ААҔААЧЧЫЛАРБЫТЫГАР МАХТАНАБЫТ!
Ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги хаһыаппыт 20 сыллаах үбүлөйүн дьаһалта дьиэтин улахан саалатыгар бэлиэтээтибит. 20 сылы дирбиэннээхтик-дарбааннаахтык бэлиэтээбэттэр эрээри, билиҥҥи үйэҕэ ордук сахалыы тахсар хаһыакка 20 сыл диэн үчүгэй саас. Ахсааннаах хаһыат бачча сааһыгар тиийэр үйэтигэр олоробут...
Үбүлүөйбүтүн быйыл астаах остуолга олорон, кэнсиэрдээн эҕэрдэлэһэн буолбакка, ааҕааччыларбытын Дьокуускай салалтатын, баһылык Сардаана Владимировна Авксентьеваны кытта көрсүһүннэрбиппитин бэйэбит даҕаны кэрэхсээтибит.
“Киин куорат” хаһыат бастакы нүөмэрэ 1999 сыллаахха атырдьах ыйыгар тахсыбыта. Биһиги хаһыаппытыгар бу сыллар тухары саха суруналыыстыкатыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыт, билигин айа-тута сылдьар, чахчы ааттаах-суоллаах дьон үлэлээн ааспыттара. «Киин куорат» Дьокуускай куорат соҕотох сахалыы тыллаах официальнай хаһыатын аатын сүгэн кэллэ.
Сардаана Владимировна эҕэрдэ тылыгар: “Куорат сахалыы хаһыаттаах буолуохтаах, хаһыат өссө да тахса туруо”,- диэбитин үөрэ иһиттибит. Дьокуускай куорат социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын уонна өр сыллаах бэриниилээх үлэлэрин иһин куорат дьаһалтатын Бочуоттаах грамоталарынан кэллиэгэлэрбит Галина Спиридонова, Айталина Софронова, Розалия Алексеева, Сардаана Багынанова, таҥааччы Василий Павлов, буҕаалтыр Татьяна Алексеева наҕараадаланнылар, эрэдээктэр Уйбаан Ушницкай түөскэ иилиллэр үрүҥ көмүс бэлиэнэн бэлиэтэннэ. Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун Бочуоттаах грамоталарынан Наталья Кычкина, Розалия Томская, Сардаана Багынанова наҕараадаланнылар.
Биһиги хаһыаппыт тахсарын тухары уопсастыбаннай корреспонденнардаах, эрэдээксийэҕэ суруктарын аҕала турар дьонноох буолан сэргэх. Ол курдук, Анна Козлова уонна сканворд ааптара Мария Степанова дьаһалтаттан Махтал суруктары тутан үөрдүлэр.
Дьоро киэһэни Ырыа Саарын, Кирилл Матвеев, Константин Мохначевскай ырыалара киэргэттэ. Ыҥырыылаах ытык ыалдьыттарбыт алгыстара, эҕэрдэлэрэ сырдыкка сирдиэҕэ.
МАННЫК КӨРСҮҺҮҮГЭ ДЬОН НААДЫЙАР
Тэрээһиммит күүтүүлээх чааһынан ааҕааччыларга, Дьокуускай олохтоохторугар “көҥүл микрофон” биллэриллиитэ буолла. Куорат кырдьаҕас олохтооҕо Василий Иннокентьевич Сорокоумов куорат сытыы кыһалҕатын – көҕөрдүү боппуруоһун таарыйда, бэйэтэ туспа көрүүлэрин кэпсээтэ.
Кыраайы үөрэтээччи, историк Пантелеймон Пантелеймонович Петров-Хардыы 2020 сылга бэлиэтэнэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар Дьокуускай куорат “Килбиэннээх үлэ куората” диэн ааты ылыахтаах диэн санаатын иһитиннэрдэ. Историк Дьокуускай куорат дьоно Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана оборона пуондатыгар киирбит үп 1/3 хомуйбуттара, “Аляска-Сибиир” штаба манна баар этэ – 8000 сөмөлүөт түһэн ааспыта, онтон да атын кыайыыны уһансыбыт сүҥкэн кылаатын бигэргэтиэххэ наада диэн мээргэ туһаайан эттэ.
“Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта Вилюяна Никитина быйылгыттан «Киин куорат» хаһыакка «Төрөппүт кыһата» диэн саҥа рубрика арыллыбытыгар махтанан туран, билигин киин куоракка сытыытык турар сахалыы иитии, үөрэтии кыһалҕатын туһунан кэпсээтэ. Бу хайысхаҕа урут дьаһалта таһымыгар торумнаах үлэ син ыытыллар эбит буоллаҕына, бу кэнники сылга ол үлэ олус мөлтөөтө диэн бэлиэтээтэ. Үөрэх управлениетыгар сахалыы иитиини, үөрэтиини салайар туспа исписэлиис наадатын, урут оннук үлэһит баар эбитин туһунан түмсүүтүн дьонун санаатын аһаҕастык эттэ. Саха тылын уонна литературатын предметин, учууталларын статустарын үрдэтии туһунан салалтаны кытта мустан кэпсэтиэхтэрин, былааннаахтык үлэлиэхтэрин баҕаралларын иһитиннэрдэ. Баһылык тута Үөрэх управлениетын салайааччыта А.К.Семеновы кытта салҕыы баран кэпсэтиҥ, сүбэлэһиҥ диэн салайан биэрдэ. Көрсүһүүгэ Алексей Климентьевич бэйэтэ баар буолан, тута сөбүлэстэ.
Филологическай наука кандидата, түөрт оҕолоох ийэ, аан майнагы сахалыы ИСТИҤ диэн подкаст ааптара, сахалыы суруйар блогер Елена Копырина оҕону сахалыы саҥардыыга аныгы технологиялары туһаныахха диэн ыҥырда, ыччаты сахалыы тыыҥҥа иитэр төрөппүттэр “Бэргэн” диэн түмсүү тэринэн олус туһалаах көрсүһүүлэри ыыталларын туһунан кэпсээтэ. “Бэргэннэр” 3 ый устата номнуо 5 көрсүһүүнү ыыппыттар, онно 100-чэкэ төрөппүтү хабан үлэлээбиттэр. Куораттааҕы үөрэх салалтатыттан оскуолалар истэринэн үлэлиир төрөппүттэр кэмитиэттэрин кытта тэҥҥэ үлэлиирбитигэр кыахта биэриҥ, дьаһалта сахалыы эйгэни кэҥэтиигэ үлэни көҕүлээн социальнай бырайыактарга грант олохтоотун, уопсай тэрээһиннэри сыллааҕы үлэ былааныгар дьүүллэһэн киллэриэххэ диэн туруоруста.
“Ийэ тыл кэскилэ” түмсүүттэн Дьулустаан Иванов куорат сахалыы тыллаах төрөпүттэригэр үөскээбит кыһалҕаҕа болҕомто ууралларыгар ыҥырда. Ол курдук, “төрөппүт оҕотун уһуйааҥҥа уочаракка туруорарыгар тоҕо үөрэтэр тылын талар кыаҕа суоҕуй?” диэн ыйытта. Салайааччылар “Сахалыы бөлөхтөр” суохтар дии олороллорун тохтотуохха диэтэ.
Бириэмэ ыгым буолан, элбэх ыйытыы иһиллибэккэ хаалла эрээри, маннык тэрээһин бар дьоҥҥо наадатын, инникитин өссө да барыахтааҕын көрдүбүт.