31.12.2023 | 14:00

2024 сыл — Илиҥҥи халандаарынан мас Дракон сыла

2024 сыл — Илиҥҥи халандаарынан мас Дракон сыла
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Дракон
(1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012)

Сыл талисмана – сапфир 
Бу эн сылыҥ! Бэйэҕэр эрэнэҕин, ыра санааҕын толорорго бэлэмҥиын. Кыаххын барытын таба туһанар инниттэн актыыбынай, кимэн киириилээх, уларыйыыларга бэлэм буолуоххун наада. Сапфир эниэргийэтэ эйиэхэ эбии күүһү уонна ситиһиини биэриэ. 
Таптал. Саҥа романнары саҕалыырга эриэккэс кэм. Кыаххын арый, бэйэҕин көрдөрөртөн куттаныма. Тапталгын булбут буоллаххына, сыл хаһаайына өссө күүстээх кыымы саҕыа. Бу сылга төрөөбүт оҕолор хайаан да дьоллоох буолаллар. 
Харчы. Дракон – баай-дуол уонна байылыат олох бэлиэтэ. Баараҕай сыалларда туруорун – ситиһэргэ барыта баар. Ис санааҕын иһит – кини дьоһун быһаарыылары ылынаргар көмөлөһүө. 
Доруобуйа. Холку уонна өссө төгүл холку буол. Хараҥа өрүтүҥ тахсыбатын курдук, медитациялаа, йоганан дьарыктан, айылҕаны кытта алтыс. Уонна, биллэн турар, үчүгэйи, кэрэни эрэ санаа – бу эн олоххор үтүөнү, уйгу-быйаҥ олоҕу аҕалыа. 

 


Моҕой
(1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013.)

Сыл талисмана: цитрин
Бу сылга аан барыта аһаҕас буолбат гынан баран, эн баҕа санааларыҥ туолалларыгар чуолкай былааннааххын, онон барыта туолуо. Сыалгын суол-суол араартаа уонна күн аайы кыралаан чугаһаан ис. Цитрин таас эйигин эниэргийэтинэн сэрээттиэ.
Таптал. Моҕой уонна Дракон бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр бэлиэлэр, онон сыл ситиһиилээх буолара күүтүллэр. Саҥа саҕахтары арыйаҕын, кыайаҕын-хотоҕун. Дракон эйиэхэ саҥа сыһыаны боруобалыырга көмөлөһүө. 
Харчы. Урут харчыгын харыстыыр бэйэҥ, 2024 сылга бытархайтан саҕалаан баҕаҥ хоту харчыны туттуоҥ. Хом санааҕын илгэн кэбис уонна барытыттан дуоһуй. Кыраһыабай, кэрэ маллар күүс эбэллэр, эбиитин элбэх харчыны буларга кынаттыыллар. 
Доруобуйа. Хамсаныы – олох: 2024 сылга тэлэбиисэр иннигэр олорума, куруук актыыбынайдык сырыт. Спортивнай саалаҕа эбэтэр үҥкүүгэ суруйтар, үлэҕэр сатыылаа. 

 


Дьөһөгөй
(1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014.)

Сыл талисмана: топаз.
2024 сыл саҕахтарын кэҥэтэргэ тоҕоостоох. Эн иннигэр айанныырга уонна үөрэнэргэ саҥа кыахтар арыллыахтара. Билсиһииҥ да кэҥиэ – доҕоттор, кэллиэгэлэр, дьыалабыай партнердар. Топаз – айанньыттар уонна муударай дьон таастара. 
Таптал. Ханна да сырыт, аһаҕас уонна үөрүнньэҥ майгыҥ дьону түмэ тардар. Туох эрэ улаханы көрдүүгүн, таба тайаннаххына, сыл бүтэһигэр Мендельсон вальса тыаһыан сөп. 
Харчы.  Бу сылга үөрэ-көтө харчылаһыаҥ, тоҕо диэтэххэ дохуот саҥа саҕахтара арыллыахтара, бу ордук айар үлэни кытта ситимнээх. Оттон сөбүлээбэт дьарыктаргар ситиһиини күүтүмэ, таах күүһүҥ эрэ бараныан сөп.  
Доруобуйа. Кыһалҕата суох курдук мээнэ ыстаҥалыыр, баҕар, табыллыа суоҕа. Араас эчэйии тахсар куттала баар, ордук болҕомтотун спорка уур. Ол оннугар доруобай үгэстэри ылыы үчүгэй: эн түгэҥҥэр кинилэр 21 күн буолбакка, түргэнник киириэхтэрэ, кылаабынайа – саҕалыаххын наада.

