Аҕам саастаахтарга — хапытаалынай өрөмүөҥҥэ чэпчэтии
70 саастарыттан үөһэ саастаах дьон 50-тан 100%-ҥа диэри компенсация ылар кыахтаахтар. Бу чэпчэтии дьиэ-уот кодексатыгар көрүллүбүт, маннык чэпчэтиилэр баалларын уонна усулуобуйатын социальнай көмүскэл уорганыгар эбэтэр региональнай оператортан билсиэххэ сөп.
Компенсация кимиэхэ көрүллэрий?
үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ;
I эбэтэр II бөлөх инбэлииттэргэ;
соҕотох олорооччуларга.
Ол эрээри чэпчэтии ылааччы дьиэни бас билээччи буолуохтаах.
70 саастарыттан ордук саастаах дьоҥҥо – 50 %-н.
80 саастарыттан үөһэ дьоҥҥо –100% төлүүллэр.
Маны таһынан, компенсацияҕа бырааптара саас-сааһынан учуоттаммакка, атын категориялаах дьон эмиэ ылыахтарын сөп. Холобур, I уонна II группалаах инбэлииттэр, сэрии кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, бойобуой кыргыһыылар кыттыылаахтара уонна Чернобыльскай АЭС саахалыгар уонна да атын радиационнай, техногеннай саахалларга эмсэҕэлээбит дьон.
Суоттаан таһаарыы холобура
Өрөмүөҥҥэ саамай кыра өлүү – 20,99 солк. Соҕотох биэнсийэлээх нуорматын иэнэ — 33 кв. м. Ол аата кини ыйга 692,97 солк. төлүүр. 73 саастаах биэнсийэлээх киһи 50%-н компенсацияны ылар бырааптаах. Кээмэйэ – 346,34 солк. Биэнсийэлээх 50 кв. м иэннээх кыбартыыраҕа олорор буоллаҕына, нормативка олоҕуран компенсация ылар. Онтон атыныгар толору кээмэйинэн төлөнөр.
Ханна оҥорторуохха сөбүй?
Сайабылыанньаны “Мин докумуоннарым” кииҥҥэ биэриэххэ сөп.