Аҕам уонна абаҕам
Киһи олоҕор төрөппүт күндү дьоно, ийэлээх аҕата суох да буоллаллар куруук аттыгар бааллар, үөһэттэн көрө, арыаллыы, ыарахан кэмҥэр көмөлөһө, сүбэ-ама буола сылдьаллар. Биир бэйэм төрөппүттэрбин өрүү ахта, аттыбар баалларын курдук саныы сылдьабын. Арай билигин баар буоллуннар, билиҥҥи олохпутун-дьаһахпытын, сиэннэрин көрдүннэр, кырдьаҕас дьиэлэрин кэлэн өҥөс гынныннар диэн оҥорон көрөбүн. Кинилэр барыбытын үөһэттэн араҥаччылыы сылдьалларыгар саарбахтаабаппын.
Үйэлэргэ умнуллубат үтүө өйдөбүл
Аҕам Көстөкүүн Бэрииһэп сэттэ оҕоттон саамай кыралара, биэс эдьиий, биир убай атаахтатан, көрөн-истэн, бүөбэйдээн, иитэн таһаарбыт оҕолоро этэ. Кини Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгэр бэс ыйын 3 күнүгэр – Саар Көстөкүүн, анды таҥаратын күнүгэр, 1923 сыллаахха күн сирин көрөн Көстөкүүн диэн ааттаммыта.
Оҕо сылдьан сүрдээх сытыы-хотуу уолчаан үһү. Оскуола боруогун Чараҥайга атыллаабыт. Алта сыл убайа Уйбаан кинини оскуолаҕа киллэрэригэр хараҕын саба баайбыт үһү. Ол аата оҕотун сөхтөрөөрү, хаһан да харахтаабатах улахан дьиэтин көрдөрөөрү, соһутаары, үөрдээри гыннаҕа. Аҕам үөрэҕи бэрт улгумнук ылынан, алта кылааһы ситиһиилээхтик бүтэрбит. Чараҥай кинилэр кыстык сирдэриттэн ботуччу ыраах сир. Ону күһүн муус турдаҕына, хаҥкынан үрэх устун тэбэн үөрэнэ барара диэн кэпсииллэрэ. Аҕам ол саҕаттан бэйэтин кыанар эбит. Кини мээчиктиирин, сүүрэрин сөбүлүүрэ, оройуоҥҥа тиийэ күрэхтэһиигэ кыттара. Волейбол сетката, теннис остуола тэлгэһэбитигэр куруук турара, илинтэн, арҕааттан оҕолор, ыччаттар кэлэн мустан оонньууллара. Аҕам оҕону кытта оҕо, кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас буолара.
Партизан Заболоцкай сопхуоска тэпилииссэ тутуллуутугар аҕам улахан өҥөлөөх. Ол курдук, кини 1948 сыллаахха оройуон киинигэр Бороҕоҥҥо киирэн, Ленин аатынан холкуос 1-кы Лөгөй нэһилиэгин звеневода Борисов К.К. 100 чаастаах кууруһу бүтэрбитин туһунан дастабырыанньа туппут. Ол түмүгэр түөрт сочуоту туттаран холкуос агротехнига диэн буолбут.
Аҕабыт оҕурсу, хаппыыста үүннэриитигэр уһуннук үлэлээбитэ. Оччолорго кини салалтатынан үлэлээбит оҕолор (билигин сорохторо кырдьаҕастар, сорохторо бу күн сиригэр суохтар) кэпсииллэринэн, аҕабыт кинилэри кытта тэҥҥэ оонньоһон, үлэни, сынньалаҥы дьүөрэлээн, төһө да салайааччы буоллар олус сымнаҕас, тэбис-тэҥҥэ сырсар, лапталыыр этэ диэн олус истиҥник ахталлара.
Биһиги тээтэбит (тээтэ диэн ааттыырбыт) маны таһынан сопхуоска суотчуттуур, ревизордуур, уопсайынан, ахсааҥҥа, суокка-учуокка олус дьоҕурдаах эбит. Үөрэхтээх да дьонтон хаалсыбакка, сыыһаны-халтыны булан ылан ууга-уокка түһэртиирэ дииллэрэ.
Аҕабыт убайа Уйбаанныын уус-уран самодеятельноска олус көхтөөхтүк кытталлара. Хас да испэктээккэ бииргэ оонньообуттара. Хара Мааска оруолун толороругар оҕолор куттанан аҕай биэрбиппитин өйдүүбүн. Нэһилиэктэринэн көрүүгэ “Итирик киһи монологун” аахпытыгар, дьүүллүүр сүбэ киһигит иһэн баран тахсыбыт диэн сыанатын түһэрэ сатаабыттар этэ. Оннук итэҕэтиилээхтик, оруолугар киирэн аахтаҕа. Ол монологтан “наскы да атыыластахпына, сууйан баран тэйэрим” диэни өйдөөн хаалбыппын. Аҕабын Дьокуускайдааҕы драмтеатр кэлэктиибэ үлэҕэ ыҥырбытын убайа ыыппатах. Ол саҕана ханнык эрэ испэктээккэ сыанаҕа киһини саанан ытаары иитиилээх ботуруон түбэһэн киһи өлүүлээх түбэлтэ тахсыбыт үһү. Онон убайын тылыттан тахсыбатах. Аҕабыт уонна абаҕабыт наһаа иллээх этилэр. Убайа аҕа да буолан, урукку дьон, оҕолор улахан киһини ытыктыыр буоланнар, кини эттэ да сокуон, утары биир да тылы быктарбат, тылын куруук истэрэ дииллэр.