 


Коза (Бараан)
(1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015)

Сыл талисмана: агат.
Сыл ситиһиилээх буоларын туһугар уларыйыыларга быһаарыылаах уонна бэлэм буол, онуоха агат көмөлөһүө – бэйэҕэ эрэли үөскэтэр уонна сыалы ситиһэргэ аналлаах таас. 
Таптал. Эн сымнаҕас, холку майгыҥ араас дьону умсугутар, хомойуох иһин, бары үтүө санаалаах дьон буолбатахтар. Онон эрдэттэн тулаҕын көрүнэ сырыт. Сүрүн сүбэ – бэйэҥ наадаларгын уонна интэриэстэргин бастакы миэстэҕэ туруор.
Харчы. Олоххор саамай бастыҥы сүрүн киһиэхэ бэлэхтээ – ол аата бэйэҕэр. Бу сөҕүмэр түмүктэри аҕалыа, ол иһигэр карьераҕар – кэллиэгэлэриҥ уонна салайааччыҥ эйигин олох саҥалыы көрүөхтэрэ.
Доруобуйа. Кылаабынайа, тортиктарынан, түүнүн пиццанан бэйэҕин “маанылаама”. Ыйааһыным эбилиннэ диэтэххинэ, бассейҥҥа уонна массаас кууруһугар абонеменна ыл. Оттон кытаанах диетаҕа олоруу наадата суох.

 


Эбисийээнэ
(1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016.)

Сыл талисмана: аметрин.
Киириилээх-тахсыылаах сыл: саҥа билсиһиилэр, карьераҕа ыттыы, ханна эрэ көһөн барыы. Тугу да мүччү тутумуоххун эрэ наада. Аметрин – үтүөҕэ, кэрэҕэ сырдыыр, саҥа саҕахтары бэлэхтиир.
Таптал. Тугу баҕараргын чопчу биллэххинэ, барыта туолуоҕа. Онон бастаан тугу көрдүүргүн быһаарын, быстах түгэн дуу, эбэтэр “уһуннук, дьоллоохтук” диэн остуоруйа дуу.
Харчы. 2024 сыл соруга – үбү-харчыны сатабыллаахтык дьаһана үөрэнии. Туохха эрэ ымсыыра көрөн атыылаһар түгэҥҥэр, кырдьык бу наада дуо диэн бэйэҕиттэн ыйыт. Эбэтэр ыра санаа оҥостубут айан быдан суолталаах дуу? Харчыгын онно уурарга саҕалаа.
Доруобуйа. Ньиэрбэҕин харыстаа. Кэмиттэн кэмигэр сынньан – эйигин уоскутар уонна үөрүүнү аҕалар туох наадатын толкуйдаа. Йога, гончарнай искусство, вокал – боруобалаан көр, бэйэҕэр сөптөөҕү тал.

 


Бөтүүк
(1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017.)

Сыл талисмана: рубин.
Бөтүүк – 2024 сыл табыллар бэлиэлэриттэн биирдэстэрэ, кини Дракону кытта олус сылаас уонна эйэлээх сыһыаннаах. Сыл хаһаайына талааҥҥын көрдөрөргөр,  билиилээх-көрүүлээх, сатабыллаах буоларга көмөлөһүөҕэ. Улахан баҕа санааҕын олоххо киллэрэргэр урут үп-харчы тиийбэтэх эбит буоллаҕына – билигин барыта табыллар. Онуоха рубин тааскын туһаныаххын наада. 
Таптал. Тус олоххор ураты көрсүһүүлэр, таптал имэҥнээх билиниитэ, онуоха эбии истиҥ-иһирэх тыллар, нарын буолуу, итэҕэл барыта баар буолуо. 
Харчы. Өскөтүн авантюраҕа уонна сымыйа угаайыга киирэн биэрбэтэххинэ – маладьыаскын, оттон идэҕин үрдэтэргэ уонна эбии дохуоту көрдөөтөххүнэ – өссө үчүгэй. 
Доруобуйа. Манна эмиэ эриэ-дэхси – сааскы, күһүҥҥү дьаҥнар киириэхтэрин сөп, атына барыта кэминэн. Сыллааҕы иммунитеккын бөҕөргөтөргүн умнума: сөпкө аһаа, сибиэһэй салгыҥҥа үгүстүк сырыт, күннээҕи эрэсиими тутус.

