11.11.2022 | 11:00

«Аҕаа, тур, эн күүстээххин!»

«Аҕаа, тур, эн күүстээххин!»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Киин куорат биир кытыы оройуонугар үрдүк мэҥэ халлааҥҥа харбаспыт элбэх мэндиэмэннээх дьиэ дьэндэйэн турар. Тупсаҕай тутуу киэһэ аайы аата-ахсаана биллибэт түннүгэ сандааран, өссө киэркэйэргэ дылы буолар. Сорох түннүк дьикти, ураты эйгэлээх, онно ким олорорун билиэххин-көрүөххүн, таайыаххын баҕараҕын. Ол оннук угуйар алыптаах.

Дьэ, эрэ, доҕоттор, бастакы подъезд түннүктэрин өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө, хаҥас диэки, тохсус этээскэ киһи хараҕа хайа да дьиэтээҕэр сырдыгынан сыдьаайар, сылааһынан илгийэр түннүккэ быраҕыллар. Бэл диэтэр, кыһыҥҥы ыыс-быдаан тумаҥҥа “көрүҥ, манна дьоллоох ыал олорор” диэбиттии, ыраахтан ыҥырар. Кырдьык, итиннэ үс оҕолоох, элбэх сиэннээх, куруук толору ыалдьыттаах Сандаараптар быр-бааччы олороллор. Мааны люстралара дьүкээбил уотунуу суһумнуур, арыт сүүс араас сулустуу дьиримнии оонньуур. Балконнара кыһыннары-сайыннары сиэдэрэй сибэккинэн симэнэр. Онно куруук оҕо күлэр минньигэс саҥата иһиллэр, бэрэски, алаадьы сыта дыргыйар.

Аны биир этээһинэн аллара түстэххэ, мааны сабыылаах түннүккэ кыһыннары-сайыннары гирлянда уота араас дьэрэкээн өҥүнэн күлүмүрдүүр, итиннэ, бука, эмиэ оҕолоох ыал олорор диэн тута таайыахха сөп. Кырдьык, соторутааҕыта эрэ икки оторой-моторой уолаттардаах Кустуураптар көһөн кэлбиттэрэ. Түүн үөһэ лаампа уота холбонор, бука, эдэр ийэ кырачаанын аһата уһуктар.

Биир бэһис этээс кыбартыыратын түннүгүнэн түүннэри-күнүстэри тэлэбиисэр дьиримниирэ көстөр. Түүннэрэ күнүс, күнүстэрэ түүн буолбут олохтоох ыал быһыылаах. Хараҥа киэһэлэргэ хас да киһи күлүгэ барыҥныыр, субу-субу музыка ньиргийэр.

Төрдүс этээскэ хараҕыҥ саһарбыт хаһыат “сабыылаах” түннүккэ хатанар. Ити дьиэ олохтоохторо субу-субу уларыйаллар. Арааһа, куортамҥа турар. Уҥа иккис этээскэ, ортоку турар кыбартыыра түннүгэр субу-субу табахтыы тахсаллар. Дьарыктара эрэ ол курдук.   

Тохсус этээс уҥа саамай кытыы кыбартыыратыгар киһи соччо кута-сүрэ тохтообот бадахтаах. Туох да сабыы, киэргэтии, сибэкки тайма суох. Ким да олорбот кыбартыырата диэ эбиккин, арай сарсыарда уонна киэһэ биир эрэ хоско лаампа барбах кыламныыр. Ити дьиэ олохтооҕо Миитэрэй киэһэ аайы үлэтиттэн кэлэн иһэн подъеһын иннигэр тохтуур уонна түннүктэри одуулуур идэлээх. Бу эмиэ ааспыт олоҕун эргитэ саныы турар. Субу-субу өрө тыынан ылар, төттөрү-таары хаамыталыыр. Сороҕор түүн үөһэ буолбутун билбэккэ да хаалар.