Аҕам биир дьикти идэлээҕэ. Хаһыаттартан кырыйан наадалаах матырыйааллары, ыстатыйалары мунньара, суруксут бэрдэ этэ, оройуон хаһыатыгар бэчээттэнэрэ. Маны таһынан көрбүт киинэлэрин 1962 сылтан суруйан, кылгас ис хоһоонун ырытан, хас гастрол кэлэн барбытын барытын суруйбут блокноттара бааллар. Аны туран, байыаннай маршаллар олохторун, мэтириэттэрин мунньубут, ону таһынан араас бэлиэтээһиннэрэ, спортивнай ситиһиилэр – барыта билигин архыып буолан хараллан сыталлар.
Аҕабыт Көстөкүүн Көстөкүүнэбис баара-суоҕа 20 сааһыгар 1943 сыллаахха уоттаах сэриигэ ыҥырыллар. Кэпсииринэн, икки аҥыы стройдаппыттар уонна арҕаа барааччылар тахсыҥ диэбиттэр. Аҕабыт, аҕыйах киһи тылланан бара сатаабыттарын тоҕо эрэ илиҥҥи фроҥҥа атаарбыттар этэ. Онно алдьархайдаах, историяҕа киирбит Монголия истиэптэрин сатыы туораан, Хинган хайаларын уҥуордаан, Япония талабырдьыттарын утары сэриилэспитэ. Мин кини кэпсээниттэн өйдөөн хаалбытым диэн хааман иһэн утуйарбыт, аччыктаан, утатан чалбахтан, бадарааннаах ууттан уулуурбут, нуучча саллааттара тулуйбакка элбэх киһи истиэпкэ хаалбыта диэннэр этэ. Биирдэ эмит кыыһырдаҕына, абардаҕына “дьоппуон баара” диэн үөхсэр тыллааҕа. Хаһан да быдьар тылы дьоммуттан истибэтэҕим, биһиги дьиэҕэ оннук тыллары ким да саҥарбата.
Аҕам иһигэр олорорбун өйдүүбүн, онно иһэ ыалдьыа диэн чэпчэкитик олоро сатыырым, саҥа бытыгыраан эрэр бытыгынан кычыгылатара, сүүспүттэн сыллыы сылдьара. Мин ыал кырата буолан, “оһоҕос түгэҕэ”, “мурун бүөтэ” дииллэрин наһаа өһүргэнэ истэрим, олох сөбүлээбэт этим. Саҥа дьыл саҕана тыаҕа тахса сылдьан Моруос оҕонньору көрдүм, мастар быыстарынан хааман иһэр диирин, билигин да ол саҕана харахпар оҥорон көрбүтүм көстөн кэлэр.
Мин олохпор бастакы улахан охсуум аҕабын сүтэрии этэ. Кини мин 11 саастаахпар ыарахан ыарыыттан бу олохтон күрэммитэ. 50 саастаах ийэбит сэттэ оҕолоох огдообо хаалбыта. Онтон үс кырата оскуола оҕото этибит.
Арай сарсыарда ийэбит киирэн: “Оҕолоор, туруҥ, аҕаҕыт барда”, – диэн баран уоту умаппыта. Мин олус соһуйбутум, ханна бардаҕай дии санаабытым. Кулуупка бохоруонаҕа тобус-толору киһи кэлбит этэ. “Көстөкүүн барахсан эдэригэр да барда”, – дииллэрин истэн, аҕам кырдьаҕас, тоҕо эдэр дииллэр дии санаабытым. Кырдьык, билигин санаатахха, 57 саас диэн күөгэйэр күнүгэр сылдьар саас буоллаҕа.
Мин аҕабынан куруук киэн туттарым. Кыайыы күнүн саҕана кылаас чааһыгар кэлэн сэриигэ сылдьыбытын кэпсиирэ, оҕолорун, биһигини наһаа таптыыра, ийэбитин олус убаастыыра. Ийэбиниин отучча сыл олус иллээхтик-эйэлээхтик олорбуттара. Биирдэ ар-бур саҥарсыбыттарын, этиһэн умайыктаналларын өйдөөбөппүн.
