14.12.2021 | 15:00

Аһаҕас эттээх киһи олоҕо уустук эбит

Аһаҕас эттээх киһи олоҕо уустук эбит
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Олоххо араас дьикти түгэн элбэх. Бэйэм араас быһылааҥҥа түбэспит уонна дьон кэпсээнин балачча истибит буолан, оннукка итэҕэйэбин. Билигин интэриниэт, социальнай ситим балысханнык сайдыбыт кэмигэр дьон санаатын көҥүл үллэстэр кыахтанна. Сөҕүмэр түбэлтэлэргэ түбэспит дьон кэпсээнин ааҕааччы болҕомтотугар таһаарабыт.

Уматык таһар массыына суоппарабын. Бу тухары араас дьону кытта айаннааччыбын. Дьэ, ол эрээри аһаҕас эттээх киһини кытта бастакы уонна бүтэһик сырыым кэнниттэн элбэҕи толкуйдуур, сиэри-туому лоп курдук тутуһар буоллум.

Соҕотоҕун улахан массыынанан бэнсиин тиэйэ сылдьан, уонтан тахса сыл анараа өттүгэр, аара суолтан сааһыра барбыт дьахтары олордубуттаахпын. Айаммыт суола оччолорго соччото суох этэ. Суолга хонорбут элбэҕэ. Ол иһин эрдэттэн өйүөлээх барабыт. Сырыым аайы хочулуокпун илдьэ сылдьааччыбын. Суолу биһиги курдук улахан массыыналар онон-манан кэлийээ аҥаардаан, кыайан ааспакка, ыкса күһүн буор тоҥуон эрэ иннинэ батыллан олоруллааччы.

Суолбун саҥа саҕалаан истэхпинэ, бастакы нэһилиэктэн биир дьахтар суол тоҕойугар тахсан кэллэ. Тохтоотум. Баран иһэр сирим диэки буолан, ыллым. Соҕотох айаннаан иһэр киһи бастаан үөрдүм. Хата, суолбар айах атан кэпсэтэр киһилэнним дии санаатым.

Сити курдук айаннаан иһэн дьахтарбын кытта чаһы да ыйытан, кимтэн кииннээҕин эҥинин да туоһулаһан кэпсэтэ сатаатым. Дьахтарым аат эрэ харата хоруйдаһар. Сирэйэ-хараҕа олох кубархай, «ыарытыйар буоллаҕа дуу?» диэн, кэлиҥҥинэн соччо саҥарбакка “ууну омурдан” айаннаатыбыт.

Арай айаннаан истэхпинэ дьахтарым: “Көрөҕүн дуо?” ̶ диэн ыйытааччы буолла. Мин суолум бадарааныттан, кэлийээ муустаах уутуттан атыны тугу да көрбөппүн. Онтон аны “тохтоо” диэн буолла. Мин бастаан көҕүрэттээри гыннаҕа диэн тохтоотум. Дьахтарым тэтиэнэх баҕайытык ойон түстэ да, суолтан туораата.

Кэтэһэн көр – биллибэт. Уҥа сиэркилэбинэн арай көрдөхпүнэ, дьахтарым талах быыһыгар илиитинэн далбаатанар. Өйдөөн көрбүтүм, суол ыксатыгар, талах кэннигэр, туох эрэ баарыгар тиийэн турар. Үөгүлээн көрдүм  ̶  харда суох. «Туох ааттаах моһуогурдаҕай?»  ̶  дии санаан дьахтарбар бардым. Талаҕы эргийэн иһэн суол саахалыгар түбэһэн өлбүт дьон бэлиэтэ баарын көрдүм. Кимниин эрэ кэпсэтэр курдук көстөр... Мин соччо куттаһа суох этим. Ол эрээри көхсүм кэдэҥнээн ылла. Бара охсуох санаа үүйэ-хаайа тутан, чуут айанныы сыһан, массыынабын собуоттаатым.

   Төһө да салыннарбын, дьахтарбар төттөрү таҕыстым. Тиийэрбэр дьахтарым утары иһэр. Сирэйэ сырдаабыт көрүҥнээх. Күлэн мичээрдии-мичээрдии, саҥата суох аттыбынан ойоҕолоон ааһан, кэбиинэҕэ тахсан ырычаахтаста. Мин иэним тарда-тарда, кэбиинэни былдьастым. Сэрэхтээх дьукаахтанаммын, саҥабыттан маттым. «Төбөтүнэн соччото суох буоллаҕына, аны биилээхпин булан, айаннаан иһэн ол-бу буолан туруо» диэн дьахтарбар аҥаар харахпын анаатым.