Аҕыйах сыллааҕыта Мэндээрэптэр эмиэ ньир-бааччы олорбуттара ээ. Кэргэнэ Наташаны кытта устудьуоннар уопсайдарыгар билсибиттэрэ, үөрэхтэрин бүтэрбит сайыннарыгар уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Сэттэ сыл кыыс дойдутугар олорбуттара, икки кыыстаммыттара. Миитээ дьаһалтаҕа исписэлииһинэн үлэлээбитэ, сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт уолу салалта тута сөбүлээбитэ. Баһылык улахан мунньахтарга, быһаарыылаах кэпсэтиилэргэ эдэр үлэһитин иннигэр укта сылдьара. Миитээни Баһылай Баһылайабыс “тыыннаах паапката” диэн ааттыыллара. Наташа оҕолоро дьааһылаҕа, дьыссаакка барбыттарыгар балыыһаҕа санитарканан үлэлии киирбитэ. Мэндээрэптэр нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кытталлара: Миитээ эр дьон ансаамбылыгар ыллыыра, айылҕаттан имигэс Наташа сыанаттан түспэт үҥкүүһүт этэ. Кыыс дьонун кытта дьукаахтаһан олорбуттара.

Биир күһүн Миитээ университекка бииргэ үөрэммит уола Бүөккэ эрийэн: «Куоракка маҕаһыын арыйан эрэбин, эйигин толорооччу дириэктэр оҥоруом. Эн курдук киирбит-тахсыбыт киһи наада, эркин курдук эрэнэр доҕорбор маҕаһыыммын туттарабын. Бэйэм рестораммынан дьарыктанан, солом суох. Манна көһөн кэлиҥ», – диэн саҥардар да бокуой биэрбэтэҕэ. Кэргэнниилэр сүбэлэспиттэрэ, ыҥырыыны кэтэһэн олорбут курдук, Дьокуускайга дьол көрдөһө барарга санаммыттара. Бу буолуохтарын ким тымтыктанан көрүөй? Уол да, кыыс да дьоно утарбатахтара, оҕолор бэйэлэрэ биллиннэр диэбиттэрэ.

Бастаан Залог оройуонугар биир хостоох кыбартыыраны куортамнаан олорбуттара, оҕолорун дьиэлэриттэн чугас уһуйааҥҥа биэрбиттэрэ. Хата, Наташа идэтинэн үлэ булбута –  куорат биир улахан балыыһатыгар сиэстэрэнэн киирбитэ. Миитээ салайааччы дьоҕурдааҕын үлэтинэн көрдөрбүтэ. Москваҕа, Новосибирскайга, Благовещенскайга дьиэтин таһыгар тахсар курдук сылдьара. Ол саҕана социальнай ситим саҥа киирэн, куоракка биир бастакынан онлайн маҕаһыыны арыйбыттара, дьиэҕэ тиэрдэн биэрии өҥөтүн хото туһаммыттара.

Сотору кэминэн Мэндээрэптэр куорат киинигэр үс хостоох кыбартыыра ылыммыттара, сайыҥҥы даача туттубуттара. Сыаналаах массыыналаммыттара, оҕолору оскуолаҕа илдьэр-аҕалар суоппардаммыттара. Миитээ Наташа түүҥҥү дьуһуурустубатын уруккуттан сөбүлээбэтэ, кэнникинэн: «Уурай, дьиэҕэ олор, барыбытын иитэр кыахтаахпын», – диир буолбута. Кэргэнин кытта кыыһырсаллара элбээбитэ, эр киһи күн аайы тупсан иһэр Наташатын баҕанаҕа кытта күнүүлүөх курдуга. Суоппарыгар күтүрээн, сирэй-харах анньарын тулуйа сатаан баран, Наташа оҕолору бэйэм таһыам диэн үлэтиттэн уурайбыта. Ол да улаханнык туһалаабатаҕа. Миитээ кыра-кыралаан аһыы утаҕы амсайан барбыта, партнердарын кытта баарга мусталлара үксээбитэ. Аны тойоно Бүөккэ биллэр финансовай пирамидаҕа харчытын бүтүннүү уган “умайбыта”. Ресторанын атыылаабыта, куоракка баар маҕаһыыннарын эрэ хаалларбыттара, улуустааҕы филиалларын сабарга күһэллибиттэрэ. Бизнестэрин быыһаары, иэстэн иэскэ ыйаммыттара.  Миитээ булан-талан, син өрүттүөх курдук буолан истэхтэринэ, пандемия саҕаламмыта. Биир сарсыарда Бүөккэ холуочук эрийэн: «Доҕор, син соһо сатаатыҥ, хайыыр да кыах суох. Уопсай сүбэнэн маҕаһыыммытын сабыахха», – диэбитэ.

