300 мөл. солк. тахса сууманы бүддьүөттэн халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ тиэрдиэхтэрэ
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата саппаас пуондаттан ыксаллаах быһыыны-майгыны уонна ол хоромньутун туоратыыга бүддьүөт саппаас пуондатыттан 300 мөл. солк. тыырарга быһаарда.
Анаммыт үп Өлүөхүмэ, Ньурба, Нам оройуоннарыгар улахан халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэнньэҕэ биир кэмнээх көмө быһыытынан тиэрдиллиэҕэ.
Маны сэргэ бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы трансферт быһыытынан Нам оройуонугар – 235 мөл. солк., Өлүөхүмэ оройуонугар – 63 мөл. 730 тыһ. солк., Ньурба оройуонугар 1 мөл. 740 тыһ. солк. тыырылынна, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



