Аҕам туһунан истиҥник
Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын 5 «В» кылааһын үөрэнээччилэрэ аҕаларын туһунан истиҥ суруйууларын ыыппыттарын үөрэ-көтө таһаарабыт.
Киэн туттабын
Мин аҕам аата Федот Гаврильевич Макаров. Кини идэтинэн худуоһунньук. Россия, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха сирин искусстволарын үтүөлээх деятелэ.
Аҕам кыра эрдэҕиттэн уруһуйдуурун сөбүлүүр үһү: аттары, дьону. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр учууталлара суруйааччылар мэтириэттэрин көрдөһөн уруһуйдаталлар эбит. Ол талаанын өссө сайыннаран, улаатан баран Дьокуускай-дааҕы художественнай училищены, онтон Санкт-Петербург-дааҕы художественнай Академияны бүтэрбит.
Аҕам Саха сирин кэрийэ сылдьан, олус кэрэ хартыыналары уруһуйдуур. Кини Саха сирин хоту сирдэригэр эрэ сылдьа илик. Айылҕа дьикти, кэрэ көстүүлэрин, холобур, Өлүөнэ очуостарын дьыл араас кэмигэр сылдьан умсугуйан уруһуйдуур: сайын, күһүн, саас.
Мин мэтириэппин 2019 сыллаахха суруйбута. Уруһуйдуур кэмигэр кини иннигэр олорбутум уонна олус сылайбытым. Ол эрэн, үлэ бүттэҕинэ, кэрэ хартыынаҕа кубулуйдаҕына, дуоһуйууну ылар эбиккин.
Аҕам курдук иллэҥ кэммэр уруһуйдуурбун олус сөбүлүүбүн. Өрөспүүбүлүкэ, куорат таһымнаах күрэстэргэ ситиһиилээхтик кыттабын. Улааттахпына аҕам курдук уруһуйдьут буолар баҕа санаалаахпын.
Сардаана Макарова
Билбэтэ, сатаабата суох
Мин аҕам Иван Николаевич Татаринов 1976 сыллаахха от ыйын 5 күнүгэр Чурапчыга күн сирин көрбүтэ. Аҕам идэтинэн инженер-учуутал. Билигин бырабыыталыстыбаҕа суоппарынан үлэлиир.
Аҕам билбэтэ, сатаабата диэн суох. Оҕо эрдэҕиттэн массыына ыыта үөрэммит буолан, тиэхиньикэҕэ сыстаҕас, тимир көлөтүн бэйэтэ өрөмүөннүүр. Аҕам массыынаны эрэ буолбакка, матассыыкылы, оптуобуһу, бэл, катеры ыытар көҥүллээх. Биһигини эмиэ үөрэтэр.
Күндү киһим бултуурун, балыктыырын олус сөбүлүүр. Сааскы, күһүҥҥү куска биһигини илдьэ сылдьар. Ону таһынан үгүстүк балыктыы барааччыбыт. Биирдэ муҥхалаан уонна куйуурдаан кэлбитим. Ол эрээри күөгүлүүрбүн быдан ордоробун. Мин санаабар, күөгүнэн балыктааһын тулуурдаах буоларга үөрэтэр.
Саас аҕабытын кытта хаҥкылыыбыт. Кини биһигини туоруурга, тохтуурга уонна кэннибитинэн барарга үөрэппитэ.
Сайын аайы бары сөтүөлүүбүт. Онно аҕабыт биһигини харбыырга, умсарга үөрэтээччи. Биир күн аҕабыт тимирэ сыспыт икки кыыһы быыһаан таһаарбыта. Аҕам ол дьоруойдуу хорсун быһыытыттан олус сөхпүтүм уонна астыммытым.
Мин аҕабын халыҥ хаххам, суон дурдам курдук саныыбын. Кинини олус таптыыбын, кининэн киэн туттабын.
Тимур Татаринов
Биһиэхэ үтүө холобур
Биһиги аҕабыт аата Атласов Петр Алексеевич. Иллээх дьиэ кэргэн халыҥ хаххатын, бас-көс киһитин убаастыыбыт.
Аҕабыт инженер-механик үөрэхтээх. Билигин кини оҕо уһуйааныгар араас үлэҕэ үлэлиир.
Мин аҕам наһаа үлэһит, барыны бары сатыыр. Кини үтүө холобурунан дьыл кэминэн дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстабыт: хаар күрдьүү, муус киллэрии, мас эрбээһин, хаар түһэриитэ, таһыыта, оҕуруот олордуу, үүнээйини көрүү-харайыы уонна да атын. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ эр киһи, дьахтар үлэтэ диэн араарыы суох. Аҕам олус минньигэстик астыыр. Ийэбитигэр истиҥ, харыстабыллаах сыһыаҥҥа киниттэн үөрэнэбит.
