09.08.2020 | 17:21

52 сыл анараа өттүгэр аатырбыт “Правда” хаһыакка

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

1968 сыл. Олимпийскай чемпион Александр Иваницкай Саха сиригэр кэлэ сылдьыан быдан инниттэн, хомсомуол Киин кэмитиэтигэр үлэлиир кэмигэр, сахалары аҥаардас тустууларынан атыттартан чорботон суруйталаабыта.

Оччолорго саха тустууктарын туһунан киин бэчээккэ биир эмэ кыра информацияҕа да кыбыллара үөрүү буолара. Ити сыл олимпийскай чемпион Александр Иваницкай Чурапчыттан тиийэн, улахан түһүлгэлэргэ кыттыбыт уолаттары “Правда” хаһыат сүрүн геройдара оҥорбута. Оччолорго даҕаны улуу державабыт – ССРС сүрүн бэчээтигэр спортка ханнык эрэ кыра муннугу аныыллара. Үксүн футбол, хоккей, оччотооҕуга аатырар штангистар Жаботинскай, Власов уонна саахымат тустарынан буолара, тустууга аахайбат этилэр. Онно Иваницкай “аан дойду аччыгый чемпионатынан” аатырар Тбилиситээҕи турниртан Роман Дмитриев, төһө да иккитэ хотторон үһүс эргииринэн туораатар, “Якутский сюрприз” диэн матырыйаалын төбөтүн кытта киниэхэ анаабыта, талаанын бэлиэтии көрбүтүн суруйбута. Дьикти. Атын ааттаахтары умнан туран, эдэр уол кэскилин бэлиэтээбит. Суруйууга биһиги кыайтарбыттары үксүгэр олох да бэлиэтии көрөөччүбүт суох.

Сотору Киевкэ уолаттарга Сойуус чемпионатыгар Чурапчыттан Илларион Федосеев (48 кг), Семен Морфунов (57 кг) бастаабыттарыгар саха тустууктарын ураты истииллээхтэрин уонна сыл аайы тупсан иһэллэрин көрүүлэммитэ. Ити оскуола бэрэстэбиитэлэ сотору спорт муҥутуур чыпчаалыгар тиийиэҕин. Дьэ, ити кэнниттэн “Советский спорт” хаһыат, “Физкультура и спорт”, “Спортивная жизнь России”, “Советский воин” сурунааллар саха тустууктарын, чуолаан Чурапчы спорт оскуолатын туһунан суруйан барбыттара.

     Преображенскай уонна Коркин

Аатырбыт тренер С.А. Преображенскай икки олимпийскай чемпиону ииппитэ –- Александр Иваницкайы уонна биһиги Роман Дмитриевпытын. Хайа үөрэтэ ылбыт күнүттэн атын үөрэнээччилэриттэн ордук чорботон, кыһамньытын ууран, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Преображенскай бэйэтэ уол оҕото суох буолан, сорох кэмҥэ дьиэтигэр кытта олордон, суос-соҕотох кыыһыттан Галинаттан (Арассыыйа үтүөлээх артыыската, Арассыыйа искусствотын үтүөлээх деятелэ), Роман Дмитриевтэн биир сыл балыс, итэҕэһэ суох, күндүтүк көрөн, оҕолорун курдук ииппитэ. Сергей Андреевич атыттарга иккиэннэрин наар холобур оҥостор этэ.

Дмитрий Петрович Коркин уонна Сергей Андреевич Преображенскай иитэр ньымалара майгыннаһар. Киэҥ билиилээх, култууралаах киһи хайа баҕарар көрүҥҥэ кыайыылаах буоларын өйдүүллэрэ. Ону театрдарга, музейдарга атын үөрэнээччилэртэн ордук элбэхтик сылдьыбыт, элбэҕи аахпыт, ырыҥалыы, ырыта үөрэммит Александр Иваницкай уонна Роман Дмитриев олимпийскай чемпион буолбуттара туоһулуур. Коркин эмиэ Преображенскай курдук бастыҥ үөрэнээччилэрин Николай Захаровы (Сахааччаны), Роман Дмитриевы уо.д.а дьиэтигэр ыҥыран, Александра Семеновнатынаан бүөмнээн аһатан, ыалдьыттатара, хоннороро. Соҕотох кыыһыттан Геятыттан итэҕэһэ суох аҕалыы сыһыаннаһара.

