28.04.2021 | 22:10

3-с поликлиникаҕа 8, 2 тыһыынча киһи вакцина ылла

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы 3-с №-дээх балыыһаҕа вакцина саҥа партията кэлиэр диэри коронавирус утары быһыыны туруоруу  быстах кэмҥэ тохтоото. 
Поликлиника кылаабынай бырааһа Светлана Давыдова эрдэттэн сурутуута уонна олорор сиринэн сыһыарыыта суох COVID-19 утары вакцинация аахсыйатын нэһилиэнньэ сэргээбитин туһунан эттэ. Бу хампаанньаҕа 700 киһи хабыллыбытын, оттон поликлиникаҕа уопсайа 8,2 тыһыынча киһи вакцинаны ылбытын кэпсээтэ.  “Саҥа партия кэллэҕинэ, үлэбитин сөргүтүөхпүт”, – диэтэ балыыһа салайааччыта. 
Вакцина бастакы дозатын ылбыт дьон быһыыны туруортарыахтаах иккис түһүмэхтэрэ, өрөбүллэри, бырааһынньык күннэрин аахсыбакка, график быһыытынан ыытыллыаҕа. 
Балыыһа доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна сытар ыарыһахтартан сайаапкалары ылар. COVID-19 утары быһыыны дьиэҕэ ыларга 88002005454 уонна 506421 төл. эрийиэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....