Кини төрүттэригэр күүстээх, кыанар дьон бааллара. Эһэбит Алексей Атласов биллэр тустуук этэ. Онон аҕабыт эмиэ кыанар киһи – тустуунан, волейболунан, остуол тенниһинэн дьарыктаммыт. Кини дуобаттыырын сөбүлүүр буолан, миигин дьарыкка сырытыннарбыта.
Аҕабын кытта айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн. Биһиги балыктыы, сир астыы барааччыбыт.
Күндү киһибит куруук доруобай уонна дьоллоох буолуон баҕарабын.
Саша Атласов
Эппиэтинэстээх үлэһит
Мин аҕам аата Елегяев Евгений Дмитриевич диэн. Кини сытыары сымнаҕас майгылаах, чиэhинэй, ардыгар биhиэхэ ирдэбиллээх сыhыаннаах.
Аҕам 10 сыл Дьокуускай-дааҕы электростанцияҕа (ГРЭС) үлэлээбитэ. Мин сэттэ саастаахпар кини үлэтигэр экскурсияҕа сылдьыбытым. Онно олус интэриэhинэй этэ. Тыастаах-уустаах, улахан да улахан турбиналардаах, элбэх кнопкалардаах саалаҕа сылдьыбыппын өйдөөн хаалбыппын.
Билигин аҕам Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын иhинэн баар стратегическай чинчийиилэр Киинигэр үлэлиир. Үлэтигэр ураты эппиэтинэстээхтик сыhыаннаhар.
Аҕам иллэҥ кэмигэр маhынан уhанарын сөбүлүүр, дьиэбитигэр миэбэл арааһын, туттар малы-салы оҥорор. Биһиги бииргэ тэлэбиисэр көрөрбүтүн ордоробут. Кини миэхэ элбэх үчүгэй киинэни сүбэлээбитэ.
Мин аҕабынан киэн туттабын.
Дайаана Елегяева
Дьиҥнээх эр киһи буоларга үөрэтэр
Аҕам элбэххэ үөрэтэр, такайар, иитэр, туохтааҕар да күндү, чугас киһим буолар. Кини – ХИФУ Прикладной экологиятын институтун старшай научнай сотруднига, биологическай наука кандидата, Айылҕа харыстабылын туйгуна. Кыһыннары-сайыннары экспедицияҕа сылдьан уу-хаар, от-мас, үөн-көйүүр, буор анаалыһын хомуйан лабораторияларга туттаран дойдубут төһө ырааһын, киртийбитин үөрэтэр.
Күндү киһибит миигин уонна убайбын тулуурдаах, үлэһит, дьиҥнээх эр киһи буоларга иитэр. Дьыл араас кэмнэригэр куруук бииргэ айылҕаҕа тахсан балыктыыбыт, дуоһуйа сынньанабыт. Аҕабыт айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны ирдиир.
Дьиэ ис-тас үлэтигэр аҕабар көмөлөһөбүн, туохха барытыгар тапсан сылдьабыт. Кини сыыһаны, алҕаһы да оҥордохпутуна улаханнык мөхпөт, өйдөтөн, быһааран биэрэр, ситиһиибитин өрүү хайгыыр, олус үөрэр.
Аҕабыт көҕүлээн сайын аайы арыыларга балыктыы барарбытын мэлдьи долгуйа күүтэбин. Балаакканан хонуктаан сылдьабыт. Арай биирдэ аҕам убайбар үөрэтэ, көрдөрө турда. Ол кэмҥэ күөгүбүн туох эрэ тардыалаата. Мин соһуйан хаһыытаатым. Аҕам сүүрэн кэллэ уонна көмөлөөн сордоҥ ороон таһаардыбыт. Онно наһаа үөрбүтүм! Аҕам ол курдук өрүү миэхэ араас түгэҥҥэ көмөлөһөр, өйүүр киһим буолар. Оннооҕор ирээт сууйуохтаах иһиппин көмөлөһөн, сууйан кэбиспит буолааччы.
Аҕа – дьиэ кэргэн сүрүн киһитэ, иитэр-аһатар бигэ тирэҕэ. Мин күндү киһибинэн киэн туттабын. Өрүү чэгиэн, үөрэ-көтө сырыт диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Влад Боескоров