5 саҥа оскуола Дьокуускайга 2024 сылга үлэҕэ киирээри турар
Ол курдук, ДСК оройуонугар 990 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киириэҕэ, 350 миэстэлээх салҕааһын 29 №-дээх оскуолаҕа, 550 миэстэлээх адаптивнай үөрэх комплекса, 4 №-дээх анал (коррекционай) оскуола саҥа диэтэ, ону кытта Кадеттар оскуолаларыгар интэринээттээх үөрэнэр куорпус тутуллан бүтүөхтэрэ.
Ыаллыы турар Жатай бөһүөлэгэр эмиэ 360 миэстэлээх саҥа оскуола тутуллуоҕа.
Үүммүт 2024 сылга уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 12 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 16 оскуоланы үлэҕэ киллэрэр сорук турар. Эбийиэктэр бары «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан тутуллаллар.
Киин куораты таһынан улуус кииннэрэ эмиэ саҥа оскуолаланаары тураллар: Таатта Ытык Күөлүгэр 450 үөрэх миэстэлээх уонна 100 миэстэлээх интэринээттээх оскуола тутуута түмүктэниэҕэ, Амма киинигэр Амма бөһүөлэгэр эмиэ 100 миэстэлээх интэринээттээх, 360 үөрэх миэстэлээх оскуола тутуллар, Мииринэйгэ – 1 №-дээх оскуола иккис куорпуһа.
Аҕыйах нэһилиэнньэлээх дьоҕус бөһүөлэктэргэ 7 саҥа оскуола үлэҕэ киириэҕэ: Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр 150 миэстэлээх оскуола, Үөһээ Бүлүү Сургуулугар 60 уонна 30 миэстэлээх оскуола-саад, Боотуулуга 165 мистэлээх оскуола, Дьааҥы Сайдыытыгар 80 уонна 40 миэстэлээх оскуола-саад, Нам Модутугар 150 миэстэлээх оскуола, Өлүөхүмэ Заречнай нэһрилиэгэр 60 миэстэлээх оскуола уонна Ньурба Үөдэйигэр 10 уонна 25 миэстэлээх оскуола-саад.
Сунтаарга тутуллар 450 миэстэлээх лицей саҥа дьиэтэ сир ириэриититтэн 2025 сылга көһөрүллүөн сөп. Маны сэргэ Нам киинигэр Нам бөһүөлэгэр 450 миэстэлээх оскуола тутуута саҕаланан турар.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2019 сыллаахха дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыт «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыагынан аҥаардас ааспыт 2023 сылга Саха сиригэр 6 саҥа оҕо саада уонна 14 оскуола үлэҕэ киирбиттэрэ, ол иһигэр Дьокуускай куорат «Прометей» оройуонугар өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх миэстэлээх оскуола үлэҕэ киирэн турар. «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан ааспыт биэс сылга уопсайа 10,2 тыһыынча миэстэлээх 48 оскуола тутулунна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.