18.12.2019 | 13:20

85-тэр сонун быыстапкалара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күлэн-оонньоон, айдаарсан,

Сэмэлэһэн, хайҕаһан ...

Умнуллубат онус кылаас 

Таптыыр нарын эдэр саас...

диэн тыллардаах ырыаны истибит эрэ бары оскуолатааҕы бүтэһик онус кылааһа хараҕар элэҥнии түһүө. Бу биһиги Саха АССР кэмигэр ыраах 1985 сыллаахха оскуоланы бүтэрбиттэр быыстапкаларын көрөбүт.

Быыстапка саалатыгар киирээти кытта киһи эрэ барыта оччотооҕу оҕо сааһыгар түһэр. Манна кыһыл таҥаска маҥан кыраасканан суруллубут "Пионер всегда пример всем","Учиться, учиться и учиться" диэн лозуннар киһи эрэ дууһатын кылын таарыйан, ыраах 80-с сылларга сиэтэн киллэрэллэр. Оччотооҕу ыраас, сырдык, кыһалҕата суох кэмнэри санатар оҕо сааспыт маллара мунньуллубут муннуга быыстапкаҕа биир дьоһун миэстэни ылар. Манна почтанан кэлэр открыткалары, оччотооҕу истиэнэ киэргэлэ чеканка  оҥоһуктары, бахрома бытырыыстаах көбүөрү, ыччат сөбүлүүр ырыаһыттарын пластинкаларын, хаартыскалары, кыыс аймах эрэ кумир туттубут Индия киинэ артыыстарын мөссүөннэрин көрүөххэ сөп. Ону таһынан оҕо эрдэҕинээҕи иһит-хомуос ортотугар өрбөх сеткаҕа хоручуоската кириллибит... килиэп... угуллан турара киһини ордук долгутар. «Маннык этэ буолбаат, пекарняттан сыһан-соһон аҕалан иһэн булгуччу кытыытын кирэн кэлэр идэлээх этибит!»- диэн күлсэллэр оччотооҕу кэмнэрин санаан бу сонун быыстапкаҕа кэлээччилэр.

Маны барытын композициялаан быыстапкаҕа туруорда Бүлүү куорат выпускницата Антонина Дмитриева.

Салгыы быыстапка саалатыгар хаамтахпыт ахсын бииртэн биир киһи хараҕын сымнатар оҥоһуктар, уруһуйдар, хаартыскалар ууруллубуттар.

Биир истиэнэни толору кэккэлээбит истээх сон, шуба арааһын ааптардара – Сунтаартан төрүттээх Мария Николаева. Кини эргэни уларытан тикпит киһи эрэ сэргии көрүөх мындыр үлэлэрэ иистэн илиитин араарбатын туоһулууллар.

Бу быыстапка саалыгар арааһы мунньар дьарыктаахтар малларын көрүөххэ сөп. Ол курдук, Майаттан кэлбит Ольга Шарина кофе бааҥкаларын 350 көрүҥүн, Тааттаттан тардыылаах Антонина Анисимова иһигэр уоттаах араас көрүҥнээх сувенирнай дьиэлэрин, Ньурба кыыһа Яна Яковлева араас дойду колокольчиктарын, иһиккэ уруһуйдуур технологияны баһылаабыт Сунтаартан Лидия Николаева өссө кулаларын араас оҥоһуктара, Ньурба кыыһа Валентина Дегерякова нуучча классиктарын ытыс саҕа кинигэлэрин хомуурунньуга – быыстапка биир дьоһун хайысхата.

Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр ортолоругар айар куттаах дьон аҕыйаҕа суох эбит. Кинилэр бэйэлэрин кинигэлэрин быыстапкатын тэрийбиттэр. Холобура, Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн Индиана Феофанова хоһооннорун хомуурунньуктара кэчигирээбиттэр.  Уус Алдантан төрүттээх Виктор Литвинцев-Өҥөртөй Биичик хас да хоһооннорун хомуурунньугун, Үөһээ Бүлүүттэн Маргарита Степанова историяны кэрэһилиир араас темаларга хомуйан таһаарбыт кинигэлэрин бу быыстапкаҕа туруорбуттар.

Салгыы хаартыскалар көстөллөр. Ол курдук, Бүлүүттэн Лилиана Антонова айылҕа араас көстүүтүн хаартыскаларын мунньар сэдэх дьарыктаах эбит. Горнай кыыһа Алена Иванова, Таатта уола Алексей Васильев хаартыскалары хайдах курдук ураты ракустан түһэрэллэрин хайҕыы көрөҕүн.

