02.04.2021 | 06:47

Аҕа баара астык!!!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1999 сыл олунньу 15 күнүгэр оччолорго СӨ бэрэсидьиэнинэн олорор М.Е. Николаев аҕа уопсастыба уонна дьиэ кэргэн иннигэр эппиэтинэһин үрдэтиигэ, үүнэр көлүөнэни иитиигэ, дьиэ кэргэн олоҕор-дьаһаҕар инникилээх оруолун билинэр инниттэн Саха сиригэр сылын аайы ыытыллар Аҕа күнүн – муус устар бастакы өрөбүлүгэр олохтуур туһунан 685 №-дээх Ыйааҕа тахсыбыта. 

Онон быйыл Аҕа күнэ муус устар 4 күнүгэр 22-с сылын бэлиэтэнэр.

Ханнык баҕарар оҕо толору дьиэ кэргэҥҥэ иитилиннэҕинэ дьоллоох, дьон тэҥинэн сананар киһи буола улаатар. Маныаха дьиэ кэргэҥҥэ ийэни таһынан аҕа оруола биир улахан, сүҥкэн миэстэни ылар. Аҕата суох улааппыт оҕо, чуолаан уол оҕо, туох эрэ итэҕэстээх, муҥкук, быһаарыныыта суох, сорох ардыгар мөлтөх да майгылаах буола улаатыан сөп. Онон аҕа суох да буоллаҕына, аймахха баар эр дьон, убайдар, таайдар, бастатан туран, эһээлэр уол оҕоҕо холобур буолан кини инники олоҕор улахан суолтаны ылыахтаахтар.

Уол оҕо үлэҕэ эриллэн улаатыахтаах

Бүгүн биһиэхэ бэйэтин санаатын үллэстэр Андрей Дмитриевич Апросимов-Андо.

– Амма сэлиэнньэтигэр олоробут. Амматааҕы оҕо искусствотын оскуолатын ойуулуур-дьүһүннүүр салаатыгар оҕолору үөрэтэбин. Кэргэним Любовь Федоровна Степанова – Амма 2-с нүөмэрдээх оскуолатын алын сүһүөх учуутала. Үс оҕолоохпут.

Оҕо толору дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх дии саныыбын. Ол аата ийэ, аҕа, эһээ, эбээ оҕону иитиигэ сүҥкэн сабыдыаллаахтар.  Аҕа дьиэ кэргэн өһүөтэ, халыҥ хаххата, суон дурдата буоллаҕа дии. Ордук уол оҕону иитиигэ-такайыыга. Биһиги аҕабыт Миитэрэй өрүү солото суох, бүгүрү үлэһит буолан, иитиигэ улаханнык кыттыспатаҕа эрээри, киниттэн бу олоххо элбэҕи билбиппит, өйдөөбүппүт. Аҕабытын сүрдээҕин ытыктыыр уонна истэр, кини соруктарын барытын толорор этибит. Мин санаабар, олоххо дьулууру кини биһиэхэ иҥэрбитэ. Булка-алка аҕабын кытта сылдьыбыппын соччо өйдөөбөппүн, арай борбуйбун көтөҕөн, бииргэ үөрэнэр атастарбыныын куска-балыкка сылдьар буолбуппут. Биир кэмҥэ куобахха туһах иитэн, сороҕор бултуйар этибит. Ол эрэн мин үксүн улахан убайбын Саасканы кытары саппай уопсар этим. Кыра сылдьан, кинилиин элбэхтэ кустаабыппыт-балыктаабыппыт.

Хойут, бэйэм аҕа буолан баран, уолаттарбын кытаанах соҕустук ииппитим. Үөрэхтэригэр-үлэлэригэр элбэҕи ирдиир этим. Уол оҕону атаахтык иитэр табыллыбат дии саныыбын. Кини үлэҕэ эриллэн улаатыахтаах. Үлэ олоххо тулуурдаах уонна дьоҕурдаах буоларга үөрэтэр.

Урукку кэмҥэ холоотоххо, билиҥҥи олохпут отуора, хайысхата тосту уларыйда. Биһиги кэммитигэр дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа даҕаны үлэнэн иитии баһыйара. Ол курдук тыа оҕолоро сайыны быһа окко, оҕуруокка, күһүн хомуур үлэтигэр сылдьарбыт. Кыһыны быһа сопхуос бараммат үлэтигэр кыттыһарбыт: кыргыттар ынах ыаһыҥҥа, уолаттар от киллэриитигэр, саах күрдьүүтүгэр. Кыһыннары-сайыннары оҕо барыта таһырдьа мустан, лапталаан, мээчик тэбэн, сүүрэн-көтөн тахсар этэ. Оннук сылдьан ис туругуҥ күүһүрэр, эт-хаан чэбдигирэр. Билигин отой атын хартыына. Алтыһыы да, хамсаныы да аҕыйах.

