02.08.2024 | 14:00

Аҕам кэриэс маллара

Аҕам кэриэс маллара
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Ааспыт үйэ хордуон тастаах тэтэрээттэрэ, хаһыат саһарбыт балаһалара, блокноттар, онтон да араас суруктаах-бичиктээх тэтэрээттэр, илиистэр сыттыын-сымардыын ураты буолаллар эбит.

Дойдубар кэллэхпинэ, аҕам докумуоннарын бэрийээччибин. Былыргы биригэдьиир суумкатыгар, тирии паапкатыгар кини муспут, суруйбут суруктара, докумуоннара кэмэ суох элбэхтэр. Суруналыыс киһи быһыытынан, уруккуттан ону хаһыаппар биирдэ эмит таһаарбыт, ааҕааччыларга кэпсээбит киһи диэн санаалаах этим. Онтубун бүгүн сөрүүн дьиэбэр олорон эрэн эмиэ бэрийиэх, сыымайдыах санаам кэллэ.

Аҕам Көстөкүүн Бэрииһэп 1923 сыллаах төрүөх, сэрии бэтэрээнэ, баара-суоҕа 57 сааһыгар, мин 11-дээхпэр бу олохтон ыарахан ыарыыга ылларан бараахтаабыта. Оччолорго мин саамай улахан, ыар сүтүгүм аҕам барахсан барыыта этэ.

Былырыын, 2023 сылга, аҕабыт 100 сылынан оҕолоро, сиэннэрэ буолан ийэлээх аҕабыт олохторун туһунан элбэх ахтыылаах бэртээхэй кинигэ бэчээттэтэн таһаарбыппыт. Үйэлэргэ кэпсии турдун, кэнчээри ыччаппыт билистиннэр диэн.

Аҕам колхуос, сопхуос араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Кини ордук уһуннук оҕуруокка биригэдьиирдээбитэ. Хаппыыста, хортуоппуй, кэлин оҕурсу тэпилииссэтин туттарбыта, биһиги, оҕолор, бары кэриэтэ сайынын онно үлэлээбиппит.

Кини наһаа элбэҕи сурунар, бэлиэтэнэр идэлээх эбит. Өссө оройуон хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан, оттон убайа Уйбаан Бэрииһэп селькор буолан ыстатыйалара сотору-сотору тахсаллара.

Аҕам суруйбут бэлиэтээһиннэриттэн бүгүн интэриэһинэйдэрин ааҕааччыларга билиһиннэриэхпин баҕарабын.

 

Көрбүт киинэлэрим ахсаана:

1962 с. – 33

1963 – 33

1964 – 49

1965 – 56

1966 – 58

1967 – 89

1968 – 92

1970 – 79

1971 – 93

1972 – 93

1973 – 83

 

1962 сылга көрбүт киинэлэрим:

(аҕыйахтыыны бэчээттиэм)

10.01.62. “Честь товарища” (+) – байыаннай училищеҕа курсааннар, кыра оҕолор үөрэнэллэрэ көстөр.

“Воздушный змей с края света” (-) – Индия оҕолоро салгынынан көтөр кумааҕыны былдьасыһан, Кытайга тиийэллэрэ көстөр.

3.02.62. “В трудный час” (-) – Аҕа дойду сэриитигэр кырдьаҕас саллаат биир кыыһы кытта билсэрэ уонна кыыһа өлөрө көстөр.

1.03.62. “Хаарга суоллар” (“Следы на снегу”) (+) – П. Решетников артыыс оонньуур киинэтэ.

24.11.62. “Мой сын” (-) – киргиз дьахтарын уола колхуоска үлэлиирэ уонна сүрэҕэ суоҕа көстөр.

1963 сылга көрбүт киинэлэрим:

20.02. “Дикая собака Динго” (-) – оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэрэ, биир кыыс күөгүлүүрэ көстөр.

13.04. “Сказка нищего” (+) – баай уолунаан биир кыыһы таптыыллар, кыыс аҕата өлөр, баай уолун өлөрөр.

22.12. “Таманго” (+) – американецтар негрдары суудунаҕа хаайан илдьэ кэлэллэр, негрдар утарсан охсуһаллар, кэлин суудуна түгэҕэр пушканан ытан барыларын өлөрөллөр.

1964 сылга көрбүт киинэлэрим:

15.01. “Ты не сирота” (+) – Узбекфильм. Сэрии бириэмэтигэр 14 тулаайах оҕону иитэллэр. Дьиҥнээх олохтон.