 


Ыт
(1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018)

Сыл талисмана: хризолит.
Сулустар эйиэхэ толору кыаҕы эрэннэрэллэр, онуоха эн соччото суох түгэннэргэ эйэҕэстик сыһыаннаһарыҥ наада. Оннооҕор туох эрэ былааннаммакка бардаҕына, мичээрдээ уонна салгыы айаннаа. Хризолит куһаҕан эниэргийэни үүрэр, ситиһиигэ дьулуһарга сирдиир.
Таптал. Сыл девиһэ: “күлүмүрдүүр эрэ барыта көмүс буолбатах”. Улахан тапталга, минньигэс тылларга наһаа итэҕэйимэ. Оттон бэйэтин аҥаарын көрсүбүт киһиэхэ романтика уонна кыраһыабай түгэннэр мэһэйдээбэттэр.
Харчы. Сыл икки өрүттээх буолуо: биир өттүнэн, үп-харчы мөлтөөһүнэ, иккиһэ – олоҕуҥ уйгутун тупсарыыга үчүгэй кыахтар үөскүүллэрэ. Эн үлэҥ уонна сатабылыҥ төлөнүөҕэ, барыта табылыннаҕына, кэлэр 2025 сылга бигэ тирэхтээх үктэниэҥ.
Доруобуйа. Ыттар бэйэлэрин эрэ буолбакка, атыттарга кыһаллаллар, билигин бэйэҕин көрүнэр кэмиҥ кэлбит. Ис туруккар кыһалын,  наадалаах быраастарга сырыт, олоххор спорду киллэр, үөрүүнү, дуоһуйууну аҕалар дьарыктары бул.

 


Кабан
(1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019)

Сыл талисмана: изумруд.
Дракон кабан барахсан үтүөтүн, чиэһинэйин, аһыныгас сыһыанын сөбүлүүр, онон кини барытыгар көмөлөһүө. Атын бэлиэлэртэн Кабаҥҥа бу сыл бигэ, улахан ыарахана, уларыйыыта суох ааһыа. Дьолгун өссө элбэтээри, от күөх өҥү олоххор киллэр. Изумруд байылыат олох уонна сайдыы бэлиэтэ. 
Таптал. Үгэс буолбут олоххун уларыппатаргын да, тапталгын көрсөргө бу мэһэйдээбэт. Саҥа сыһыан нус-хас, олохтоох буолуо,  ураты иэйиини аҕалыа. Тапталлаахтар сыһыаннарын өссө үрдүктүк сыаналыахтара. 
Харчы. Көрсүө-сэмэй быһыыҥ салалтаҥ эйигин сөптөөхтүк сыаналыырын мэһэйдиир. Саамай хорсун идеялары этэртэн куттаныма – кинилэр бириэмийэнэн эбэтэр хамнаска эбиллиинэн эргийиэхтэрин сөп. Күһүн эбии хамнас кэлэригэр кыах үөскүөҕэ – барыстаах этииттэн аккаастаныма.
Доруобуйа. Саҥа дьылга икки хас киилэ эбиллиэн сөп. Ону кыһалҕа оҥостума, ырарга быһаарыннаххына, үөрүүнэн оҥор. Холобур, үҥкүү, күүлэйдээһин уонна уураһыы – биллэрин курдук, калорийдары уматаллар.

