27.06.2020 | 19:04 | Просмотров: 637

83 818 киһи номнуо куоластаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр икки күн иһигэр, бэс ыйын 25 уонна 26 күннэригэр, Сүрүн сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии куоластааһыныгар 83 818 киһи кытынна. Ол иһигэр куоластыыр учаастакка бэйэлэрэ кэлэн 59 220 киһи куоластаатылар.

Арассыыйа үрдүнэн 21 мөлүйүөнтэн тахса киһи куоластаата.

Өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх киһи Дьокуускайга – 10 534, Нерюнгригэ – 7300, Мииринэйгэ – 7076 киһи номнуо куоластаата. Бастыҥнар истэригэр Мэҥэ Хаҥалас (4989), Үөһээ Бүлүү (4243), Ньурба(4323) киирдилэр.

Куоластыыр учаастактарга биир да быраабыланы кэһии бэлиэтэнэ илик. От ыйын 1 күнүгэр диэри ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа дьон көхтөөхтүк кыттан эрэр.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.