Айаннаан иһэн дьахтарым өссө икки сиргэ “тохтоо” диэбитин тохтооботум. «Эмиэ тахсан сүтэн хаалыаҥ» диэн, бобон кэбистим. Арай ол айаннаан иһэн дьахтарым ботугуруур буолан хаалла. Мин «олох батыа суох, аны кэлэр нэһилиэккэ хаалларыыһыбын» диэн сананным. Ону билбит курдук, дьахтарым бэйэтэ кэпсэтэ сатыыр буолла уонна бу курдук кэпсээтэ: “Суол саахалыгар өлбүт киһи бэлиэтэ... Ити өлбүт муҥнаах суол таһыгар туран далбаатаабыта. Ол иһин тохтоппутум... Хата, тылбар киллэрдим. Хаалла...” Ээ, мин истэ сатаан баран, табах уматтан бусхаппытым. Кэлиҥҥи иккигэ мин тохтооботохпун...

Мин букатын тугу да утары этэр кыаҕа суох, күөмэйбэр туох эрэ улахан уҥуох туора туран хаалбытын курдук, саҥам тахсыбат буолла. “Кырдьык, төбөтө хамсаабыт быһыылаах” диэн олох сөбүлэһэ эрэ олорбутум. Ону баара, “үөрүүм үксүөн”, дьахтарым “икки суоппар уол бу барсан иһэллэр...” диэбитигэр эппит сиригэр хааллара сыһан ыга кыыһырдым! “Туох ааттаах, кыыһырбат эрэ диэҥҥин мээнэ тыллаһаҕын!” - диэбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаалла. Дьахтарым эмиэ «ууну омурта».

Дьолбор, били күүтэн олорбут нэһилиэгим уоттара мас быыһынан элэҥнэстилэр. Киириигэ аһаан ааһар дьиэ, дьолго, аһаҕас эбит. Үөрүүбүн кытта дьахтарбын кытта аһаан, сэниэ киллэрэн баран: “Аһара кутталлааҕы кэпсиигин, сүгүн айаннаппаккын”, ̶ диэн матыыптаан хааллардым. Тахсаары турдахпына, дьахтарым: “Ити уолаттар массыынаҕыттан араҕар санаалара суох, сэрэнэ сырыт... көрдөһөн көрөөр...” – диэн эбии санаабын алдьатан хаалар дьахтар буолан биэрдэ. “Төлүүбүн дуо?”— диэбитин ылбатым.

Дьэ, холкутук айанныам дии санаабытым баара, били эппит тыллара кулгаахпар олорон хааланнар, санаабар, ким эрэ аттыбар баарын курдук, хас да буолан айаннаан иһэр курдукпут. Эт-этим барыта күүрэн хаалла. «Дьэ, аат дьахтарын олордоммун бу буоллахпын» диэн бэйэбиттэн бэйэм хоргута айаннаан истим.

   Сотору уруулум ыараан хаалла, уҥа диэки тардар буолла. Тохтоон көрбүтүм, илин уҥа көлүөһэм тыынын таһааран ньалбайбыт. Улаханнык таһаарарын иһин уларыттан букунайдым. Салгыы айаннаатым.

Онтон аны бүтүгүрээн баран массыынам иккитэ умуллан ылла. Туохтан умулларын быһаарбатым. Туран эрэ эрийтэрдэхпинэ, эстэн кэлэр. Дьэ, ити курдук массыынам туохтан умулларын тойоннуу айаннаатым.

Тиийиэхтээх сирбэр тиийэн, уматыкпын сүөкүү туран, кэбиинэм иһигэр олорон, өйүөм тобоҕун хаптым. Алаадьыбыттан уурдум. Сүөкээн бүтэн баран чэпчээбит массыынанан кэлбит суолбунан хайдах эмэ гынан төннөр инибин диэн эрэх-турах сананным.

Бүтээт, эрийэ туттум да төттөрү куугунатаары гыммытым, массыынам хайдах эрэ кыаммат, толору уматыктаах сылдьарыттан улахан уратыта суох. Онтон сыыйа кыра да сыыры ыарырҕатар буолан хаалла. Эмиэ тохтоон, бүөлэнээри гыннаҕа диэн үрдэрбитэ, ыраастаммыта буоллум да, син биир туһалаабата.

Дьиэбэр сарсыныгар күнүс кэллим. Дьиҥэр, үчүгэйдик айаннаатахха, түүн кэлиллээччи. Сынньанан баран сарсыныгар тахсан эмиэ массыынабын «ойууннаатым» да, туга да быһа барбытын быһаарбатым. Бу сылдьан гарааска бөлөрүүс хоруопкатын төлө тутан, атахпар түһэрэн балыыһа киһитэ буолан хааллым. Тостубут диэн гиипсэлээн кэбистилэр. Тойонум төлөпүөннээн билсэн, атахпынан “хамыыһыйалаан”, атын суоппар барар буолла.

Нэдиэлэ бүтүүтэ куһаҕан сурах кэллэ: суоппар уматыгын сүөкээн баран саҥа хоҥнон истэҕинэ, массыынам умайан тахсыбыт, хата, суоппар эдэр киһи буолан быыһаммыт. Массыынаны уот дэлби тэбэн кэбиспит...

Били дьахтары көрсө иликпин. Көрсөрүм буоллар элбэҕи ыйытыах курдукпун. Онон суолга аһаҕас эттээх киһини кытта айаннаабатах ордук эбит.

 

Суруксут суоппар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...