Аҕам ахтыытыттан сиэттэрэн
Сайын аайы уоппускабар дойдубар сайылыы тахсабын. Сорох сыл аҕам, үлэ, сэрии бэтэрээнэ Константин Константинович Борисов муспут “баайын-дуолун” көрөбүн. Кини баайа диэн 60-с сыллартан ханнык киинэҕэ сылдьыбыта, туох ис хоһооннооҕо суруллубут блокнота, эмиэ ол сыллартан хаһыаттартан кырыйан мунньубут араас интэриэһинэй ыстатыйалар, сопхуоска үлэлээбит докумуоннара, ким төһөнү оттообута, мастаабыта, оҕолорго, биһиэхэ атыыласпыт маллара, Сэбиэскэй Сойуус Маршалларын мэтириэттэрэ уо.д.а.
Быйыл куолубунан эмиэ хаһыстым. Сырыы аайы туох эрэ саҥаны, сонуну булан көрөбүн. Кыайыы 75 сылынан, баҕар, туох эрэ интэриэһинэй баара дуу диэн көрдүү сылдьан, аҕам кырылас буочарынан суруллубут ахтыыны булан ыллым. Билиҥҥинэн А4 кумааҕыга 17 страницалаах ахтыы. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, хорсун буойун Лыткин Варфоломей Александрович хомолтолоохтук олохтон барбытын кэннэ бырастыылаһар күнүгэр анаан суруллубут биографията эбит. Онтон ааҕааччыга тиэрдиэхпин баҕардым.
Биһиги дьоллоох олохпут эйэлээх күөх халлаанын анныгар, илгэлээх уйгу-быйаҥ сай ортотугар биһиги биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин актыыбынай кыттыылааҕа, гвардеец,“Кыһыл сулус”уордьан уонна аҕыс бойобуой мэтээл, икки Бойобуой бэлиэ кавалердара, “Үлэ бэтэрээнэ”, “Коммунистическай Үлэ Ударнига”, партия чилиэнэ, пенсионер Варфоломей Александрович Лыткин биһиги кэккэбититтэн өлөн туораата.
Варфоломей Александрович Сэрии, Үлэ, Албан ааттаах суолунан, Аҕа дойду сэриитигэр уонна эйэлээх олоҕу түстүү өрүү инники кирбиитигэр сылдьан саллаат-гвардеец, Ийэ дойдуга бэриниилээх гражданин, төлөннөөх патриот, бастыҥ производственник, үс төгүллээх Үлэ Ударнигын быһыытынан, баай ис хоһонноох, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар олоҕу олорон ааста.
Варфоломей Александрович 1910 сыллаахха,Уус Алдан улууһугар, уруккунан Дүпсүн улууһун “I-Өспөх” нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
Оскуола паартатыгар биир күн олорон үөрэммэтэх, ликпункт эрэ үөрэхтээх тыа сахатын типичнэй бэрэстэбиитэлэ Варфоломей Александрович Сэбиэскэй былаас кыыһар Кыһыл былааҕын анныгар киһи быһыытынан дьолун-соргутун булбута.
Саха сирин маҥнайгы актыыбынай комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, үүнэр кэскиллээх олох сарсыардааҥы саһарҕатынан хараҕа аһыллыбыт сайаҕас ыччат, 1929-1932 сылларга Саха сирин ыччаттарын бастыҥ бэрэстэбиитэллэрин кэккэтигэр киирэн, комсомол путевкатынан «Алдан» кыһыл көмүһүн промышленнаһын сайыннарыыга шахтер-оробуочай быһыытынан тахсыылаахтык үлэлээбитэ.Уонна саҥа тэриллибит тыа хаһаайыстыбатын үрдүкү форматыгар– сопхуосоробуочайынан үлэлээн, үлэтин түмүктээбитэ.
Ол кэрэ-бэлиэ туоһутунан дойду үрдүнэн оччолорго киэҥник биллибит “Косаревскай хамсааһыҥҥа” кыттан, Саха сирин промышленнаһын сайдыытыгар сыратын биэрбитин иһин, “Косарев” аатынан 9 №-дээх шахта Тарасов хозрасчетнай биригээдэтин Ударнигын аатын чиэстээхтик ылбыта, ону 67№-дээх промышленнас оробуочайын дастабырыанньата кэрэһэлиир.
