24.12.2020 | 14:09

АҺЫМАЛ ААХСЫЙАҔА КЫТТЫҺЫҤ!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 26 уонна 27 күннэригэр Социальнай остолобуой биирдиилээн дьоҥҥо саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри уонна бырааһынньыктааҕы эбиэттэри түҥэтэр былааннаах.

Аһымал аахсыйаҕа элбэх оҕолоох, кыаммат ыаллар, инбэлииттэр, соҕотох олорор биэнсийэлээхтэр уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон хабыллыахтара. Үтүө санаа аахсыйатыгар кыттыһыан баҕалаахтары, спонсордары минньигэс бэлэхтэри, кырачааннарга оонньуурдары хомуйарга кыттыһарга ыҥыраллар.

Маны тэҥэ, бэлэхтэри түҥэтэргэ массыыналар наада буолуохтара.

Аһымал аахсыйаҕа кыттыһыан, саҥа дьыл алыптаах кэмигэр кыамматтарга араас көмөнү оҥоруон баҕалаахтар, И.Б.Гузоваҕа эрийиҥ. Төл.: 89142743942

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....