 


Крыса
(1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008, 2020)

Сыл талисмана: аметист.
Дракон Крыса айар талаанын, кэрэҕэ тардыһарын сөбүлүүр, ол эрээри сыалы ситиһэргэ албыны-көлдьүнү утарар. Саҥа сылга ситиһии туһугар күүскүн, кыһамньыгын уур, онно эбии талааҥҥын көрдөр. Манна аметист, бары айымньылаах дьон сүрүн тааһа, үрдүккэ, иэйиигэ кынаттыа. 
Таптал. Саҥа романы аҥаардас соҕотохсуйууттан эбэтэр олоххун уларытыаххын баҕараргыттан эрэ саҕалаама. Сыһыан икки өттүттэн доруобай уонна дьоллоох буолуохтааҕын өйдүү сырыт, бэйэҕэр эрэн, ис туруккун иһит.
Харчы. Олоҕуҥ интэриэһинэй буоларын таһынан, үп-харчы киирэр саҥа дьарыгын булуоҕуҥ.  Ол гынан баран, онтуҥ сүрүн үлэҕиттэн аралдьытыа диэн баар. Онон эбээһинэскин уонна үлүһүйүүлэргин тэҥҥэ тутарыҥ наада.
Доруобуйа. Крыса сылыгар төрөөбүттэр барыттан уолуйар, куттанар курдуккут, онон стресскэ киирэн биэримэҥ. Спордунан дьарыктан, буортулаах дьарыккын атынынан солбуй, сынньан уонна психологтары кытта долгутар боппуруостары дьүүллэс.

 


Оҕус
(1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009, 2021)

Сыл талисмана: бриллиант
Оҕус уонна Дракон – Кытай гороскобун икки күүстээх бэлиэтэ. 2024 сылга маннык хаачыстыбалар наадалар: дьаныардаах буолуу, сыалы-соругу ситиһэргэ сыралаһан үлэлээһин. Оттон ыарахаттар мэһэйдээбэттэрин туһугар бриллиант киэргэллэрин кэт: аан дойдуга саамай кытаанах таас улахан кыайыыга көмөлөһүө.
Таптал. Эйиэхэ сибэкки, билинии, эн тускар хорсун быһыы наада – оннук да буолуо. Аҥаардарын булбут дьон ыарахаттары көрсүөхтэрин сөп, ол барыта эн өһөскүттэн тахсар, онон сымнаа уонна имигэс буоларга үөрэн.
Харчы. Бэйэҕин харыстаммакка үлэлиириҥ билиниини, ол быыһыгар дохуоту киллэриэ. Үлэҕэр сыаналаабат буоллахтарына, баҕар, уларыйдаххына табыллар. Дракон хорсун дьону өйүүр, уларытыылары киллэрэргэ күһэйэр.
Доруобуйа. Ханнык баҕарар өйдөммөт быһыыга-майгыга күүлэйдии бар: айылҕа барытын кыайыаҕа, күүс-уох биэриэҕэ. Доруобай үгэстэри ылыыга үчүгэй сыл, кылаабынайа, сыыйа киллэриэххэ наада. 

 


Баабыр
(1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010, 2022)

Сыл талисмана: гранат.
2024 сыл биир кэм туруктаах буолуо суоҕа, ол оннугар олус интэриэһинэй кэм иһэр. Дракон сабыдыалынан бары өттүнэн чаҕылхайдык көстө сатыаҥ, онуоха кыайыылар кэлиэхтэрэ. Ол да буоллар ситиһиилэргэр мэһэйдэр көрүстэхтэринэ, гранаттаах  киэргэллэринэн охсус: бу таас эйигин сырдыкка эбээһинэстиэ уонна сирдиэ.
Таптал. Эн, үгэс курдук, интэриэһиргиир киһигин туох баар күүскүнэн ыларга кыһанаҕын. Быйыл барыта төттөрү буолуоҕа. Кылаабынайа – сөптөөх сиргэ аһыллыаххын наада. Ону сэҥээрээччилэр эн болҕомтоҕун тарда сатыахтара. 
Харчы. Манна кыһалҕаны көрсүөҥ суоҕа, кылаабынайа – бүддьүөккүн былааннаа уонна кэмчилииргин умнума. Бу сылга эрдэттэн күүтүллүбэтэх ороскуот элбэх буолуон сөп, онон кинилэргэ бэлэм буоларга кыһан.
Доруобуйа. Бу сылга аһылыккын көрүн, ону таһынан уугун хана утуй. Куһаҕан дьаллыктартан аккаастанарга кыһан – Дракон ис кыаххын сыаналыа, онон 2024 сылга бэйэни салайыныыга дьулуһар суолталаах.