Бастакы көрсүһүүлэр

Бастакы көрсүһүү хаһан баҕарар киһи өйүгэр хаалар. Александр Владимировичтыын бастакы көрсүһүүбүтүгэр Саха сиригэр бастакы сырыытын туһунан олус иһирэхтик кэпсээбитэ.

Ол кэпсэтии 1998 сыллаахха буолбута. Былааһы суулларарга сорунааччылар аан бастаан телевидение киинин ылаллар. Ол кэмҥэ Б.Н. Ельцины Арассыыйа президениттэн туоратаары, хабырыйсыы кытаанаҕа. Оттон Александр Владимирович дойду маҥнайгы ханаалыгар спортивнай биэриилэр салайааччылара этэ. Мин кинини көрсөр баҕалаахпын истэн, ханнык аадырыска хас чааска тиийэрбин эппитэ. Арассыыйа телевидениеларын, араадьыйаларын сүрүн ханаалларын уораҕайдара куорат иһигэр куорат буолан олорор олбуордарыгар киирэр ааҥҥа ыҥырбыт эбит. Пропуск номнуо бэлэмнээбит, миигин хас даҕаны бэрэбиэркэни арыаллаан атааран биэрбиттэрэ. Александр Владимирович үөрэ көрсүбүтэ уонна үлэһиттэрэ туох биэриини оҥороллорун хас да кабинеты, студияны, монтажнайдары батыһыннара сылдьан көрдөрбүтэ. Бэйэтэ ким тугу хайдах оҥорорун быһааран кэпсээбитэ.

Сэһэргэһиибит кабинетыгар хас да чаас чэйдии олорон салҕаммыта. Бастаан сирэйбин-харахпын көрбүтэ уонна ыйыппыта:

- Хас дойдуга сылдьыбыккыный?

- Аахпаппын ээ. Син балайда , - диэбиппэр, мичээрдээн баран:

- Олортон хайалара ордугуй? – утары сураспыта.

 - Саха сирэ буоллаҕа дии.

Инньэ диэхтээхпин сэрэйбитэ табыллыбытыттан үөрүүлээхтик саҥа аллайбыта:

- Оннук! Мин эмиэ элбэх дойдуга сылдьыбытым. Ол эрээри бэйэм кэммэр саамай интэриэһинэй айаным – бырабыыталыстыба таһымыгар 1969 сыллаахха Саха сиригэр сырыым этэ. Онно барыта сөхтөрбүтэ. Аан дойдуга маннык кэрэ айылҕа суох. Үчүгэйэ диэн, мин наһаа тымныы кэмҥэ буолбакка, кулун тутарга сылдьыбытым. Хотугу муустаах полюс оройунан сөмөлүөтүнэн көппүппүт. Саха сирин олус сөхпүтүм уонна баччааҥҥа диэри ити айаны уратынан ааттыыбын. Тоҥ балыгы олоҕум тухары өйдөөн хаалбытым уонна чахчы таптаабытым. Манна тоҥ балыгы буллахпына, хайаан да бэйэм астыыбын. Итини сэргэ Коркин оскуолата сөхтөрбүтэ.

Коркин, Преображенскай уонна хас да тренер бааллар, өссө да баар буолуохтара. Аҕыйахтар. Мин Коркин биографиятын түгэннэринэн билэбин. Дмитрий Петрович Преображенскайдыын хайдах көрсүбүттэрин. Сергей Андреевичтыын ленинградецтарбыт, оттон Коркин онно пединститукка үөрэммит. Онно билсибиттэр уонна ыкса доҕордоспуттар. Коркин аата улаханнык дуорайыахтаах. Элбэх талааннаах оҕолору булан эрчийбитэ,   куруутун Москваҕа аҕалтыыра, ол сбордартан аан дойду, Европа чемпионаттарыгар илдьэрэ. Ол иһин оскуолатыттан тэйэр, ыраатар курдук буолара. Кини  олус муударай, олох аҕыйах киһи эрэ ылынар суолун тутуспута. Уол оҕону сөптөөх спортивнай эрчиллии таһымыгар тиэрдэн баран, кини Преображенскайга эрийэн, сөбүлэҥ оҥорсор – эдэркээн тустуугу чочуйууга ыытар. Ол курдук билиҥҥи биллиилээх бөҕөстөр Дмитриев, Пинигин таҕыстахтара.

