2025 сылга ханнык саҥа уопсастыбаннай туоналар баар буолуохтарын сөбүй?
Кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр эһиил, 2025 сылга, тупсарарга былааннанар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын ыытыллар.
Дьокуускай куорат олохтоохторо быйыл маннык уопсастыбаннай туоналарга куоластыыр кыахтаахтар: Гагарин аатынан сквер, Щорс күөлүн кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона), Теплай күөл кытыла уонна «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон).
Кулун тутар 15 күнүттэн https://14.gorodsreda.ru/ Бүтүн Арассыыйатааҕы платформаҕа киирэн, ааттаммыт эбийиэктэр бырайыактарын кытта билсиэххэ сөп.
Ю.А. Гагарин аатынан сквер
Сквер Гагаринскай уокурук Можайскай уулуссатыгар баар. Сквертэн чугас куорат 24 уонна 38 №№-дээх оскуолалара, «Незабудка» оҕо саада, «Оригинал» маҕаһыын, Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы искусство уонна култуура киинэ тураллар. Суол нөҥүө «Ворота Якутска» арт-эбийиэк көстөр, 500 м тэйиччи П.А. Ойуунускай аатынан аэропорт турар.
Бырайыак быһыытынан, сквер хас даҕаны зонаҕа арахсар. Ол курдук, «Аляска-Сибирь» трасса лүөтчүктэрин эҕэрдэлии көрсөр дьону көрдөрөр скульптурнай композиция баар буолуоҕа. Композиция үрдүгэр «Аэрокобра» истребитель макета хаалар. Оҕо оонньуур балаһаакката массыына туруорар сиртэн көһөрүллэн уонна төгүрүк быһыылаах гына оҥоһуллан, төрөппүттэргэ оҕолору кэтииргэ табыгастаах буолуоҕа.
«Аляска – Сибирь» трассаҕа аналлаах стела территорията кэҥэтиллэн, куорат бырааһынньыктарын ыытарга табыгастаах буолуоҕа. Стела иннигэр историяны кэрэһилиир штурвал быһыылаах арт-эбийиэк туруоруллуоҕа. Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы искусство уонна култуура киинин таһыгар сынньана түһэргэ уонна тырааныспары күүтэргэ табыгастаах миэстэлэр тэриллиэхтэрэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.