 


Кролик (Куоска)
(1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011)

Сыл талисмана: перламутр
Саҥа дьыл эниэргийэтэ сороҕор куттуо, ол гынан баран ис санааҕын истэн, ону туһаҕа эргитиэххин сөп. Онуоха  эйиэхэ перламутр көмөҕө кэлиэҕэ – сымнаҕас, нарын күүс буолан эргийиэ.
Таптал. Санаан көрдөххө, кэрэ остуоруйаларга таптал чаҕылхай романтан саҕаланар. Дьоллоох буоллаххына, маннык хардыылары толкуйдаа: бииргэ айан, бииргэ олоруу, уруу тэрийии, дьиэ кэргэн эбиллиитин былааннааһын.
Харчы. Кроликтар кэрэ малларынан дуоһуйалларын таптыыллар, саҥа түүппүлэ буоллун эбэтэр кыраһыабай сиргэ сырыы да буоллун. 2024 сыл кыаҕы биэриэҕэ – онуоха дохуоккун уурунуоххун эбэтэр үбү-харчыны сөпкө дьаһайарга үөрэниэххин наада. 
Доруобуйа. Кролик наһаа нарын бэлиэ, онон доруобуйата да кэбирэх: аллергияҕа ылларар, бэлэм оҥоһуу астары уйбат. Онон бу боппуруоска эппиэтинэстээхтик сыһыаннас.

Бараан

2024 сыл бастакы аҥаара айар талааннары көрдүүргэ уонна сайыннарарга аналлаах буолуоҕа. Тус бэйэҥ сайдарга уонна дууһаҥ уоскуйуутугар сыал туруорунуоҥ.

Карьераҕа өрө тахсыы, атын үлэҕэ ананыы уонна үп-харчы бөҕөргүүрүгэр табыгастаах кэм диэн сулустар кэпсииллэр.

Тохсунньу уонна олунньу – дьылҕаҥ быһаарыллар ыйдара. Олоххун эмискэ уларытар көрсүһүүлэр уонна сабыытыйалар күүтэллэр. Тус сыалы олоххо киллэрэр туһугар сөптөөх партнердары көрдөө. Соҕотох дьон тапталларын булуохтарын сөп.

Бараан доҕотторун кытта сынньалаҥы, сырыыны уонна үлэни дьиктитик дьүөрэлиэ. Тугу да мүччү туппакка, барытын искэр хатаан, хаһаанан ис. Бу сыл уһун болдьохтоох бырайыактары оҥорорго табыгастаах.

 

Оҕусчаан

Дракон сыла биир бастыҥнарынан буолуоҕа. Элбэх айымньылаах бырайыак, карьераҕа уонна тапталга ситиһии күүтэллэр. Сыл бастакы аҥаарыгар үп-харчы бигэ туруктаах буоларын хааччыйар туһугар күүскэ үлэлиэҥ.

Идеяларыҥ икки-хас сылынан олоххо киириэхтэрэ. Ол эрээри эн ону тулуйан күүтүөхтээххин, чуолаан бу инникитин үбү-харчыны эрэннэрэр буоллаҕына.

2024 сыл саҥатыттан кулун тутарга диэри урукку дьыалаларгынан күүскэ дьарыктан. Бэйэҥ бырайыактаргар сабыдыаллыыр спонсордары уонна эрэллээх бииргэ үлэлэһээччилэри тардыаххын наада.

Оҕусчаан барытыгар чиҥ-чаҥ буолуохтаах, билсиһиилэртэн уонна дьыалабыай көрсүһүүлэртэн аккаастаныма. Үрдүк ситиһиилэргэ акылааты уурарга сыл бастакы аҥаарыгар көрүүлэргэр, толкуйдаргар эрэллээх буолуу көмөлөһүөҕэ.

Тус олоххор өр күүппүт, баҕарбыт үтүө уларыйыыларыҥ кэтэһэллэр.

 

Игирэлэр

Сыл бастакы аҥаара наһаа чэпчэкитэ суох буолуо, маныаха  бырайыактаргар улахан болҕомтону ууруоххун наада. Сыһыан сытыырхайбатын туһугар майгыгын көрүн, утары бар, истиҥ буол.

