2ГИС оптуобус сырыытын көрдөрөр буолуоҕа
Киин куорат нэһилиэнньэтэ 2ГИС сыһыарыыны сөбүлээн туттар. Муус устар ыйтан дьоҥҥо-сэргэҕэ туох ханна баарын ыйан-кэрдэн биэрэр, сирдьит оруолун толорор мобильнай каарта оптуобус хайа диэки сылдьарын көрдөрөр буолуоҕа. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.
«Кулун тутарга 2ГИС уонна “ЯПАК” тэрилтэ билигин буола турар кэмҥэ оптуобус сырыытын тургутан көрбүттэрэ. Оптуобус пааркатыгар турар тырааныспарга анал датчиктар туруоруллубуттара. Ол оптуобус ханна сылдьарын, хайа диэки айаннаан иһэрин суһаллык биллэрэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ “ЯПАК” тэрилтэ автопааркатын улахан аҥаара дааннайын 2ГИС мобильнай сыһыарыыга биэрэргэ бэлэм. Сотору кэминэн каартаҕа куорат чааһынай оптуобустара эмиэ киириэхтэрэ», — диэн 2ГИС офиһын үлэһиттэрэ кэпсээтилэр.«Билигин итэҕэһи-быһаҕаһы ырытар үлэ ыытыллар. Инникитин бу сыһыарыыга муниципальнай маршруту барытын киллэрэр санаалаахпыт. Куорат кытыытыгар олорор дьон оптуобус сырыытын кэтиир кыахтаныахтара, айанныылларыгар табыгастаах буолуоҕа. Барыта этэҥҥэ табылыннаҕына, саҥа муниципальнай сылаас тохтобулларга турар монитордарга оптуобус сырыытын көрдөрүөхпүт. Маны таһынан, мобильнай сыһыарыыга куорат оптуобустарын эмиэ киллэриэххэ сөп, чааһынай маршруттар дириэктэрдэрэ сөбүлэһэр буоллахтарына», — диэтэ“ЯПАК” тэрилтэ дириэктэрэ Валерий Домотов. Тырааныспар ойуута оптуобус сылдьар хайысхатын көрдөрөр, оттон тустаах тохтобулу баттаатахпытына, 2ГИС онно кэлэр-барар оптуобустары уонна айаҥҥа турунар бириэмэлэрин билэр буолуохпут.