Миитээ үлэтэ суох хаалыаҕыттан Наташатын кытта кыыһырсаллара элбээбитэ. Кэргэнэ ыксаан, ковид биригээдэтигэр үлэлии киирбитэ, дьиэтигэр көстүбэт буолбута. Эр киһи киэһэ аайы пиибэлиир идэлэммитэ, аһыы утахха улам убанан испитэ. Итирик сылдьан тутуллан, суоппар бырааба быһыллыбыта. Дьуһуурустубаттан сылайан, хаҕа эрэ хаалан кэлэр Наташатын: “Туох ааттаах өр буоллуҥ? Ханна сырыттыҥ?” – диэн ыттыы ырдьыгыныы тоһуйара. Кэргэнэ: «Баһаалыста, бүт», – диэн эрдэҕинэ: «Саҕалыы да иликпин!» – диэн ордоотуура. «Үлэлиигин эрэ, хайыыгын. Ханна сылдьыбыккын хантан билэбин?» – диэн көбдьүөрүйэрэ, туох түбэспитинэн тамныыра. Ол аайы кыргыттара куттанан, ытаан-соҥоон бараллара. Биир да бүтүн иһит-хомуос ордубатаҕа.

Былырыын кыһын Наташа арахсыахха диэбитигэр Миитээ илиитин көтөхпүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалбыта. Хаһыы-ыһыы, ытаһыы-соҥоһуу буолбутугар, таһынааҕы ыаллара полицияҕа тыллаабыттара. Наташа сайабылыанньа суруйбатаҕа, ол эрээри арахсан барбыта. Дьиэтиттэн тахсаары туран: «Бырастыы гыммаппын, ааттаһа-көрдөһө сатаама. Биир дьахтар тулуйарын тулуйдум, өйдөнүө диэн эрэммитим...» – диэбитэ ыарыылаахтык да иһиллибитэ. Кыбартыыраларын атыылаабыттара, Миитээ хос куортамнаабыта.  Көһөөрү, малын хомуна сылдьан хаартыскалаах альбомнарын булан ылбыта. Наташа, бука, ыксалга умнубут этэ. Бииргэ олорбут дьоллоох сыллара киинэ лиэнтэтин курдук көстүбүтэ. Устудьуоннуу сылдьан катокка, киинэҕэ, кафеҕа, уопсайга түспүт хаартыскаларыгар оҕолуу үөрбүт харахтар дьоллоох олохторун кэрэһилииллэр. Уруу киэһэтигэр кэлбит ыалдьыттар алгыстарынан толору альбомнара ийэ-аҕа буолбут эдэркээн ыал төрүүр дьиэ таһыгар түспүт хаартыскаларынан түмүктэнэр. Үһүс альбомнара үксэ оҕолор кыра эрдэҕинээҕилэрэ. Төрдүс альбомнара куоракка кэлбит бастакы сылларын кэпсиир. Били куортамнаан олорбут кыараҕас кыбартыыраларыгар Саҥа дьыллааҕы толору астаах сандалы иннигэр дьоллоох ыал аҕа баһылыга үс кэрэчээн сибэккитин кууспут. Онтон саҥа дьиэлэрин малааһына, оҕолор оскуолаҕа киирбит бэлиэ күннэрэ, улахан кыыстара Надюша гимнастикатынан бастакы ситиһиитэ – боруонса мэтээлэ, кыралара Верочка НПК-ҕа кытта турара... Барыта күн бэҕэһээ курдуга. Санаан көрбүтэ, кэнники сылларга бииргэ хаартыскаҕа түһэллэрэ аҕыйаатар аҕыйаан испит эбит. Ону даҕаны үксэ төлөпүөҥҥэ, ноутбукка харалла сыттаҕа...       