Сергей Александрович аармыйа тренерэ этэ, онон хас уол барыта онно сулууспалыахтааҕа. Атын сиргэ бардахтарына, хайдах буолуохтара биллибэт, онтон манна – доҕорун илиитигэр киирэллэрэ. Дмитрий Петрович доҕоругар олус эрэнэрэ. Оннук гынан кини оскуолатын да бырахпатаҕа, уолаттарын да тустуу үрдүкү кэрдииһигэр, ураты бөҕөстөр эргиирдэригэр атаарбыта. Сорохтор биир тустуугу булан баран, онтукаларын аан дойдуну кэрийэ хатайдыыллар да, соҕотох киһиттэн туох да туһаны ылбат. Оттон Коркин бииртэн биир үөрэнээччитэ тахсан иһэр. Тренердэр кэккэлэригэр кини уһулуччу миэстэни ылбыта. Ураты личность. Атын тренердэр оннук гымматтар. Холобур эн суруналыыс бөрүөтүнэн тустууну сырдатан, бу көрүҥ сайдыытыгар элбэҕи оҥордоҕуҥ. Ити быһыытынан кини эйиэхэ эмиэ Тренер. Олус сэдэх киһи.

Чурапчы оскуолата миигин тренажердарынан соһуппута. Коркин Японияҕа сылдьан, атыттар курдук, сууккаҕа бэриллэр кыра харчытынан ону-маны – джинсыны, тиэхиньикэни, видеомагнитофону атыылаһа сатаабакка, эрчиллэр саалалары кэрийбитэ. Фотоаппарат, кинокамера ылан, ханнык оборудованиелаахтарын чинчийбитэ. Оччолорго кинилэргэ баар тренажердары тиэйэн аҕалар кыаллыбат суол этэ. Онон, кэллэ-кэлээт, үөрэнээччилэрин кытта бэйэтэ мас кэрдэн, икки мэндиэмэннээх спорт сааланы – дьиҥнээх тустуу “храмын” тутууну саҕалаабыт. Иһирдьэ-таһырдьа ол көрбүт эрчиллэр малларын маһынан оҥортообутунан барбыта. Бэйэтин санаатынан, ол дьоппуоннар да, американецтар да тренажердарын курдуктары оҥортолообута. Биһиги Александр Медведтыын (ыарахан ыйааһыҥҥа үс олимпиада чемпиона - И.У.) олбуорга киирээт, тута ол кини дьикти оҥоһуктарын үрдүгэр түспүппүт. Блоктара, сиһи, иһи, көхсүнү, илиини эрчийэр ыарахан көтөҕөр маллара олус бэркэ үлэлииллэрэ. Ол таһырдьа тренажедарга эрчиллии кэнниттэн, Чурапчы оскуолатын үөрэнээччилэрин үтүктэн хаарынан сууммуппут. Бөһүөлэккэ биир да санузеллаах, итии да, тымныы да ууну краҥҥа сүүрдэр дьиэ суоҕа. Туалеттара дьиэттэн тэйиччи турара. Саалаҕа күүстээх эрчиллиигэ тустуу албастарын көрдөрбүппүт, тириппиппит-хоруппуппут. Хайыахпытый, тааска уу бастан, уолаттары үтүктэн, үрдүбүтүгэр куттан “душтаммыппыт”. Итинник усулуобуйаттан Дмитрий Петрович кылгас кэм иһигэр үрдүк кылаастаах маастары иитэн таһаарбыта киһини сөхтөрөр.

Сахалар ураты эрэллээх бөҕөстөр. Кинилэр соһуччу кыайтарар кыахтара суох. Ханнык баҕарар түгэҥҥэ тиһэххэ диэри киирсэллэр. Саха бөҕөһө, мин санаабар, хаһан да кэннинэн кэхтибэт, бэриммэт. Бэйэлэрэ буочардаахтар, ытарчалыы ылаллар, өһөстөр уонна сэмэйдэр. Күүстээхпин диэн түөстэрин тоҥсуна сылдьыбаттар. Наһаа элбэх саҥалара суох, ол эрээри оҥоруохтаахтарын тиһэҕэр тиэрдэллэр. Характердарынан, дьыалаҕа сыһыаннарынан майгыннаһаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....