04.07.2024 | 14:03 | Просмотров: 517

2024 сыл аҥаарыгар Саха сиригэр 5 318 оҕо төрөөтө

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 сыл алта ыйыгар Саха сиригэр 5 318 кырачаан күн сирин көрдө, ол иһигэр: 2 656 уол уонна 2 662 кыыс. Аҥаардас бэс ыйыгар 911 оҕо төрөөбүт: 474 уол уонна 437 кыыс.
ЗАГС управлениетын чахчытынан, бэс ыйыгар төрөөбүт уолаттары сүрүннээн Тимур, Эркин, Мирон, Арылхан, Артём, Сайаан, Роман, Эрэл, Александр, Виктор, Алексей, Лев, Максим уонна Дмитрий диэн сүрэхтээбиттэр.
Сэдэх уонна ураты ааттарга Лев Альберто, Ариан, Милан, Илёс, Моруот, Алиан, Диас, Гордей киирсэллэр.
Оттон кыыс оҕолору саамай элбэхтик София, Сайаана, Ева, Кэрэли, Амелия, Оливия, Аделина, Арина уонна Виктория диэн ааттаабыттар. Ураты уонна сэдэх ааттар – Наина, Томирис, Ивангелия, Кия, Лисэль, Мартиша, Алёта, Аяврина-Нолтэк, Халиммахон, Ивалина, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.