдьыйыы сүрүн сорукка тиэрдэри мэһэйдиир. Ол иһин тренердэр иитээччилэрин атыны санаабакка, туох-баар өйдөрүн-санааларын, сэниэлэрин-күүстэрин  хайдах  дьарыктанарга, күрэхтэһэргэ түмэргэ туһаайаллар. Ыал буоллаҕына, кыһалҕа элбээн аралдьыйыа, онтон мөлтүө диэн уол-кыыс чугаһыылларыттан “көҥөнөллөр”, “мэһэйдэһэллэр”.

«Кыыһым атынынан дьарыктаныан өйүм хоппот, - диир ийэтэ Мария Николаевна.—Дуобаттан атыҥҥа иллэҥ кэми да ордорбот. Быыс буллар эрэ кинигэ ааҕар, ас бэлэмниир, доҕотторун-дьүөгэлэрин көрсөр,  айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Мин төрөппүт быһыытынан кини спорка кыайыылары сэргэ  ийэ дьолун билиэн баҕарарбын. Онуоха күлэ-үөрэ 100 харахтаах классическайыгар аан дойду чемпиона буоллахпына ыал буолууну дьэ толкуйдуом диэн кэбиһээччи...”

Ийэтин кэпсээниттэн да Матрена саханы ааттатар туһугар хайдах дьулуспута көстөр. Матрена Ноговицына 2013 с. Чурапчы спорткыһатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитэ. Санкт-Петербурга үп уонна экономика үөрэҕин, ол кэннэ Чурапчытааҕы физкультурнай институт бакалаврын, былырыын магистрын бүтэрбитэ. Үөрэххэ хайдыыта да буолуо, дуобакка аан дойду чемпионаттарыгар 2011 кэннэ ситиһиилэрэ намтыы сылдьыбыта.

Билигин  Д.П.Коркин аатынан үөрэммит кыһатыгар  тренердиир. Кини курдук ааттаах сулустар  саалаҕа киирэллэрэ да оҕону үрдүккэ угуйарын күүһүрдэр. Матрена коллегаларын кытта эрчийэр иитээччилэриттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи, Арассыыйатааҕы түһүлгэлэргэ миэстэлэһэллэр. Тренердиирэ бэйэтэ эрчиллэригэр туһалааҕа биллэр. 

 

Баҕа туолуута

Матрена Ноговицына уо.д.а. сотору-сотору “аан дойду чемпиона буолан кэллэ” диэн көрсүһүү буолбутун туһунан көрдөрүү, иһитиннэрии, суруйуу  тахсааччы.

Ол иһин үгүстэр:”Хайдах сахаттан бастакы  чемпион буолла диигит?”—диэн соһуйаллар. 

Быһаардахха маннык: нуучча (64 харахтаах)  дуобатыгар классическай көрүҥэр Александр Азаров аан дойду чемпионатыгар бастакы мэтээли (боруонсаны), гроссмейстер аатын эмиэ маҥнайгынан ылыаҕыттан, итинник түһүлгэҕэ аан аһыллан,  Гаврил Колесов, Николай Стручков, Николай Гермогенов, Андрей Федотов, Матрена Ноговицына уо.д.а. элбэхтэ бастаабыттара. Сорохторо 100 харахтаах дуобакка түргэн, чаҕылханныы оонньууларыгар аан дойду чемпиона буолтара. Ол эрээри саамай официальнай чемпион—классическай оонньууга элбэх очкуону ылааччы. Оттон 100 харахтаах дуобакка ордук элбэх дойду кыттар. Оннукка “классическайга” аан дойду чемпионнанарга Николай Николаевич Кычкин үгэннээн үлэлиир кэмин саҕаттан сүрүн сорук турбута. Кыаллыбакка сылдьыбыта. 

Ноговицына дьахталларга аан дойду чемпионун аатын сахаттан бастакынан, Арассыыйа туспа дойдунан киирсэр буолуоҕуттан иккиһинэн ылла.

 

«Хаһааҥҥытааҕар даҕаны...»

- Хас күрэхтэһиигэ бэлэмнэниигэ, ордук Аан дойду чемпионатыгар улахан сырабын уурабын. Тренердэрбит уруккуттан эрчиллии программатыгар сүүрүүнү, тенниһи хайаан да киллэрэллэрэ. Теннискэ дуобаччыттар бары үчүгэйдик оонньуур буолан, сынньанабыт. Эрчиллэр чааспын бу  сырыыга остуолга да, эт-хаан эрчиллиитигэр да хаһааҥҥытааҕар даҕаны элбэппитим. Ол туһалаата. Сорохтор сылайа быһыытыйбыттара биллибитэ, мин сындалыйбатым.

- Билигин эн, икки тренери сурунаҕын. Кинилэр эйигин кытта хайдах үлэлииллэрий?

