2026 бүтүөр диэри 850 куортамҥа бэриллэр кыбартыыра үлэҕэ киириэҕэ
Саха сиригэр 2026 сыл бүтүөр диэри «Доступное арендное жилье в ДФО» бырагырааманан куортамҥа бэриллэр 850 кыбартыыра тутуллаары турар. Дьокуускай, Нерюнгри, Алдан уонна Мииринэй куораттарга тутуллар кыбартыыралар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, бүддьүөт үлэһиттэригэр, эдэр исписэлиистэргэ бэриллиэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр СӨ тутуу министиэристибэтэ.
Быйыл кулун тутар ыйга Дьокуускайга бастакы 24 кыбартыыра үлэҕэ киирбит.
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, кыбартыыралар анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, учууталлары, быраастары, эдэр исписэлиистэри сэргэ эдэр учуонайдарга куортамҥа бэриллиэхтэрэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, миэбэлигэр диэри толору хааччыллыылаах 51 кв. м иэннээх кыбартыыра куортамын сыаната 12 тыһ. солк. тэҥнэһэр.
«Уһук Илин регионугар судаарыстыбаннай өйөбүллээх инвестиционнай бырайыактар чэрчилэринэн 133 тыһ. тахса оробуочай миэстэни тэрийдибит. Куортамҥа бэриллэр дьиэлэри тутуу — үрдүк кылаастаах каадырдарынан хааччыллыыга дьоһун хардыы. Дойду баһылыгын дьаһалынан барыта 10 тыһыынча куортамҥа бэриллэр кыбартыыра тутуллуохтаах. Оттон куортам төлөбүрэ регион уонна федеральнай киин бүддьүөттэрин суотугар ырыынак сыанатыттан лаппа намыһах буолуоҕа», — диэн бэлиэтиир Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы - Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокуругар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев.
Куортамҥа бэриллэр дьиэлэри тутуу билигин Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарга бара турар. Бу кыбартыыраларга 2025 сылга 351 дьиэ кэргэн киириэҕэ.
«Доступное арендное жильё в ДФО» бырагыраама дойду баһылыга Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. СИА хаартыскаҕа түһэриитэ.