2030 сылга диэри биһигини туох күүтэрий?
Дойду баһылыга Владимир Путин Уһук Илин куораттарын сайыннарыы туһунан сорудаҕынан Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Арассыыйа 16 куоратын социальнай-экономическай сайдыытын уһун болдьохтоох былаанын бигэргэттэ.
Испииһэккэ Амур уонна Магадан уобаластарын, Приморскай, Хабаровскай уонна Забайкальскай кыраайдар, Чукотка уонна ЕАО куораттарын сэргэ Саха сириттэн Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар киирбиттэр. Комплекснай сайыннарыы былааннара олоххо киириитэ нэһилиэинньэ олоҕун уйгутун тупсарар, экономика саҥа кэскиллээх салааларын сайыннарар, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарар, регионнар айылҕаларын кыаҕын арыйар аналлаах.
Чуолаан Уһук Илиҥҥэ тупсарыллар куораттарынан Петропавловск-Камчатскай, Чита, Краснокаменскай, Улан-Удэ, Южно-Сахалинскай, Корсаков, Тында, Северобайкальскай, Магадан, Анадырь, Дьокуускай, Нерюнгри, Хабаровскай, Комсомольск–на–Амуре, Благовещенскай, Свободнай, Белогорскай, Владивосток, Артем, Большой Камень, Находка, Уссурийскай, Арсеньев, Биробиджан буолаллар. Ыытыллар тэрээһиннэргэ 4,4 трлн солкуобайтан тахса үп көрүллэр.
Чуолаан Дьокуускай куоракка 448,8 млрд солкуобай суумаҕа хомунаалынай, социальнай эйгэлэри тупсарыыга, тырааныспарга уонна промышленнаска сыһыаннаах 33 тэрээһин ыытыллара былааннанар: уонунан оскуола, о5о саадын, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин тутуу, Култуура уонна сынньала4 пааркатын саҥардан тутуу, уопсастыбаннай тырааныстапары уонна уулуссаны сырдатыыны модернизациялааһын, тиэргэннэр өрөмүөннэрэ уонна тупсарыы, экологическай хайысхалаах үлэлэр. 2028 сылга диэри Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутан куораты сылы эргиччи сырыылаах оҥорууну кытта нэһилиэнньэни хаарбах дьиэттэн көһөрүү түмүктэниэхтээх.
2024 сылга 350 миэстэлээх төгүрүк сыл үлэлиир «Полярная звезда» оҕо лааҕыра, Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ скверин, Ленин болуоссатын уонна Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсарыы оҥоһуллан бүтэр.
Комплексанай былаан олоххо киириитэ 2030 сылга нэһилиэнньэ ахсаанын 12% үрдэтиэхтээх, экономика салаатыгар дьарыктаах нэһилиэнньэ ахсаана 15% элбиэхтээх, хамнас орто кээмэйэ 12% улаатыахтаах.