400 сыл устата – ардах уутун сүүрдэр халдьалар кыһалҕалара
Аҕыйах хонуктааҕыта баһылык Евгений Григорьев куорат кыһалҕаларын быһаарыы боппуруостарынан Юрий Коркины кытта кэпсэттэ.
Юрий Семенович Коркин – 80-с сылларга Дьокуускай куорат салайааччыларыттан биирдэстэрэ. 93 сааһыгар сылдьар ытык кырдьаҕас бүгүн даҕаны Дьокуускай куорат кыһалҕаларыттан туора турбат.
Билиҥҥи уонна урукку салайааччылар ардах уутун сүүрдэр канализация кыһалҕатын кэпсэттилэр. Бу – биһиги куораппыт тыын кыһалҕата. Хаар, ардах уута сааскыттан саҕалаан күһүн сир тоҥуор диэри нэһилиэнньэҕэ даҕаны, хомунаалынай сулууспаларга даҕаны үгүс кыһалҕалары үөскэтэр.
«Дьокуускай куорат уулуссаларын уопсай уһуна 600 км тахсан турар, онтон 50 км эрэ ардах уутун сүүрдэр халдьалаах – этэргэ дылы, 400 сыл устата итиччэ эрэ тутуллубут»,– диир Евгений Григорьев.
Онон куорат маастар-былааныгар 198 км усталаах, киин уулуссалары барыларын хабар халдьа бырайыага киирэн турар. 10 млрд солк. суумалаах бырайыак федеральнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтээх.
Канализация схемата былырыын Олохтоох дьаһалта сакааһынан оҥоһуллубута. Уопуттаах хаһаайыстыбанньык Юрий Семенович Коркин онно ыҥырыллан, тус көрүүлэрин, этиилэрин киллэрэн турар.
«Экспертэр этиилэринэн уларытыылар уонна көннөрүүлэр кэнниттэн бырайыактааһыҥҥа киириэхпит. Бырайыак оҥоһуутугар икки-үс сыл барыаҕа, сыаната 900 мөл. солк. курдук буолуоҕа. Салгыы – тутуу үлэтэ», – диэн түмүктээтэ баһылык.
Евгений Григорьев куорат урукку салайааччыларын кытта көрсүһүүлэр сөптөөх быһаарыныыны ылынарга сүҥкэн суолталаахтарын бэлиэтиир, диэн суруйар Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.