Саҥа дьыалалары ылсыма диэн сулустар сүбэлииллэр. Айар үлэҕэр барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах буолуоҕа, идэҕэр бэриниилээхтик үлэлээтэххинэ, ситиһии күүттэриэ суоҕа. 

Сабыытыйаны тиэтэтимэ, барытыгар тулуурдаах буол. Кэлэктиипкэ бэйэҥ эрэ сорудаххынан дьарыктан. Салалта уонна кэллиэгэлэргиттэн ким эрэ эбэһээтэлистибэлэрин эйиэхэ сүктэриэхтэрин баҕарыахтара.

Аккаастыыр кыаҕыҥ суох буоллаҕына, сыарҕалаах акка кубулутуохтара. Бу сылга ханнык да үп-харчы оонньуутугар киирэн биэримэ. Тус сыалгын-соруккун, кистэлэҥҥин кимиэхэ да кэпсээмэ, ыам ыйын ортотугар диэри санааҕар «буһара» сырыт.

Араак

2024 сыл бастакы аҥаара үөрүүлээх түгэҥҥэ ааһыаҕа. Доҕотторгун, урууларгын, чугас дьоҥҥун кытта толору өйдөһүү, бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх уонна доруобай сылдьыы күүс-уох уонна туйгун настарыанньаны биэриэхтэрэ.

Айар кыахтаах дьон улахан бырайыактары олоххо киллэрэргэ дьулуһуохтара.

Эн бэйэҥ талааннаргын эрэ арыйыаҥ суоҕа, доҕотторуҥ, кэллиэгэлэриҥ саҕалааһыннарын өйүөххүн сөп.

Араактар аптарытыаттарын уонна ураты дьоҕурдарын өссө төгүл көрдөрүөхтэрэ. Тохсунньу ыйтан от ыйыгар диэри бөдөҥ бырайыактарга, хамсаабат хапытаалы атыылаһыыга табыгастаах кэм.

Оттон сыл иккис аҥаарыгар сулууспа уонна карьера үүнүүтэ үрдүөн сөп. Кылаабынайа, кимиэхэ да кыайан толорбот эрэннэриини биэримэ.

 

Хахай

Үлэҕэ, социальнай олоххо уонна бизнескэ уларыйыылар хахайдары сыл бастакы аҥаарыгар күүтэллэр. Үп-харчы балаһыанньата биллэрдик тупсуоҕа, оттон уон сыл анараа өттүгэр суруллубут былааннар олоххо дьиҥнээхтик киириэхтэрэ.

2024 сыл астрологтара саҕаламмыт бырайыактары түмүктүүргэ, уонна хас да сыл саһан турбут сыһыаны быһаарарга сүбэлииллэр.

Карьераҕа уонна материальнай эйгэҕэ өрө тахсыы бэйэҕэр эрэли эбиэ. Ыал буоларга, оҕо төрөтөргө, хантараак түһэрсэргэ табыгастаах кэм.

Ити барыта туолуоҕа, өскөтүн Дракон сылын бастакы кыбаарталыгар Хахай былааннарын кытта быһаарыстаҕына олоххо киириэҕэ.

Кыаххар саарбахтаама, бэйэҥ тула күүстээх уонна талааннаах дьону мус. Кинилэр инники сыалыҥ-соругуҥ олоххо киирэригэр, инниҥ диэки бараргар көмөлөһүөхтэрэ.

 

Кыыс Куо

2024 сыл бастакы аҥаара ордук суолталаах буолуоҕа. Талааҥҥын көрдөрүөҥ, наадалаах дьону бэйэҕэр тардыаҥ, баҕалаах сыалгын ситиһэр түгэн көстүө. Маннык кыахтар түөрт сылга биирдэ бэриллэллэр, онон бу түгэннэри тутуһан хаал.

Дьылҕаҕар уларыйыылар күүтэллэр – ыал буолан саахсаланыы  эбэтэр кэскиллээх дьыалабыай бииргэ үлэлээһин. Карьераҕа тахсыы чэпчэкитэ суох буолуоҕа.

Ситиһиигэ кэлэргэ күүскэ кыһаныаххын наада. Ол эрээри үлэһит майгыҥ икки бүк төлөнүөн сөп, өр сылларга үп-харчы өттүнэн балаһыанньаҥ бөҕөргүө.

