25.12.2022 | 11:00

21-с үйэ талааннаахтара — биир түһүлгэҕэ

Ааспыт субуотаҕа М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Археология уонна этнография музейыгар «ҮГЭС-ИЭЙИИ-АЙЫМНЬЫ» быыстапка аһылынна.
21-с үйэ талааннаахтара — биир түһүлгэҕэ
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Манна талба талааннаах иистэнньэҥнэр, уран тарбахтаах уустар, ураты буочардаах маастардар үлэлэрэ турдулар. Тэрээһин ааптара – биллиилээх маастар, уһуйааччы, бөдөҥ учуонай Светлана Ивановна Петрова-Уран Хатыҥ.

Быыстапкаҕа Дьокуускайтан, киин куорат кытыы нэһилиэктэриттэн, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ньурба, Уус Алдан, Томпо, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Мииринэй, Нам, Кэбээйи улуустарыттан, бэл диэтэр, ахсынньы аам-даам тымныытын аахсыбакка ыраах Дьааҥыттан, Орто Халыматтан кытыннылар. Манна даҕатан эттэххэ, Уран Хатыҥ бэлиэтээбитинэн, Арассыыйа уонна Саха сирин норуотун маастардара эрэ буолбакка, айымньылаах үлэнэн дьарыктанар дьоҕурдаах дьоммут үлэлэрэ эмиэ турдулар.

Тэрээһиҥҥэ нууччалыы, английскайдыы тахсыбыт “Саха сирин декоративно-прикладной искусствотын каталогун” иккис чааһа сүрэхтэннэ. Манна өрөспүүбүлүкэ маастардарын айымньылаах үлэлэрэ, көмүстэн, туостан, кылтан, туойтан, мастан, тирииттэн, түүлээхтэн, сэлии муоһуттан о.д.а. матырыйаалтан оҥоһуктара сырдатылынна.

Кырдьыга даҕаны, Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар 21-с үйэ маастардарын ааттарын үйэтитэр дьоһун үлэ ыытыллыбыт.

 Каталог кэрэни кэрэхсээччилэргэ күндү бэлэх буолуоҕа. 

Светлана Ивановна Петрова-Уран Хатыҥ ааһан эрэр сыл сүрүн ситиһиилэрин кылгастык кэпсээтэ:

– Быйыл “Уран иис” түмсүү номнуо төрдүс быыстапкатын тэрийдибит. Тохсунньу ыйга “Сахабулт” акционернай хампаанньаны кытта кыһыҥҥы таҥастары көрдөрбүппүт. Олунньуга “Эр хоһуун” быыстапкаҕа эр дьоҥҥо аналлаах таҥастары таһаарбыппыт. Ыам ыйыгар ыһыахха аналлаах улахан быыстапканы тэрийбиппит. Ону таһынан, “Арассыыйа – мин историям” историческай паарка уонна Ем. Ярославскай аатынан Саха музейын, Археология уонна этнография музейын, “Симэх” галерея тэрээһиннэригэр кыттыбыппыт. Икки маастарбыт Саха музейыгар ааптарыскай быыстапката буолла.

Быйыл “Этно-Эрато” норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ ситиһиилээхтик кытынныбыт. Биир улахан үлэбит – каталогпут иккис чааһа таҕыста. Манна 96 маастар, 8 түмсүү үлэтэ киирдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, былырыын күн сирин көрбүт “Национальное шитье саха XXI века” диэн каталогпут бастакы чааһыгар 100-тэн тахса маастар, 14 түмсүү үлэтэ үйэтитиллибитэ.

Быйыл “Өбүгэ суола” диэн научнай-үөрэтэр уопсастыбаннай түмсүү тэрилиннэ. Онон быыстапка кэмигэр элбэх маастар-кылаас, лиэксийэ ыытыллыаҕа. Көҕүлээччинэн уонна салайааччынан эдэр чинчийээччи, “Арктика киһитэ” бырайыак салайааччыта, Гуманитарнай чинчийэр институт үлэһитэ Александра Николаевна Прокопьева буолла.

Светлана Ивановна быыстапкаҕа бастакыларын кыттар, ыраахтан кэлбит уонна чаҕылхай үлэлэрдээх уран тарбахтаахтары дьон-сэргэ иннигэр таһааран билиһиннэрдэ. Ол курдук, Орто Халыматтан Алексей Петрович Винокуров, Мииринэй Таас Үрэҕиттэн Ульяна Попова быыстапкаҕа диэн анаан-минээн айаннаан кэлбиттэр.

“Саха сирин маастардара олус талааннаахтар. Ол эрээри бэйэлэрин истэригэр үлэлээн букунаһаллар. Кинилэр үлэлэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарар туһуттан каталог иккис чааһын нуучча уонна английскай тылларынан таһаардыбыт. Билигин номнуо омук сирдэриттэн кэпсэтиилэр ыытыллан эрэллэр. Онон биһиги маастардарбыт Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, тас дойдуларга кытта биллиэхтэрин баҕарабыт”, – диэн санаалаах Светлана Петрова.

Бу күн маастардар айар аартыктарын арыйар ытык киһилэрэ С.И. Петроваҕа барҕа махталларын биллэрдилэр, бэйэ-бэйэлэрин үлэлэрин сэргии, сэҥээрэ көрдүлэр, ыкса билистилэр-көрүстүлэр.

Ахсынньы аам-даам тымныы күнүгэр музей иһэ итиинэн илгийдэ, сырдыгынан сыдьаайда. Талба талааннаахтар түһүлгэлэрэ этиэхтэн эриэккэс кэрэ көстүү!

Саха сирин норуотун барҕа баайын – айымньылаах үлэтин, үтүө үгэстэрин, төрүт дьарыктарын көрдөрөр быыстапканы Кулаковскай уул., 48, ХИФУ Археология уонна этнография музейыгар тохсунньу 31 күнүгэр диэри көрүөххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....