Билигин аҕа суолтата намтаан турар диэххэ сөп. Ити билиҥҥи олохпут тосту уларыйыытын охсуута. Сэбиэскэй сойуус саҕана тигинээн-таҕынаан турбут холкуостар, сопхуостар турбут кэмнэригэр үлэһит суолтата сүрдээх үрдүк этэ. Эр киһи үлэһит буолан дьиэ кэргэнин иитэр-такайар буолан үрдүктүк тутуллара. Билигин хайдаҕый? Саҥа былаас эстибит тэрилтэлэрбитин солбуйар тугу да айбата. Ол түмүгэр сорох кытыы нэһилиэктэргэ 35 % тиийэ үлэтэ суох киһи баарын ким да саарбахтаабат. Ол үлэтэ суохтар үгүс өттүлэрэ эдэр ыччат уонна орто саастаах эр дьон. Аны үлэ баар да буоллаҕына,  хамнаһа дуона суох. Ол иһин дьоннорун иитээри сорохтор иккилии үлэҕэ сылдьаахтыыллар. Маннык турукка олорор эр киһи туох ордук таһымнаах иитээччи буолуой, санаан да көрдөххө? Күннээҕи кыһалҕаттан баттатан үксүлэрэ аһыы утахха санааларын аралдьыта сатыыллар, ол түмүгэр өссө намтыыллар. Саатар инникибит үдүк-бадык. Олох тупсуута, сайдыыбыт хардыыта, ордук тыа сиригэр бытаан диэххэ сөп. Барыта оннук мөлтөх диэбэппин эрээри, ити урукку кэми кытта мин тэҥнээһиним итинник. Хайдах баарынан, малтаччы этэбин.

Тыа уонна куорат аҕалара уратылаахтар бөҕө буоллаҕа дии. Куорат олоҕо балысхан, түргэн-тарҕан туттууну, элбэх кэлиини-барыыны, хамсаныыны эрэйэр. Ээл-дээл буоллаххына ырааппаккын. Сытыы- хотуу буолуу, булугас өй элбэҕи быһаарар. Үлэ баара сүҥкэн суолталаах, ол кыаллыбатаҕына туох да абыраабат буоллаҕа дии. Мин икки убайым куорат олохтоохторо. Кинилэр эмиэ элбэхтэ хамсаналлар, сүүрэллэр-көтөллөр, дьиэ кэргэннэрин иитэргэ толору кыһаналлар. Куорат тэтимэ, сайдыыта, олоҕун таһыма чыҥха атын. Тыа сиригэр аҕа барахсан эмиэ хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьонун иитэр туһугар мөхсөр. Ким сүөһүлээх хотонун көрө тахсар, булчут хара тыатыгар айанныыр, үлэлээх онно сүүрэр. Тыа олоҕун тэтимэ арыый наҕыл эрээри, күннээҕи түбүгэ куорат киһититтэн аҕыйаҕа суох буоллаҕа. Ол эрэн куоракка, тыаҕа даҕаны араас аҕалар бааллар. Оҕолорун ким хайдах сатыырынан иитэр-такайар, хааччыйар. Отун-маһын, мууһун тиэйиитэ, булааһына-талааһына,  дьиэ, гараас оһоҕун оттооһуна, барыта кини кэтит санныгар өйөнөн сылдьар. Бытархан тымныыга, уот куйааска ити үлэни барытын толоруу сыанан аҕаабат. Онон тыаҕа да, куоракка да түбүк элбэх, хотоҕостуу сыыйыллан тахса турар.

Билиҥҥи аҕаларга судургута суох кэм буолла дии саныыбын. Эһиги дьиэ кэргэн үрдүк өһүөтэ, халыҥ хаххата буоларгытын умнумаҥ. Күннээҕи түбүгү быһаараргыт таһынан кэнчээри ыччаттаргытын кэрэҕэ-сырдыкка, киһилии сыһыаҥҥа, олоххо дьулуурдаах буоларга иитиэхтээххит. Бэйэҕит тугу билэргитин- сатыыргытын салгыы утумунан үөрэтиэхтээххит. Биири тоһоҕолоон этиэм этэ. Оҕолоргутун атаахтык иитимэҥ, кинилэр тугу көрдөөбүттэрин биэрэн иһимэҥ. Кыра эрдэҕиттэн туох, хайдах уонна хантан кэлэриҥ быһаарар ордук.

Хас биирдии киһи бу Орто дойдуга алҕас кэлбэт. Үрдүк Айыыларбыт туох эрэ соруктаах-ыйаахтаах анаан бу сиргэ түһэрэллэр. Түҥ былыргыттан үөрэҕэ суох, ол эрээри Ийэ айылҕаны кытта алтыһан кэлбит өй-мэйии төрүттэрбит итини барытын билэллэрэ уонна ыччаттарын аччыктаабыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр, эйэҕэс-сиэрдээх майгылаах, кыраттан кыһаммат, улахантан уолуйбат, олох очурдарын дьулуурдаахтык, сылайбакка дабайар гына иитэн-такайан үтүө дьону таһаараллара. Онон, эһиэхэ, эдэр дьоҥҥо, өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин утумнуур-салгыыр сорук турар. Барыгытыгар чэгиэн-чэбдик туругу, үрдүк ситиһиилэрдээх үөрэҕи-үлэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр иллээх-эйэлээх, байылыат олоҕу! Алгыс баһа сыаланнын! Доом! Доом! Доом!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....