Маннык Албан ааты ылбыт аҕыйах ахсааннаах Саха ыччаттарыттан биирдэстэрэ биһиги табаарыспыт, доҕорбут Варфоломей Александрович буолбута.
Онон киэҥ олоххо уһаарыллыы уйанын-хатанын аан бастаан нуучча норуотун оробуочай кылааһын революционнай үтүө үгэстэригэр үөрэнэн эрчиллэн ааспыта.
1932-1941 сылларга төрөөбүт дойдутугар «Кыһыл Сардаҥа» холкуос холкуостааҕынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кыыһар “Кыһыл Сардаҥаны” түөһүгэр түһэриммит төлөннөөх патриот,коллективизация маҥнайгы сылларыгар маҥнайгы холкуоһу тэрийээччинэн буолбута, тыа хаһаайыстыбатын “Ударнигын” бочуоттаах аатын ылбыта.
Аҕа дойду сэриитин кэнниттэн кини сатарыйбыт холкуоһу чөлүгэр түһэрэргэ күндү көлөһүнүн тохпут бастыҥ холкуостаахха “Коммунистическай үлэ Ударнига”чиэстээх аат иҥэриллибитэ.
Олоҕун устатыгар маннык үс төгүл производство“Ударнигын” аатын ылбыт үлэһит киһи тарбахха баттананан ааҕыллар сэдэх ахсааннаах буолар.
Сэриигэ сүрэхтэнии
Эйэлээх олох эйэҕэс киһитэ, үлэни өрө туппут киһи, атырдьаҕын-кыраабылын туора ууран, үс кырыылаах ыстыыктаах сааны өрө сүгэн, сиэрэй синиэли кэтэргэ күһэллибитэ.
Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмыт фашист хара былыта күнү-ыйы күөнтээбит күннэригэр 1941 сыл атырдьах ыйыттан, 1946 сыл балаҕан ыйыгар диэри, алта сыл устата, Аҕа дойду сэриитин “Илин-Арҕаа” фроннарынан саллаат унньуктаах уһун ыарахан суолун ааспыта.
Төрөөбүт төрүт ыырын, сэбиэскэй киһи дьолун-соргутун, гвардия ефрейтора Лыткин В.А. Арассыыйа, Европа, Монголия сэриитин толоонугар эр санаалаахтык сылдьыбыта, Ийэ дойдутун бэриниилээхтик көмүскээбитэ.
Алдан шахтатыгар хойгуо тутан, холкуоска атырдьах тутан чэрдийбит илиилээх икки төгүллээх “Ударник”, өлөр-тиллэр охсуһуу кылбар, күчүмэҕэй да күннэригэр кэннинэн кэхтибэтэҕэ, киһи буолар аатын киртиппэтэҕэ.
1941 сыл күһүнүттэн 1942 сыл сааһыгар диэри рядовой Лыткин В.А. 580№-дээх стрелковай полкаҕа байыаннай бэлэмнэниини барбыта.
1942 сыл муус устарыттан 1945 сылыам ыйын 9 күнүгэр диэри саха хорсун буойуна армия инники кирбиититтэн тахсыбатаҕа, арай үс төгүл фашист буомбатын үлтүркэйэ, өһүөннээх буулдьата өттүгэр, бүлгүнүгэр, атаҕар түһэн бааһырдан араас кэмнэргэ бааһырыытынан госпиталларга киирэн эмтэммит кэмигэр эрэ стройтан туораабыта.
АрассыыйаЫтык буоругар аалай хаанын тохпут Хорсун буойун, үс төгүл бааһын оһордунан, үс төгүл эмиэ инники кирбиигэ бүтэһигин сэриилэһэ полкатыгар төннүбүтэ. Уонна Кыайыы буолуор диэри автоматын ыһыктыбатаҕа. Былыргы сахалар маннык киһини “Уол оҕо үстэ курданан тыыннаах ордон киһи буолар кэскиллээх” диэн ааттаан эрдэхтэрэ.
Хорсун гвардия буойуна 97 №-дээх дорожнай-строительнай батальон састаабыгар иккис Белорусскай уонна Арҕааҥҥы фроҥҥа сэриилэспитэ. Кини сапер мостовик байыаннай идэлээх этэ. Армияҕа сапер муостаны тутааччы идэтин «Сапердар кылгас олохтоох дьон», «сапер буолуох кэриэтин саа тутан пехотаҕа барбыт ордук” диэн сыана биэрэллэрэ.
