450 тыһ. солк. ипотеканы сабарга бэриллэр
2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бэттэх дьиэ кэргэҥҥэ үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕо күн сирин көрбүт буоллаҕына, ипотеканы сабарга судаарыстыбаттан 450 тыһ. солк. кээмэйдээх көмө харчы көрүллэр.
Кэргэнниилэр сокуоннай саахсалара да суох буоллаҕына бэриллэр.
Улахан оҕолор хас саастаахтара оруолу оонньообот.
! Ипотека кирэдьиитин дуогабара 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиллибит буолуохтаах.
Кимиэхэ аккаастыахтарын сөбүй?
Ийэ-аҕа бырааптара быһыллыбыт төрөппүттэргэ уонна оҕону иитэ ылан баран аккаастаммыттарга.
Биир дьиэ кэргэҥҥэ биирдэ эрэ бэриллэр. Төһө да кэм аастын, хас да оҕо төрөөтүн, иккистээн көрүллүбэт.
Ипотеката суох бу көмөнү туһаныахха сөп дуо?
Суох. Бу субсидия ипотека кирэдьиитин сүрүн иэһин эбэтэр бырыһыанын сабарга туһуланар.
Сороҕун уу харчынан ылыахха сөп дуо?
Суох. Бу субсидиянан бары хамсааһыннар уу харчынан буолбакка, ДОМ.РФ счетунан бараллар. Субсидияны кирэдьиити биэрбит бааҥҥа ыыталлар. Иэскит 450 тыһыынча солкуобайтан кыра буоллаҕына, харчытын ордугун биэрбэттэр.
Ханнык кирэдьиити сабыахха сөбүй?
Тутулла турар дьиэҕэ эбэтэр саҥа тутуллубут дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһарга.
Эргэ дьиэни атыылаһарга.
Чааһынай дьиэни атыылаһарга эбэтэр туттарга.
Чааһынай дьиэни туттар сири, даачаны, хаһаайыстыба тэринэр сири ыларга. Маннык түгэннэргэ дьиэ тутуллубутун уонна регистрацияламмытын кэннэ биирдэ көрүллэр.
Тутуллан эрэр дьиэни ыларга (ИЖС).
Чэпчэтиилээх региональнай бырагыраамаларынан дьиэни атыылаһарга.
Бас билиигэ өлүүнү ыларга, түмүгэр заемщик хамсаабат баай-дуол толору бас билээччитэ буоллаҕына.
Кирэдьииттэри рефинансируйдуурга, өскөтүн үөһээ этиллибит түгэннэринэн дьиэ ылбыт буоллаххытына.
! 450 тыһ. солк биирдэ бэриллэр көмөнү ипотека бастакы усунуоһун быһыытынан туттуллубат.
Өскөтүн оҕоҕут эбэтэр сокуоннай кэргэҥҥит созаемщик буоллахтарына, ипотеканы сабарга ылыахха сөп.
Бу бырагыраамаҕа ханнык кирэдьииттэр хапсалларый?
Потребительскай кирэдьиити сабарга – тиэхиньикэни эбэтэр массыынаны ылбыт буоллаххытына;
Коммерческай сыаллаах хамсаабат баайы-дуолу ылбыт буоллаххытына.
Хантан ылабыт?
Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө сайаапканы онлайн ыытыахха, ипотека биэрбит баан офиһыгар бэйэҕит тиийиэххитин сөп.
Хас да күн устата информацияны бэрэбиэркэлииллэр, барыта сөп буоллаҕына, харчыны кредитор счетугар ыыталлар.
Кирэдьииккит иэһэ аптамаатынан кыччыыр.
Харчы төһөнөн түһэрий?
Бааҥҥа сайаапка түһэрбиккит кэннэ ортотунан 7 күн иһигэр оҥоһуллуохтаах.
Сайаапкаҕыт туһунан информацияны спроси.дом.рф порталга билиэххэ сөп. Баан сайаапкаҕытыгар нүөмэр аныыр, онон киирэн көрөҕүт.
Көмөнөн туһаныахтарын сөп:
* Ийэ эбэтэр аҕа, 01.01.2019-31.12.2022 сс. үһүс эбэтэр төрдүс уонна онтон элбэх оҕоломмут буоллахтарына.
Арассыыйа гражданнара буолбатах оҕолор ааҕыллыбаттар. Төрөппүт бырааба быһыллыбыт оҕолор эмиэ киирбэттэр.
01.07.2023 с. диэри ылыллыбыт ипотека кирэдьииттээх буолуохтааххыт.
Ипотека оҕо төрүөн быдан иннинэ ылыллыбыт буолуон сөп.
Бу көмөнү үйэҕэ биирдэ, биир кирэдьииккэ туһаныахха сөп. Сороҕун эбэтэр бүтүннүүтүн сабарга туһаныллар. Холобур, кирэдьиит төлөнөн бүтэрэ 300 тыһ. солк. хаалбыт буоллаҕына, ити көрүллэр 450 тыһыынчаттан 300 тыһыынчата кирэдьиити сабарга барар, атына умайан хаалар.
Олоҕурар сокуона: 07.09.2019 №1170 РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа. 03.07.2019 с. №157- Федеральнай сокуон.
PS: Бу элбэх оҕолоохторго көмөлөһөргө туһуламмыт субсидияны Приморскай кыраайга, пилотнай бырайыак быһыытынан, 1 мөл. солк. тиэртилэр. Уһук Илиҥҥэ эмиэ улаатыннарыахтарын сөп диэн суруйаллар.