2023 сылга электроннай пааспарга көһөбүт
Ахсынньы 1 күнүттэн Москваҕа электроннай пааспарга көһүү саҕаланыа. Оттон регион олохтоохторо, ол иһигэр Саха сирэ, электроннай пааспарга 2023 сыл ортотуттан көһүөхтэрэ. Бу туһунан Саха сирин бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Электроннай пааспар баан пластиковай каартатын саҕа кээмэйдээх буолар. Итиннэ бас билээччи хаартыската, араспаанньата, аата, аҕатын аата, төрөөбүт күнэ-дьыла баар буолуо. Ааттыын да электроннай пааспарга бас билээччи информацията, тус уонна биометрическэй дааннайдара, сирэйэ, тарбахтарын суола уонна регистрацияламмыт аадырыһа электроннай көрүҥҥэ сылдьыахтара. Хас биирдии киһи бэйэтин баҕатынан гражданин мобильнай идентификатора диэн сыһыарыыны смартфонугар туруорунуон сөп», — диэн «АиФ» хаһыакка РФ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Дмитрий Чернышенко эппит.