25-ис нүөмэрдээх оптуобус үлэтин хамыыһыйа көрүөҕэ
Дьокуускай куорат суолга уонна тырааныспарга сулууспата, Киин диспетчердэр сулууспаларын кытта атырдьах ыйын 4 күнүгэр 25-ис нүөмэрдээх маршрут оптуобустара, олохтоммут быраабылалары кэһэн туран, үлэлии тахсыбатахтарын бэлиэтээтэ.
Дьокуускай куорат суолга уонна тырааныспарга сулууспата иһитиннэрбитин, билигин үөскээбит кыһалҕаны быһаарарга атын маршруттартан бу хайысхаҕа эбии оптуобустар киирэн биэриэхтэрэ.
“Билиҥҥи балаһыанньанан, 25-ис нүөмэрдээх маршрут хайысхатынан 17 мүнүүтэ арыттаах 12 оптуобус үлэлиэхтээх. Хомойуох иһин, бу график тутуһуллубат. Былааннаммыт үлэни толоруу 50 бырыһыаҥҥа эрэ тэҥнэстэ.
Олохтоох дьаһалта аатыттан дьону тиэйэр эбээһинэһи ылыммыт тэрилтэни кытта үлэ барар. Куорат иһинээҕи уонна куорат кытыы нэһилиэктэригэр сылдьар маршруттар үлэлэрин ырытар сыаллаах хамыыһыйа мунньаҕын ыытыахпыт. Бэбиэскэҕэ үс барыйааны көрүөхтээхпит, ол иһигэр, бу маршруту кылгатан биэрэри, атын маршруттары кытта силбэһэр гынары уонна билигин баар дуогабары көтүрүүнү эмиэ көрүөхпүт.
Уопсайа 25-ис маршрукка 10 оптуобус баар, суоппардар нэдиэлэҕэ биирдэ өрүүллэр. Үлэ күнүгэр 6-8 эрэ оптуобус линияҕа тахсар, өрөбүллэргэ оптуобус ахсаана өссө аҕыйыыр”, – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Дьокуускай куорат суолга уонна тырааныспарга сулууспатын салайааччытын э.т. Людмила Давыдова.
Бэлиэтээн эттэххэ, биир да оптуобус үлэлии тахсыбатах түгэнигэр олохтоох бэрэбиэркэ, ону тэҥэ маршруту толорор урбаанньыты кыттасокуоҥҥа олоҕурар үлэ барар.
Хаартыска: yakutskcity.ru