Дьиҥэр, саллаат сынньанар кэмигэр түлэй түүн сапер сарсыҥҥы кимэн киириигэ өстөөх уот ардаҕын аннынан өрүһү-үрэҕи, сэрии күүстэрэ туоруур муостатын оҥорон бэлэмниэхтээх.
Кини бойобуой суола Старай Русса куораты босхолоон, Новгород туһаайыытынан, Днепр өрүһү туораан, Смоленскай куораты босхолоһон, революция биһигин Ленинград куораты хабарҕатын хам ылбыт блокадатын үнтү сынньан босхолоһон, Германия сиригэр Штейтин куоракка өрөгөйдөөх Кыайыы күнүн көрсөн, арҕаа сэриинэн түмүктээбитэ.
Варфоломей Александрович инники кирбиигэ 1944 сыллаахха коммунист билиэтин ылбыта. Днепри туорааһыны хааччыйыыга харса суоҕун көрдөрбүтүн иһин «Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээлинэн, Березина өрүһү туоруурга муостаны үчүгэйдик оҥорбутун иһин «Кыһыл Сулус» уордьанынан наҕараадаламмыта.
Хорсун ефрейтор бойобуой сырыытыттан аҥаардас биир түгэн кини эр санаалаахтык сэриилэспитин туоһулуур. Белоруссия сиригэр Смоленскай туһаайыытынан өстөөх дзотуттан өлөр-өлүүнэн тибиирэ сытар тимир бетон бөҕөргөтүүнү сыыр аннынан, сыыллан тиийэн икки гранатаны быраҕан үлтү тэптэрбитэ. Уонна өстөөх пулеметун былдьаан фашистары кыдыйан кимэн киириини хааччыйбыта.
Сапер эҥсилгэннээх сырыыта немецкэй фашистар арҕахтарыгар өндөйбөт гына хам баттаммыттарын кэннэ,1945 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Уһук Илиҥҥэ Империалистическай Японияны утары сэриигэ аҕалбыта.
Бу сэриигэ Гвардияефрейтора Лыткин Варфоломей Александрович Сунгари өрүһү туоруур муостаны оҥорсон, сэрии күүстэрин туоратан,Харбинкуорат туһаайыытыгар сэриигэ кыттыбыта. Сапер саллаат ыарахан дьылҕатын, ыарахан бэрэбинэлэри санныгар сүгэн, хабарҕатыгар диэри тымныы ууну кэһэн түөрт сыл устата автоматын ыһыктыбакка хорсуннук сэриилэспит биһиги биир дойдулаахпыт, үөрэҕэ суох саха киһитэ өлөр-тиллэр охсуһууттан тыыннаах ордон Кыайыы үөрүүтүн-өрөгөйүн үллэстибитэ. Ол да кэнниттэн Уһук Илин байыаннай уокуругар 1946 сыл атырдьах ыйыгар диэри синиэлин устубакка Сэбиэскэй Армия халыҥ стройугар хаамсыбыта.
Эйэлээх олоххо төннүү
1946-1949 сылларга патриот саллаат “Кыһыл Сардаҥа” холкуоска “Үрдүк Үүнүү” звеневода, 1949-51 сылларга производственник, болуотунньук, 1951-53 сылларга “Өнөр” нэһилиэгэр “Ленин” аатынан холкуоска биригэдьиир, 1953-54 сылларга болуотунньук, сүөһү көрөөччү, 1954 сылтан Партизан Заболоцкай аатынан холкуоска бастыҥ производственник, коммунистическай үлэ ударнига.
Коммунист, рядовой, холкуос саамай ыарахан үлэтигэр производствоҕа саҥаны киллэриигэ биир көҕүлээччи, тэрийээччи, өрүү сырдык санаа сыдьаайыытынан салайтарбыт үтүө суобастаах көхтөөх үлэһит киһи этэ.