- Аан дойду 100 харахтаах дуобакка элбэх төгүллээх чемпиона Александр Сергеевич  Георгиев сүнньүнэн онлайнынан хас утарсааччыбар анаан стратегическай оонньуубун таба аттарыыга  көмөлөһөр. Бэйэтэ күрэхтэһээччи, ол быыһыгар сүбэлээччи-амалааччы. Бу сырыыга кэлбэтэ. Онлайнынан хаста да сүбэҕэ холбоно сылдьыбыта. Николай Гермогенов эр дьоҥҥо оонньуурун быыһыгар (10-с буолла—И.У.) миэхэ ордук ырытан бэлэмнэниигэ  улаханнык көмөлөстө.

- Оттон Николай Кычкин—II?

- Николай Николаевич тэрээһинин кыайар. Сочиттан Арассыыйа чемпиона буолан кэлэрбин кытта, Чурапчыга Айсен Андреевы, Айника Колодезникованы спарринг-партнердарынан анаппыта. Бииргэ үөрэммит оҕолорум Ира Платонова, Айыына, Ангелина кэлэн спарриннаһан барбыттара. Оскуолабыт оҕолоро оонньоһон көмөлөспүттэрэ.

 

Таллиҥҥа табыллыы...

Аан дойду чемпионатын күрэхтэһиитэ  Таллинн куоракка Бэс ыйын 28 күнүттэн - от ыйын 14 күнүгэр диэри 15 күн устата ыытылынна. Итиччэ өр кэмҥэ  түөрт континентан 9 дойду 16 спортсменката  бэйэ-бэйэлэрин хас биирдиилэрин утары атах тэпсэн 15 тур оонньоотулар. Онуоха биһиги кыыспыт түһүлгэ бүтүө биир тур иннинэ чемпионнаабыта билиннэ. Түмүгэр кыайыыга иккилии очкуо, тэҥнэһиигэ биирдии очкуо сурулларыгар  30-тан 24 очукуоланна! Итинэн иккис буолбут аан дойду сэттэ төгүллээх чемпионката  Тамара Тансыккужинаттан (Башкортостан) икки очкуонан чорбойдо. 

Үһүскэ Виктория Мотричко (Украина) таҕыста. Аан дойду элбэх төгүллээх чемпионката Наталья Садовска (Польша) бу сырыыга миэстэҕэ киирбэтэ, төрдүс буолла.

- Таллиҥҥа эн табыллаҕын быһылаах.

- Бу ити куоракка төрдүс күрэхтэһиим. Урут оҕолорго  Европа чемпионатыгар бастаабытым, дьахталларга Европаҕа оччо табыллыбатаҕым, үһүс буолтум.

 

Арассыыйаны өйөөн

- Тансыккужина аан дойду 2020 с. чемпионун аатын көмүскүүрэ көһөрүллэн 2021 с. олунньуга буолта. Онно Арассыыйа былааҕын остуолуттан  ылан, уурдарбакка айдаан бөҕө буолта. Хата, матчка Садовска тэҥ балаһыанньаҕа оонньуубун диэн былааҕын ылбыта. Инньэ гынан дуобакка болҕомто, сэҥээрии өссө күүһүрдэ, кэҥээтэ.  Онто суох Тансыккужина Норуоттар доҕордоһуулара уордьанынан наҕараадаланыа суох этэ. Прибалтикаҕа Арассыыйалары  националистар “нууччалар” диэн араастаан сордуу сатыылларын уруккуттан элбэхтик суруйаллар, көрдөрөллөр.   Мэһэй оҥорботулар дуо?

- Арассыыйа РФ дуобакка федерациятын аатынан киирэрэ эрдэттэн быһаарыллыбыта. Онон былааҕы таһаара сатаабатахпыт.   Биһигини өйөөн, тэҥ балаһыанньаҕа оонньуубут диэн күрэхтэһээччилэр дойдуларын былааҕын остуолга туруорбатылар. Оҕо эрдэхпититтэн мэлдьи алтыһар буолан бэйэ-бэйэтибитигэр истиҥник, чугас дьүөгэлии сыһыаннаһабыт.

- Таллинн түһүлгэтигэр  тоҕуста кыайдыҥ. Хотторууну билбэтиҥ, алтата тэҥнэстиҥ. Онтон ордук ханнык партияҕын  ордороҕун? 

- Гроссмейстердары хайдах киирсии ордук сыаналанар. Ткаченко Дарьяны, Федорович Ольганы, Федорович Дашаны кыайдым.

- Дуобакка хас баҕарар сааска диэри оонньуохха сөп. Зоя Голубева (Беларусь-Литва) бастакытын  аан дойдуга 1986 сыллаахха чемпионнаабыта, ол кэннэ 31 сыл буолан баран 2017 сыллаахха 15-с төгүлүн итинник үрдүк ааты ылары 50 сааһыгар ситиспитэ. Эн, билигин отуккар чугаһаатыҥ,  күөгэйэр күнүҥ. Дьэ, бачча кыаҕы ылбычча элбэхтэ бастыырга түһүнэн кэбиһэр буоллаҕыҥ.   

- Чугастааҕы кэмҥэ саамай сүрүн сорукпун сиппитим быһыытынан, дууһам уоскулаҥ ыларын курдук оонньуом. Матч-реванш сыл курдугунан буолуо.

- Ханна буоларый?

- Биллибэт. Сынньанан баран онно бэлэмнэниэм. Ол кэннэ көстөн иһиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...