Айымньылаах, айар идэлээх дьону табыллыы күүтэр, саҥа саҕалааһыннаргын кэллиэгэлэриҥ өйүөхтэрэ. Салалтаҕын бэйэҥ уратыгынан сөхтөрүөҥ. Улахан бириэмийэни кэтэс.

Чугас аймахтаргын кытта сыһыан өссө тупсуо. Бу сыл эйиэхэ биир саамай дьоллоох кэминэн буолуоҕа диэн бэлиэтиэххэ наада.

 

Ыйааһыннар

Үлэҕэр уонна тус олоххор элбэх уларыйыы күүтэр. Тохсунньуттан от ыйыгар диэри бастакы түмүктэри ситиһэргэ дьоһуннаахтык кыһаныаххын наада.

Кимниин бодоруһаргын, билсэргин эрдэттэн толкуйдаа. Кинилэри кытта сыһыан астыннарар дуо? Эн тулаҕар 2024 сылга саҥа дьон кэлиэхтэрин сөп.

Дьыалабыай кэпсэтиилэри, командировкалары уонна дуогабардарга илии баттаһыыны сыл иккис аҥаарыгар олоххо киллэрэр ордук.

Үп-харчы балаһыанньатын тупсарыы элбэх эниэргийэни, күүһү- күдэҕи эрэйэр. Ол эрээри Ыйааһыннар үчүгэйдик уонна чуолкайдык үлэлээтэхтэринэ, бу эйгэҕэ ситиһии кэлиэ.

Конкуренция суох буолбатах, онон эрэллээх, бэрэбиэркэни ааспыт эрэ партнердарга итэҕэй. Сыл иккис аҥаарыгар бииргэ үлэлээһин туһунан этии киириэҕэ, докумуоннарга хорсуннук илии баттаан ис диэн сулустар сүбэлииллэр.

 

Ооҕуй

Ооҕуй 2024 сылга тугу туппута, ылыммыта барыта санаа хоту буолан иһиэ. Туохтан да санааҕын түһэримиэххин наада. Түмүк өр кэтэһиннэриэ суоҕа, кэллиэгэлэргин уонна доҕотторгун кытары сыһыан истиҥ таһымҥа тахсыаҕа.

Сыл бастакы аҥаара үчүгэй эрэ сонуннарынан уонна сабыытыйаларынан үөрдүө. Араас дьону кытта сотору-сотору алтыһыаҥ. Тус олоххор чаҕылхай уларыйыылар киириэхтэрин сөп. Ол дьиэ кэргэн дьыалаларын уонна ыал буолууну кытта сибээстээх.

Идеяларгын олоххо киллэрэргэ былаанныыр дьоҥҥун кытта үллэһин. Өйөбүл хаачыстыбалаах түмүгү ситиһэргэр наада.

Үп кэлиитэ үгүөрү буолуоҕа. Сыл иккис аҥаарыгар Ооҕуй бэйэтин талаанын сайыннарар уонна айар бырайыактарынан дьарыктанар кыахтаныа. Дьиэ атыылаһарга эбэтэр атыылыырга табыгастаах кэм.

 

Охчут

2024 сылга тахсар уларыйыылар үлэлиир эйгэҕин кытта сибээстээх буолуохтара. Сыл бастакы аҥаарыгар урукку бырайыактары оҥорорго уонна саҥа соруктары ыларга көлөһүнүҥ тохтуор диэри  үлэлиэҥ.

Болҕомтоҕун партнердары кытта сибээстэргэ уурарыҥ наада. Бу сылга эниэргийэҥ уонна эппиэтинэһиҥ толору буолуо.

Сыл иккис аҥаара дуогабары түһэрсиигэ уонна сибээһи саҥардыыга ситиһиилэниэ. Туох-ханнык иннинэ дьону-сэргэни уонна сүрүн үлэни-хамнаһы кытта сыһыаннаһыыга түмүктэри биэриэҕэ.

Кылаабынайа, дьыалаҕын эрдэттэн былаанныы сырыт, күүскүн-уоххун ороскуоттаабакка эрэ. Охчут бэйэтигэр уонна тус кыаҕыгар эрэ эрэниэхтээх, тулалыыр дьонтон улахан өйөбүлү көрдөөбөккө эрэ.