Рационализатор производствоҕа бастыҥы, саҥаны өйүүр, олоххо киллэрэр, прогрессивнай өйдөөх-санаалаах киһи этэ. Кини судаарыстыбаҕа тутуллар сүөһүнү тымныы усулуобуйаҕа төлөһүтүүгэ, эбии аһылык дулҕаны механизированнайдык бытарытыыга рационализатор этэ. Ол да иһин эйэлээх олох тутуутугар кини бойобуой уордьаннарын, мэтээллэрин кытта сэргэстэһэ, Аҕа дойду сэриитин сылларыгар “Килбиэннээх үлэтин иһин” уонна «В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар» эмиэ “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. 1947 сылга партия чилиэнигэр өрө таһаарыллыбыта.Сэрии толоонугар эйэлээх олох ходуһатыгар этин-хаанын эрчийбит, өйүн-санаатын сайыннарбыт В.А. Лыткин Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин, ССКП обкомун, райкомун, райсовет исполкомун «Бочуотунай грамоталарынан» наҕараадаламмыта. Кини чиргэл сааһыгар оройуон Бочуотунай дуоскатыттан түспэтэҕэ. Урукку сапер, муостаны тутааччы, сэрии кэннэ бар дьоҥҥо общественнай уонна холкуостаахтар дьиэлэрин тутааччы, бастыҥ болуотунньук буоларэтэ. Уһун Күөл бөһүөлэгэр аныгылыы оҥоһуулаах дьиэлэри үксүн кини тутуспута, ол кини үлэһит быһыытынан бар дьонугар хаалларбыт кэриэһэ буолар. Производство, үлэ бары мындыр ньымаларыгар ыччат дьону ииппит наставник, оройуоннааҕы уонна нэһилиэктээҕи кулуубун чилиэнэ, сельсовет депутата, араас общественнай хамыыһыйалар бастайааннай чилиэннэрэ Варфоломей Александрович элбэх өрүттээх общественнай үлэни толороро.
Ол эрээри кини саамай үтүө холобура тус бэйэтэ үлэҕэ суобаһа, дьаныара, киһи быһыытынан кэрэмайгыта-сигилитэ этэ. Кини хара өлүөр диэри илиитин үлэттэн араарбатаҕа. Олоҕун бүтэһик күнүгэр диэри от охсооччуларга бэйэтин баҕатынан, дьиэтин таһыгар алдьаммыт чаастарын абырахтыыр түбүгэр сылдьыбыта.
Атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи киэһэ эрэ,эйэлээх олох саллаата оробуочай кылаас бастыҥ бэрэстэбиитэлэ өтүйэтин туора уурбута.
Кини биэнсийэҕэ тахсан да баран холкуос үлэтиттэн туораабатаҕа, арай сэрииттэн алларыйбыт доруобуйата мөлтөөн, арҕаҥ баастара аһыллан,ыарахан ыарыыга охтон, уһуннук суорҕан-тэллэх киһитэ буолан өссө биирдэ өлүү иинин өҥөйбүтэ. Бу да сырыыга кини “Чокуур Киил” киһи тыыннаах ордон Ийэ буоругар иккистээн хаамар дьолломмута, ол эрээри 10 Бойобуой Үлэ наҕараадаларын Кавалердара, Сэрии, Үлэ Албан аат бэтэрээнэ ыарахан ыарыыттан да, немец фашистарын, Дьоппуон самурайдарын кынчаалларыттан-ыстыыктарыттан, буомбаларыттан, ардах курдук тибиирэр сибиниэс буулдьатыттан буолбакка, уһун сылларга охсуһан тыыннаах ордон баран, төрөөбүт төрүт буоругар төннөн кэлэн, эйэлээх олох үгэнигэр олус хомолтолоохтук биһиги кэккэбититтэн соһумардык суох буолла...
Ордук хомолтолооҕо диэн, кини айылҕа сокуонунан айа-дьойо диэн ыалдьан суох буолбата, кини төлөннөөх сүрэҕин, сырдыкка эрэ тардыһар сырдык тыынын бандьыыттыы, кыыллыы быһыылаах киһи быһаҕа быһа баттаата.
Бииргэ үлэлиир табаарыспыт, доҕорбут Варфоломей Александрович аҕыйах ыйдааҕыта Улуу Кыайыы 30 сыллаах өрөгөйдөөх үөрүүтүн “Ураа!” хаһыынан уруйдаһан көрсүбүтэ биһиги харахпытыгар бу баар.
Кини сырдык идеятын, охсуспут, үлэлээбит үлэтин, ситэ оҥорботох былаанын биһиги салгыахпыт диэн бигэ тылбытын биэрэбит.