5 ойуур баһаара турда
РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр уопсайа 15 гектар иэннээх сиргэ номнуо 5 ойуур баһаара бэлиэтэнэр.
Амма, Уус Алдан уонна Чурапчы улууһугар турбут уоту умуруорууга 63 киһи уонна 4 тиэхиньикэ үлэлиир. Сүрүн күүс нэһилиэнньэлээх пууннары көмүскээһинҥэ ыытыллар.
Нэһилиэктэргэ минерализованнай балаһалар оҥоһулуннулар, нэһилиэктэр бары баһаарынай харабыл подразделениеларынан кэтэнэллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