 

Чубуку

2024 сыл бастакы аҥаара дьыалаҕа ситиһиилээх буолуоҕа. Айар бырайыактарынан дьарыктаныаххын, үп-харчы өттүнэн балаһыанньаны тупсарыаххын, ону тэҥэ айылҕа биэрбит үтүө майгыгын көрдөрүөххүн сөп.

Эн баараҕай, угаайылаах этиилэргин тула эйигин өйдүүр, өйүүр дьон мустуохтара. Ити үлэҕэр-хамнаскар уонна тус олоххор сыһыаннаах.

Олунньу ый араас характердаах билсиһиилэргэ сөп түбэһэр. Ордук бизнес-партнердары кытта көрсүһүү таһаарыылаах буолуоҕа.

Карьера төһө баҕарар үрдүккэ тахсыан сөп, өскөтүн бастыҥ хаачыстыбаларгын көрдөрдөххүнэ. Элбэх кэскиллээх кэпсэтиилэр, хантараактар күүтэллэр.

Чубуку эргимтэтигэр балачча сабыдыаллаах дьон баар буолуохтара, араас кыһалҕаны быһаарарга көмөлөһүөхтэрэ.

Кинилэр өйөбүллэрэ карьераҕа уонна таптал эйгэтигэр биллиэхтэрэ. Үгүстүк санааҕын этэн, көҕүлүүр тэрээһиннэри оҥоруу сыл бүтүүтэ баҕарбыккын  ыларга көмөлөһүөҕэ.

 

Күрүлгэн

Сыл саҕаланыытыгар соччото суох быһыыны-майгыны тулуйарга дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга кыһан. Муударай, толкуйдаах уонна сэргэх буолуугун киллэр. Ордук баҕа санааҕын толорорго соруннаххына.

2024 сылга мунаахсыйыы сыыһаны-халтыны аҕалыан сөп диэн сулустар сылыктыыллар. Олунньуга кэллиэгэлэриҥ өйөбүллэрэ улахан суолталаах буолуоҕа.

Эн буруйгунан тыл-тылга киирсибэт түгэн тахсыан сөп. Өскөтүн Күрүлгэн хаһан эрэ эрэннэрбитин толорботоҕуна, билигин ол төлөнүөхтээх.

Болҕомто киинигэр – доруобуйа! Ньиэрбэ систиэмэтэ муҥутаан хамсыан сөп, онон уйулҕаҕын уонна иммунитеккын бөҕөргөтөргө кыһалын.

Ис туруккун туттунарга үөрэн, ону тэҥэ уопуттаах дьону иһит. Оччотугар үчүгэй настарыанньа, үөрүү-көтүү сыл бүтүөр диэри толору хааччыллыа.

 

Балыктар

Сыл бастакы аҥаарыгар ситиһиилээх уонна айымньылаах кэм күүтэр. Олус көхтөөххүн, бу билсиһиини кэҥэтэргэ уонна сыал-сорук ситиһэргэ төһүү буолуо.

Дьылҕаҕа дьайар суолталаах сабыытыйалар 2024 сыл тохсунньутуттан от ыйыгар диэри буолуохтара. Кинилэр үлэҕэ уонна дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаахтар. Ааспыт икки сыл иһигэр оҥорбут, саҕалаабыт дьыалаларгын түмэр үчүгэй буолуо этэ.

Үһүс декада доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ сөп түбэһэр, ис туругуҥ соччото суох, туох эрэ итэҕэс курдук сананыаҥ.

Саҥа билсэр дьоҥҥор болҕомтолоохтук сыһыаннас, кинилэр истэригэр иҥсэ-обот, ис киирбэҕэ суохтар баар буолуохтарын сөп. Харчы уурууттан, сыаналааҕы атыылаһартан, улахан бырайыактартан аккаастанар ордук.

Балыктар сиэри таһынан харчыларын тутуннахтарына, уҥа-хаҥас ыстахтарына, олох да кураанаҕы кууһуохтарын сөп. Үп-харчы сорҕото айымньылаах санаалары олоххо киллэриигэ наада буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....