01.02.2021 | 07:54 | Просмотров: 425

31-С ОСКУОЛА САЛҔААҺЫНА ҮЛЭҔЭ КИИРДЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

31 №-дээх орто оскуолаҕа 10-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаан 315 миэстэлээх салҕааһын тутуу үөрүүлээх тэрээһинигэр куорат баһылыгын э.т. Евгений Григорьев кыттыыны ылла.

Эҕэрдэ тылыгар Евгений Николаевич 31 №-дээх орто оскуола Уһук Илин федеральнай уокурукка оскуоланы бүтэрээччилэр Арассыыйа үрдүк үөрэҕэр киирэр ахсааннарынан 20 бастыҥ оскуолаларын иһигэр киирэр диэн бэлиэтээн эттэ.

«Олохтоох дьаһалта аатыттан өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут салалтатыгар оҕолорго чахчы наадалаах тутууну оҥорбуккутугар махтанабыт. Бу “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагы олоххо киллэрии үтүө холобура буолар. Маны таһынан тутааччыларга, пандемия диэн чаҕыйбакка, кинилэр иннилэригэр турбут соругу толорбуттарыгар махтанабыт”, – диэтэ Евгений Григорьев.

Үс мэндиэмэннээх оскуола эбии тутуута 4 тыһыынча квадратнай миэтэрэттэн тахса иэннээх, 315 үөрэнэр миэстэҕэ анаммыт. Бастакы сыбаайаны 2019 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр түһэрбиттэрэ.

Оскуола салҕааһына бары аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир. Бастакы мэндиэмэҥҥэ буфет, биэс үөрэнэр кылаас, 21 оҕо үөрэнэр лабораториялаах химия кылааһа, библиотека, мастарыскыай, о.д.а. бааллар.

Иккис мэндиэмэҥҥэ биэс кылаас, 21 оҕо үөрэнэр лабораториялаах физика кабинета, домоводствоны үөрэтэр мастарыскыай, спортивнай саала, о.д.а.

Ити курдук, саҥа сылга үктэнээт, оҕолорго, төрөппүттэргэ, учууталларга сүрдээх үтүө бэлэх оҥоһулунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.