1.02. “Радость моя” (-) – уоллаах кыыс ыал буолууларыгар саҥа дьиэ тутан биэрэллэр, кэлин арахсаллар.

Аҕам ити курдук 1974 сылга диэри суруйбут, бэйэтэ сыалай халыҥ уопсай тэтэрээт аҥаара. Сөбүлээбит киинэлэрин (+), ахсарбатах буоллаҕына (–) диэн бэлиэтиир эбит.

Аны туран гастроллар кэлэн барыыларын, билиэттэрин сыанатын суруйбут.

1977 сыл, 4-с квартал, 1978 с. 1-кы квартал.

14.11. Майаҕас кулууба – 5 солк. 40 харчы

19.11. Чараҥ кулууба – 5 солк. 40 харчы

4.12. Чурапчы Эрилик Эристиин аатынан народнай тыйаатыр, “Ини-бии” – 4 солк. 60 харчы

9.12. “Туймаада” эстраднай кэнсиэр (сестры Кильбиновы) – 9 солк. 50 харчы

10.12. Ньурба тыйаатыра, кэнсиэр – 5 солк. 50 харчы

11.12. Ньурба тыйаатыра. “Ньургуһун уонна Лоокуут” – 5 солк. 50 харчы

11.03.78 сыл. Москва, Якутскай артыыстарын эстраднай кэнсиэрэ – 9 солк.

18.03. СГУ, техническэй факультет – 3 солк. 50 харчы

21.11. Московский цирк – 4 солк. 50 харчы

20.12. Бурятскай АССР кэнсиэрэ – 5 солк.

19.02.79 сыл. Эстрада. Марина Попова – 4 солк.

19.02. Якутский драмтеатр. “Иннэ үүтүнэн” – 7 солк.

1980 сылга атырдьах ыйын 23 күнүгэр бүтэһик кэнсиэригэр сылдьыбыт. Саха музыкальнай кэнсиэрэ, сыаната 7 солк диэбит. Манна аҕабыт оттуу сылдьан ыалдьан, бу сыл ахсынньы 13 күнүгэр орто дойду олоҕуттан бараахтаабыта.

Бу испииһэгиттэн көрдөххө, кэнсиэрдэр, гастроллар өрөөбөккө кэлэллэр эбит. Ол быыһыгар нэһилиэк зонанан күрэхтэһиитэ, ыаллыы сытар нэһилиэктэр кэнсиэрдэрэ, Бурятияттан иккитэ кэлэн барбыттар. Сыаналарын тэҥнээн көрдөххө, Москва цирката 4 солк. 50 харчы эбит буоллаҕына, Саха тыйаатыра 7 солкуобайга көрдөрбүт. Аны туран, киһи дьиибэргиирэ, билиэт сыаната үксэ тобохтоох, ол эбэтэр кэппиэйкэлээх эбит.

Биир интэриэһинэй тэтэрээти иллэрээ сыл булан ылбытым. Онно дьиэ кэргэҥҥэ тугу атыыласпыттарын сурунар эбит. Дьэ, оччотооҕу сыаналары көрүөҕүҥ.

 

1964 с. атыылаһыллыбыт промтовардар

Ботинки мужские – 20 с. Б.К.К. (бэйэтигэр)

Ботинки детские, две пары – 10.50 с. (Розаҕа – 5 саастаах, Раяҕа – 3 саастаах)

Ситец 4 метра – 2 солк. 12 харчы

Таҥас ыйыыр 10 штука – 50 харчы

Порох и дробины – 8 солк. 70 харчы

Чемоданчик, общий, 1 штука – 4 солк. 50 харчы

 

1965 с. атыылаһыллыбыт промтовардар

Бумазей для портянки, 2 м. – 2 солк 30 харчы

Унтуу. Б.К.К. (бэйэтигэр ылыммыт) – 42 солк. 50 харчы

Миска оцинкованная – 3 солк.

Жакет дамский. Б.М.П. (ийэбитигэр) – 17 солк. 30 харчы

Шкера спортивная, Гошаҕа – 3 солк. 07 харчы

Хомуот – 70.00 солк. (билигин да баар)

Ружье охотничье, 16 калибр – 63 солк. 20 харчы

Тарелка 2 шт. – 1 солк. 72 харчы

Валенки 25 р. – 13 солк.

 

1966 с. табаардар

Валенки – 15 солк.