Кэптэни киинигэр, Эбэ үрдүгэр аҕам убайыныын наһаа үчүгэй, үтүөкэннээх сиргэ кэккэлэһэ тэлгэһэ ылан дьиэ туттан дьэндэппиттэр. Икки олбуор биир уопсай буолан, үйэлэрин тухары эйэлээхтик, ылсан-бэрсэн олорбуттара. Ону салҕаан билигин оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр орох тэппит тэлгэһэлэригэр, ытык дьоммутун кэриэстээн биир ыал буолан эн-мин дэсиһэн олоробут. Биһиги да, оҕолорбут да бииргэ төрөөбөтөх эрэ буруйдаахпыт, олус истиҥник билсэбит, бэйэ-бэйэбитин өйөнсөн, өйөһөн, дьоммут ытык кэриэстэрин салҕаан, үйэтитэн, Лөгөй сирин-уотун таптаан, сөбүлээн куруук сайын аайы кырдьаҕас дьиэбитин кэлэн сөргүтэбит, тупсарабыт, саҥардабыт. Ити курдук дьоммут сылаас илиилэринэн туппут холумтаннара, истиҥ сыһыаннара, сымнаҕас майгылара үйэлэргэ умнуллубат үтүө өйдөбүл буолуоҕа.
Киһи киэнэ кэрэмэһэ этэ
Биһиги абаҕабыт Уйбаан Көстөкүүнэбис Бэрииһэп – киһи киэнэ кэрэмэһэ, муударайа, сымнаҕаһа, тыыл бэтэрээнэ, биһиги ытыктыыр, таптыыр киһибит. “Абаҕа” диэн тыл көмүс буукубаларынан суруллар эбит буоллаҕына, биһиги Уйбааммыт олор истэригэр киирэрэ саарбаҕа суох. Кини олус сымнаҕас майгылаах, аа-дьуо ыллаан киҥинэйэр, барыбытын сүүспүтүттэн аҕалыы сыллыы сылдьар этэ.
Дэриэбинэбитигэр төһөлөөх саҥа ыалы түстээбитэ, алҕаабыта, ыал буолар остуолларын тэрийбитэ буолуой? Тамада бэрдэ, алгысчыт этэ. Кини аҕабытыттан арыый уһуннук олорбута. Ол курдук аҕабыт 1980 сыллаахха, абаҕабыт 1990 сылга күн сириттэн барбыттара.
Абаҕабыт аахха күҥҥэ хаста тиэстэрбит буолла, айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Киирии-тахсыы, кэлии-барыы буоларбыт, көҥүллэтэн хоно да тахсарбыт. Түгэх хоско абаҕабыт суруйар массыыҥката, ол аттыгар бэчээттиир кумааҕылара уонна бары ымсыырар ачыкыбыт сытар буолара. Оннооҕор биирдэ эдьиийим ачыкытын оскуолаҕа илдьэн кэтэн олорор үһү диэн көрдөөх түгэн баара.
Абаҕабыт сэрии буолбутугар аармыйаҕа ыҥырыллан баран, трахомаҕа быһа сиэппит хараҕынан байыаннай хамыыһыйанан сыыйыллан, 1943 сыллаахха үлэ фронугар утаарыллыбыта да, онно да уһуннук үлэлээбэккэ, уопсай доруобуйатын туругунан 3 ыйдаах суотчут кууруһугар киирбитэ. Ону бүтэрэн Кэптэнигэ холкуоска үлэлээбитэ. 1964 сылтан сельсовет бухгалтерынан биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Уйбаан 1948 сыллаахха Суоттуттан төрүттээх Дария Дмитриевна Свинобоеваны (кэлин Борисова) кытта ыал буолбуттара, биэс уол, биир кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Сталин төбөлөөх мэтээли иккиэн ылбыттара, кэлин үлэ уонна тыыл бэтэрээннэрэ буолбуттара.
Абаҕабыт Иван Константинович селькор, өрөспүүбүлүкэ, оройуон хаһыаттарын, өрөспүүбүлүкэтээҕи араадьыйа штаты таһынан кэрэспэдьиэнэ этэ. Олохтоох араадьыйаҕа, оройуон хаһыатыгар суруйбут матырыйаалларын ааҕан сиппэккин. Холкуос, кэлин сопхуос күннээҕи олоҕор буолар түгэннэр ымпыктарын-чымпыктарын кылгастык уонна чуолкайдык суруйбута элбэх. Итини таһынан бэйэтин күүһүн уус-уран айымньыларга холоноро. Абаҕабыт суруйуулара араас куонкурустарга элбэхтик кыттан бириэмийэлэргэ тиксэллэрэ. «Бойбоончо» кэпсээнэ 4-с кылаас оҕолорун “Саха тыла” учебнигар толору кээмэйинэн тахсыбытын улахан уола, СӨ үтүөлээх артыыһа, Ньурбатааҕы көһө сылдьар тыйаатыр артыыһа Борис Борисов сиэнин уруогар көмөлөһө сылдьан көрөн соһуйбутун уонна үөрбүтүн кэпсээн турардаах.
Ити курдук Кыайыы 75 сылынан саамай күндү, тапталлаах дьонум, аҕам уонна абаҕам туһунан дьоҥҥо сырдатыы мин ытык иэһим буолар.