2032 сылга Дьокуускайга хаарбах дьиэлэр суох буолуохтара
СӨ Бырабыыталыстыбата 2032 сылга диэри икки этээстээх мас дьиэлэртэн олохтоохтору барыларын көһөрөр былааннаах. Бу туһунан Ил Дархан социальнай ситимнэргэ быһа эфир кэмигэр иһитиннэрдэ.
«2032 сылга, Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 400 сылыгар, киин куоракка икки этээстээх мас дьиэлэр суох буолалларын ситиһиэхтээхпит. Билигин манна 1200 мас дьиэ баар, онтон 700 хаарбах туруктаах. Кэлэр сылларга бу дьиэлэртэн, ол иһигэр 17-с кыбаарталтан олохтоохтору көһөрүөхпүт диэн эрэнэбин», — диэтэ Айсен Николаев.
Бу улахан соруктары олоххо киллэрэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна куорат салалтата биир санаанан салайтарыахтаахтар диэн эбэн эттэ.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



