16.11.2022 | 18:00

4 №-дээх коррекционнай оскуола саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа

4 №-дээх коррекционнай оскуола саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат 143-с кыбаарталыгар, Пирогов уулуссатыгар 180 миэстэлээх 4 №-дээх анал (коррекционнай) оскуола саҥа дьиэтэ тутуллуоҕа. Үлэ саҕаламмытын туһунан СӨ Судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэ-уот хонтуруолугар управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Бырайыакка олоҕуран, 4 966,46 кв. миэтэрэ иэннээх үс этээстээх саҥа дьиэҕэ үөрэнэр кылаастар, ону таһынан медицинскэй уонна психологическай кабинеттар, оонньуур хос, уһанар, иистэнэр мастарыскыайдар, 90 миэстэлээх остолобуой, сынньалаҥ зоналара, тупсаҕай оҥоһуулаах 144 миэстэлээх аактабай саала, спордунан дьарыктанарга, эрчиллэргэ анал саалалар, ЛФК саалата, медблок баар буолуохтара», – диэн бэлиэтээтэ управление салайааччытын бастакы солбуйааччы  Влад Пермяков.

Маны таһынан, саҥа оскуолаҕа кылаастар 25-30 оҕоҕо буолбакка, 12 уонна 6 оҕоҕо аналлаах буолуохтара.

Эбийиэк СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна «ПроШкола» ХЭТ икки ардыларыгар түһэрсиллибит концессионнай сөбүлэһии чэрчитинэн тутуллуоҕа. Үлэ 2023 сыл бүтүүтэ түмүктэнэрэ былааннанар.

Санатан эттэххэ, бу иннинэ 4 №-дээх коррекционнай оскуола хаарбах туруктаах дьиэтиттэн 25 №-дээх оскуола эбии дьиэтигэр көһөрүллүбүтэ. Чайковскай уул., 113, турар оҕо үөрэнэригэр сөбө суох дьиэ көтүрүллүбүтэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...