Оттон Сардаана Стрекаловская өрбүт кыл сэлээппэлэрэ киһи эрэ ымсыырар кэрэ көстүүтэ. Тарбаҕар талааннаах диэн мээнэҕэ эппэттэр, чахчы да ойуу диэн мандарын маска түһэрии көрүҥүн баһылаабыт Уус Алдантан Мичил Бурцев улахан чорооно көстүүлүүн сүдү. Мастан кыһан, хаһан оҥоруу диэтэххэ кээмэйигэр дьүөрэтэ суох чэпчэки ыйааһыннаах чахчы норуот маастарын оҥоһуга. Маастар үлэтин өссө биир маастар ситэрэр. Ол курдук Мэҥэ Хаҥаластан норуот маастара Ольга Дмитриева кыбытык ииһин киһи эрэ сөҕө- махтайа көрөр.

Илиилэрин иминэн араас дьэрэкээн киэргэллэри, харысхал бэлиэлэри сылдьыбыт эрэ бары сөбүлээтилэр. Бу Хаҥалас кыыһа Мария Заболоцкая оҥоһуктара. Уран тарбахтаахтар дьахтар киэргэлин араастаан оҥорбутун Антонина Дмитриева киэргэллэригэр эмиэ көрөбүт. Ону таһынан киистэни холустаҕа хаамтарыы искусствотын маастара Ньурбаттан Фаина Степанова үлэлэрэ көрөөччү кутун тутуохтарын туталлар.

Хаҥаластан төрүттээх Уус Алдан выпускнига, спорт маастара Андрей Яковлев араас таһымнаах наҕараадаларын муннугар Америкаттан кэлбит наҕарааданы кытта көрүөххэ сөп. Ньурба выпускнига Леонид Тихонов быаттан өрбүт үлэлэрэ эмиэ быыстапкаҕа биир дьоһун миэстэни ылаллар.

Ыраах Орто Халыма Алаһыай оскуолатын биир кылааһыттан үс талааннаах бииргэ үөрэммит доҕордуулар кыттыылара – быыстапка биир сэдэх көстүүтэ. Кыыстара Мария Винокурова иис эйгэтин чахчы да баһылаабыта сахабыт эстрадатын артыыстарын сценаҕа кэтэр көстүүмнэрин тикпит үлэтигэр да көстөр. Норуот маастара Иннокентий Колесов көмүс оҥоһуктарын хаартысканан туруоран көрдөрбүтүгэр көрөөччү эрэ барыта хараҕа хатанар. Биир одноклассниктара Василий Колесов миэбэлгэ тиийэ оҥоһуктарын эмиэ хаартысканан көрдөрдө. Кинилэр биир кылааска үөрэммит кыыстара Марианна Захарова дьүөгэлэринээн Кэбээйи кыргыттара Евдокия Попова, Нина Никитина буолан талахтан өрбүт корзиналарын фотозона муннугар көрүөххэ сөп. Эльза Басыргасова бфыысапката, Хаҥаластан Алина Яковлева ииһэ, Виктор Литвинцев мозаиката киһи хараҕын эрэ үөрдэллэр.

Бу Саха АССР 1985 сыллааҕы выпускниктарын талба талааннаахтарын быыстапката Дьокуускай куорат Строительнай ырыынагын дьиэтигэр биир нэдиэлэ устата турда. Быыстапка кэмигэр туруоруллубут үлэлэринэн тоҕус маастар-кылаас, икки видео-презентация, икки тренинг буолан аастылар. Быраас идэлээх выпускниктар лиэксийэлэрэ элбэх киһи интэриэһин тарта, кинигэлэринэн поэзия дьоро киэһэтэ барыбытын сомоҕолоото.

САССР 1985 сыллааҕы выпускниктара эһиил оскуоланы бүтэрбиппит 35 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн ыытыллар үгүс ахсааннаах тэрээһин биир түһүмэҕэ – Талба талааннаахтар быыстапкалара бу курдук баай ис хоһооннохтук буолан ааста. Быыстапканы туруорарбытыгар күүс-көмө буолбут Строительнай ырыынак генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Иван Иванович Даниловка дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Оттон «85-тэр» тэрээһиннэрбитин зодиак бөлөхтөрүнэн ыытар буоллахпытына, бу быыстапканы көҕүлээбит, тэрийбит Скорпион бэлиэлээхтэргэ биир нэдиэлэ устата үрдүк таһымнаах быыстапканы туруорбуттарыгар киин куорат олохтоохторун уонна выпускниктар бэйэбит ааппытыттан махтал истиҥ тылларын этэбит.  Бу кэмҥэ «Саха» НКИХ икки төгүл быыстапка, түмсүү үлэтин сырдатар матырыйааллары нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар таһаарда. Махтал тыллары Мария  Ивановаҕа, быыстапка саалатыгар наар дьурууһунайдаабыт Леонид Тихоновка, Виктор Литвинцевка аныыбыт.

Талба талааннаахтар быыстапкаларын аны сайын атырдьах ыйыгар ХАТЫЛЫЫРГА былаанныыбыт, Онно  кыттааччыбыт өссө элбииригэр саарбахтаабаппыт.

Маргарита СТЕПАНОВА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...