05.06.2020 | 09:10

Аһаҕас эттээх ийэм кэпсээниттэн

Аһаҕас эттээх ийэм кэпсээниттэн
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арылы, Таатта улууһа, Дьохсоҕон нэһилиэгэ: – Ийэм кэпсиир түгэниттэн биири өйдөөн хаалбыппын сэһэргиим. Бу оргуйар олохпут үөһүгэр икки эйгэ алтыһыыта мэлдьи буоларын, аһаҕас эттээх эрэ дьон билэр эрдэхтэрэ. Бэйэм санаабар, бүтэй дьүөкээн буолан сылдьыбыт быдан ордук курдук. Дьэ, арай ийэм арыый улаатан, дьиэ иһигэр-таһыгар туппай-иппэй, илии-атах киһитэ буолуута биирдэ, биэдэрэлэнэн таймаланан, күөлүгэр уу баһа киирбит. Оччолорго алаастарынан сайылыкка көһөн олороллор эбит. Сир-дойду үгэннээн көҕөрө чэлгийэн турар кэмэ буолан, күн уотуттан хараҕа саатан, симириктээн ыла - ыла, икки гына өрүллүбүт хап-хара субуллар суһуоҕа эриллэҥнии көтө дьиэрэҥкэйдии испит. Хас ойдоҕун ахсын биэдэрэтэ лыҥкыныы испит. Олорор дьиэлэриттэн наһаа ырааҕа суох, сиэркилэ ньуурунуу күлүмүрдээн көстөр, кытыыта отунан бүрүллэ үүммүт күөлүгэр чугаһаан иһэн көрдөҕүнэ, арай хап-хара аттаах былыргы баҕайы таҥастаах киһи айаннатан сэксэтэн иһэр эбит.

  Оҕо киһи барахсан, ону көрөн муодарҕаан, уу кытыытыгар киирэн көрөн турбут. Оҕордук аттаах киһи көрдө көрбүтүнэн, ууну кытыытынан кэстэрэн кэлэн, атын үрдүттэн түспэккэ эрэ атын уулаппыт. Ийэм онно көрдөҕүнэ, сирэйэ хара бараан, дьикти баҕайытык чолбоодуччу көрбүт харахтаах, төбөтүгэр сарыы бэргэһэлээх, такыр тарбахтарыгар тимир уктаах уһун ситии кымньыылаах эбит. Ону көрөн хараҕаланан турдаҕына, киһитэ дьикти баҕайытык дьигиһис гынаат, кыыс аттынан аргыый хаамтаран ааһан иһэн, уһун кылыс кымньыытынан салгыны охсон кууһуннарбыт да, эмискэ бытарыс гына ыһыллаат, сүтэн хаалбыт. Оҕо барахсан турбут сиригэр, эмискэ уһуктубуттуу, эргим-ургум көрөөт, буолбут көстүүттэн куттанан, часкыйа түһээт, биэдэрэлэрин төлө тутан лыҥкынаппыт, тыаһыттан үргүбүттүү, дьиэтин диэки сүүрэн сарымтахтаммыт. Сүүрэр уоҕар этэрбэһин быата сөллөн, сототугар охсуллар тыаһыттан эбии куттанан, сүрэҕэ тахсыахча битигирии ойбут. Салгыы ойуох киһини, дьолго, сүүрдэҕин ахсын субулла эриллэн испит этэрбэһин быатын үктээн, туруйалаан тиийэн, хаппыт буорга тобуктуу түһэн тохтообут. Битигирии тэппит сүрэҕин тыаһын, тобугун быһа түспүт ыарыыта баһыйан, аны ытаан сыҥсыйбыт. Ойон туран сүүрүөх киһи, ыарыыта бэрдиттэн аргыый илиитинэн тайанан туран, дьиэтин диэки содьороҥнуу турбут.

         Арай үүт эрийэ туран эбээбит көрдөҕүнэ, дьиэтин аана аргыый кыыкырдаан аһыллаатын кытта, оҕото дэлби ытаабыт, буор сыстан, эриэн-дьураа буолбут сирэйэ, баттаҕа быылтан күкээрэн хаалбыт, былаачыйата биир оннук киртийбит, тобуга хаан оҕуолуу сылдьар кыыһа бу сыккырдаан киирэн кэлбит. Ийэ киһи ону көрөн олус соһуйбут, куттаммыт. Сүүрэн тиийэн, оҕотун кууһан ылбыт. Уоскуйаннар туох буолла диэн ыйыталаспыттарын түмүгэр, ийэм тугу көрбүтүн кэпсээн биэрбит. Эбэм, оҕото аһаҕас эттээҕин билэр буолан, оҕотун кэпсээнин сонно чугастык ылыммыт. Кырдьаҕастартан ыйыталаһан истибиттэринэн, өскөтүн ол киһи кымньыыта ийэбин таарыйан ааспыта буоллар, хараҕа суох буолуохтааҕа эбэтэр таарымталанан өлүөхтээҕэ эбитэ үһү. Бу маннык айылҕа араас көстүүлэрэ кэмиттэн кэмигэр оҕо киһи хараҕар көстөн ааһаллар эбит. Ийэм барахсан, аҕыс оҕоттон соҕотох ордон хаалбыт оҕо буолан, айылҕаттан дьиктитэ өссө да элбэх эбитэ үһү.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Сонуннар | 28.08.2024 | 15:36
Элбэх оҕолоох ыалга улахан көмө
Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна Сайсары уокуругун управатын салайааччыта Владимир Слепцов Бессоновтар дьиэ кэргэннэригэр Билии күнүнэн бэлэхтэрин туттардылар. Ыал аҕата билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Бессоновтар биэс оҕолоохтор – биир устудьуон уонна түөрт оскуола үөрэнээччитэ. Бу күн оҕолорго үөрэх тээбиринин бэлэхтээтилэр, оттон ыал кыратыгар маҥнайгы кылаас үөрэнээччитигэр аналлаах набору...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...