Суорҕан – 38 с. 80 х.

Кровать железная – 20 солк.

Чемоданчик – 6 солк. 16 харчы

Байковый костюм Раяҕа – 6 солк. (Рая манна 5 саастаах)

Бэлисипиэт – 53 солк.

Уу кутар баах – 13 солк.

 

 

Маны таһынан Сэбиэскэй Сойуус 37 маршалын ааттарын, төрөөбүт, өлбүт сылларын испииһэктээбитэ баар.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, аҕам оройуон хаһыатыгар суруйара. Онно биир суругар олус кыһанан туран эппиэттээбиттэрин, ааҕааччыны кытта ыкса сибээс туталларын, суруналыыс киһи буоларым быһыытынан, интэриэһиргээн даҕаны бэчээттииргэ сананным. Эрэдээксийэ үлэһитэ хайдах курдук эппиэти дириҥник ырытан, өйдөтөн, үөрэтэн, култуурунайдык суруйбутун ааҕыҥ.

“Ытыктабыллаах Константин Константиновичка.

Суруккун бэркэ интэриэһиргээн аахтым, эн этитэлиир замечаниеларыҥ сыыһа буолбатахтар. Ол эрээри олоххо туттуллар маннык практика баар.

1. Танцал-Булак оччолорго куорат буолбатах, дэриэбинэнэн да ааттаммат сир этэ диэтэхпинэ сыыспаккын. Кини билигин – куорат. Мүрү томторо хаһан эрэ оройуон киинэ этэ. Ону түөрт уонтан тахса сыл буолан баран “Уус-Алдан оройуонун кииниттэн Мүрү томторуттан” дииргинээҕэр Бороҕонтон диэбит ааҕааччыга түргэнник өйдөнөр.

Танцал-Булак куораттан диэтэххинэ билиҥҥи оскуола үөрэнээччитэ кинини картаттан дөбөҥнүк булуо. Онон дьоннор ахтыыларыгар кэнники географическай аат туттуллара ордук. Өскөтө хаһыат буолбакка, сурунаал эбитэ буоллар, араастаан ымпыктаан-чымпыктаан, литературнайдык,  барыны барытын быһааран, бириинчиктээн бэриллиэ этэ. Хаһыат миэстэтэ кыра, онон ааҕааччы түргэнник өйдүүрүгэр кыһаллыахтааххын.

2. Халун-Аршаль оройуонугар өстөөх кэккэ чаастара атырдьах ыйын 30 күнүгэр диэри сэриилэспиттэрэ – ити чахчы факт. Сорох подразделениелар өссө уһуннук утарыласпыттара.

3. Баин-Тумэн биитэр Чойболсан?

Чойболсан куорат диэтэххинэ, ааҕааччы үксэ (билиҥҥи ыччат) түргэнник өйдүүр. Эн биһикки билэр Баин-Тумеммытын билиҥҥи ыччат картаттан көрдөөн булуо суоҕа. Итиннэ эмиэ быһааран, этиини уһатан биэрэр ньыманы туттуохха сөп.

4. Дальневосточнай фроннар сэриилэрэ Квантунскай армияҕа хас да сиринэн быһыта анньан Корея сиригэр, Харбин куоракка о.д.а. тоҕу ааҥнаан киирбиттэрэ. Корея сиригэр диэн кэнниттэн соппутуой турбут, ол кэнниттэн Харбин куоракка дэнэр, онон иккки өйдөбүллээх. “Корея Харбин куоратыгар” дэммэтэх.

Суругуҥ иһин баһыыба, эйиигиттэн солдатскай сулууспаҥ туһунан ахтыы күүтэбит.

С приветом ............... (илии баттаабыт)

16 декабря, 1974 г. с. Борогонцы”

 

Дьэ, ити курдук аҕам муспут суругун-бичигин, докумуоннарын сороҕун эрэ бэчээккэ таһаардым. Аны урукку хаһыаттартан кырыйан уура сылдьара олус элбэх.

Биһиги аҕабытын тээтэ диэн ааттыырбыт. Кини айылҕаттан сытыары-сымнаҕас майгылаах, бэрт дьээбэлээх киһи этэ, утуйа сыттахпытына барыбытын кэрийэ сылдьан сүүспүтүттэн сыллаан ылара.

Тээтэбитин билэр дьон, аймахтар, сиэннэр, биир дойдулаахтарым бу бэлиэтээһиннэри интэриэһиргээн ааҕыахтара диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....