16.01.2023 | 14:30

5-с №-дээх оскуола салҕааһына аһылынна

Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх оскуола 2186 кв. м уопсай иэннээх салҕааһына үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Саҥа салҕааһыҥҥа 274 6-8 кылаастар оҕолоро үөрэниэхтэрэ диэн иһитиннэрдэ Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
5-с №-дээх оскуола салҕааһына аһылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үөрүүлээх түгэнинэн педагогическай кэлэктииби, үөрэнээччилэри өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана  Айсен Николаев уонна куорат баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтилэр. Тэрээһиҥҥэ Үөрэҕирии уонна наука миниистирэ Ирина Любимова, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, куорат баһылыгын солбуйааччыта Наталья Степанова, Үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Мария Петрова, «Сэттэ» ХЭТ дириэктэрэ Игорь Федоров уо.д.а. кытыннылар.

Ил Дархан  Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан олоххо киирэр «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак көмөтүнэн, оскуолалара аһара туолбут Дьокуускай куоракка, үөрэҕирии материальнай-техническэй базатын саҥардыы уонна бөҕөргөтүү ыытыллар.

«2023 сылга Дьокуускайга 6 саҥа үөрэҕирии тэрилтэтэ тутуллара былааннанар. Оҕолорбут үчүгэй, аныгы усулуобуйаҕа үөрэниэхтэрин баҕарыллар. Тутааччыларга, «Сэттэ» хампаанньаҕа, «Главстрой» тэрилтэҕэ кылгас болдьоххо хаачыстыбалаах үлэлэрин иһин махтанабын», - диэтэ Ил Дархан.

Кини Дьокуускай кэми кытта эрэллээхтик бииргэ хардыылаан иһиэхтээҕин, киин куорат үөрэҕириитэ өрөспүүбүлүкэҕэ холобур буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Куорат баһылыга Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, быйыл оскуола сүрүн дьиэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах.

«Куораппытыгар, Владимир Владимирович Путин уонна «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа көҕүлээһиннэринэн, араас эйгэ кыһалҕалаах боппуруостарын уонна сайдыыларын быһаарар хас даҕаны национальнай бырайыак олоххо киирэр. Чуолаан, хапытаалынай өрөмүөн бырагырааматын көмөтүнэн былырыын 11 оскуоланы өрөмүөннээтибит, быйыл өссө 13-һү өрөмүөннүөхпүт. Ити барыта оҕолорбутугар дьоһун уонна хаачыстыбалаах үөрэҕириини биэрэр сыалтан оҥоһуллар», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Санатар буоллахха, Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх оскуола салҕааһынын тутуута 2021 сыл балаҕан ыйыгар саҕаламмыта. Саҥа куорпус 2021-2024 сылларга Саха сирин уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэлэригэр эбии миэстэлэри таһаарар бырайыак олоххо киириитин чэрчитинэн тутулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...