14.01.2021 | 13:09

4 №-дээх коррекционнай оскуола көһөр

4 №-дээх коррекционнай оскуола көһөр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

4 №-дээх анал коррекционнай оскуола 25 №-дээх оскуола эбии дьиэтигэр көһөрүллэр. Бу туһунан Үөрэх управлениета иһитиннэрэр.

Дьокуускай куорат прокуратурата иһитиннэрбитинэн, суукка исковай сайабылыанньа көрүллүбүтүн түмүгэр, прокуратура ирдэбиллэрэ толорулунна, Чайковскай уулуссатын 113 нүөмэрдээх дьиэтигэр үлэлии турбут 4 №-дээх анал коррекционнай оскуолаҕа үөрэх бобулунна.

Ол курдук, анал коррекционнай оскуола Яков Потапов уулуссатын 4а диэн аадырыһыгар турар 25 №-дээх оскуола эбии дьиэтигэр көһөр буолла. Санатан аастахха, 2019 сыллаахха 25 №-дээх оскуола үс мэндиэмэннээх саҥа дьиэтэ тутуллубута.

Бу урукку өттүгэр  «Сахагипрозем» тэрилтэ дьиэтэ өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөтүн суотугар атыылаһыллыбыта, «Главстрой» тэрилтэ күүһүнэн саҥалыы уларытан оҥоһуллубута.

Уопсайа 2 тыһыынча кв.миэтэрэ иэннээх дьиэҕэ аактабай саала, остолобуой, библиотека, таҥас ыйыыр сир, 12 үөрэнэр кабинет, алын кылаас үөрэнээччилэригэр гимнастическай саала уонна медицина хоһо баар.

«Бу дьиэ коррекционнай оскуолаҕа сөп түбэһэр – оҕо ахсаанынан, ураты усулуобуйалаах кабинеттарынан, ол иһигэр логопед хоһо эмиэ баар. Билигин 25 №-дээх оскуола кылаастара сүрүн дьиэҕэ көһөллөр. Онно тохсунньу ый бүтүөр диэри 4 №-дээх анал коррекционнай оскуола көһөр», – диэтэ үөрэх управлениетын начаалынньыга Алексей Семенов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...