Эр киһи, собуоттаммыт курдук, ыйы быһа тохтообокко арыгылаабыта. Биир киэһэ маһаҕыынтан баҕалаах “утаҕын” атыылаһа барбыта. Атаҕар уйуттубат буолуор диэри улаханнык “хотторбут” этэ. Ол тэйбэҥнээн иһэн хаарга охтон түспүтэ. Оннук төһө өр сыппыта буолла, биирдэ өйдөммүтэ, тула өттө эмискэ сырдыы түспүтэ, тоҥмута ханан да суох буолан хаалбыта. Хараҕын өрө көрбүтэ, сып-сырдык суол тыргылла сытара. Түүл дуу, илэ дуу диэн эрдэҕинэ, арай утары улахан кыыһа Надя бу сүүрэн иһэрэ. Сайын аайы сөбүлээн кэтэр саһархай сарапаанынан. Аттыгар чугаһаабыта уонна эмиэ да көрдөһөр, эмиэ да кытаанах куолаһынан:  «Аҕаа, тур, эн күүстээххин!» – диэбитэ уонна илиитин утары ууммута. «Суох, туран да тугу гыныамый? Мин кимиэхэ да наадата суохпун!» – диэн ботуругуу сытан Миитээ уһуктан кэлбитэ. Үтүлүгүн сүтэрэн кэбиспит, илиитэ, тарбахтара тугу да билбэт буолуохтарыгар диэри тоҥмуттар этэ. Кыҥначчы түһэн хаалбыт бэргэһэтин көннөрүммүтэ уонна нэһиилэ аттаан турбута...

Ити курдук улахан кыыһа Надюша тыыннаах аанньал буолан көстөн,  аҕатын өлөр өлүүттэн быыһаабыта.  Миитээ сирэйин, икки тарбаҕын үлүппүт этэ. Подъезд иннигэр кэлэн сытарын, консъерж эмээхсин видеонан көрөн тахсыбыт, суһал көмөнү ыҥырбыт.

Онтон ыла сыл аҥаара ааста. Миитэрэй арыгытын эмтэппитэ, соторутааҕыта үлэ булбута. Билигин дьиэтиттэн сарсыарда тахсан баран киэһэ хонугар биирдэ кэлэр. Наташа кыргыттарын кытта дойдутугар олорор, уруккутун курдук балыыһаҕа үлэлиир. Кыргыттар онно үөрэнэллэр. Надя гимнастиката суох буолан, күһүҥҥүттэн волейбол секциятыгар сылдьар, Вера бу саас НПК-ҕа бастаан, сайыҥҥы лааҕырга босхо путевканан наҕараадаламмыта.

Миитээ кураанах кыбартыыраҕа тыына-быара хаайтарар, ол иһин бу ону-маны сырдьыгыната охсон аһаабыта буолаат, таһырдьа тахсан олорор идэлээх. Уруккуну-хойуккуну санаатаҕына, сүрэҕэ нүөлүйэн ыалдьар, кэмсинии кэмэ суох кэрбиир. Ол эрээри Наташата хаалларбыт хаартыскаларын көрдөҕүнэ, дьоллоох күннэрин эргитэргэ, эрэл кыыма саҕылларга дылы буолар.      

Оо, түннүктэр! Элбэҕи да кэпсиигит, үгүһү да кистиигит. Өссө хас ыал олоҕун сэһэргии тураргыт биллибэт. Хас биирдии бэйэҕитигэр таайыллыбат таабырын, туспа олох, хатыламмат дьылҕа. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....