244 киһи коронавирустаата
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 244 киһи эбии коронавирустаата, ол иһигэр 50 ыарыыны илдьэ сылдьааччы диэн суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина Саха сиригэр эпидемиологическай балаһыанньаны билиһиннэрэр брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.
Дьокуускайга — 117, Өлүөхүмэҕэ — 27 киһи ыарыйда. Психоневрологическай диспансерга күүстээх дезинфекция уонна бөлөҕүнэн ыалдьыбыт дьону локализациялааһын ыытыллар. Сэттэ уонна аҕыс киһи Сунтаарга уонна Бүлүү улуустарыгар, атын улуустарга алталыы киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ. Уус Майаҕа тэрээһин кэннэ дьон ыалдьыыта тахсыбыт.
Үөһээ Дьааҥыга, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа — алталыы, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа уонна Хаҥаласка — биэстии, Алдаҥҥа, Аммаҕа, Намҥа, Нерюнгригэ уонна Өлөөҥҥө — түөртүү киһи ыарыйда.
12 улууска биирдии киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ: Өймөкөөҥҥө, Тааттаҕа, Томпоҕо, Уус Майаҕа, Усуйаанаҕа, Чурапчыга, Аллайыахаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ, Анаабырга, Булуҥҥа уонна Эдьигээҥҥэ.
Коронавирустан икки киһи тыына быһынна.
Суукка иһигэр өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 3 787 анаалыс, пандемия саҕаланыаҕыттан уопсайа 756 400 тест оҥоһулунна.