20.12.2022 | 16:00

2023 сылга Дьокуускай тиэргэннэрин өрөмүөнүгэр 450 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ

Киин куорат тиэргэннэрин өрөмүөнүгэр, Ил Дархан иһитиннэрбитинэн, уопсайа 450 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Итинтэн 150 мөлүйүөнэ регион бүддьүөтүттэн, эмиэ итиччэ суумма муниципальнай бүддьүөттэн, өссө 150 мөлүйүөн «1000 тиэргэн» бырагырааманан бэриллэр.
2023 сылга Дьокуускай тиэргэннэрин өрөмүөнүгэр 450 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Ити улахан үбүлээһини, итиэннэ улаатыннарыллыбыт ассигнованиены киин куорат туһааннаах үлэтигэр муҥутуур таһаарыылаахтык туттуохха наада. Уулуссалар өрөмүөннэрин кэнниттэн бэрээдэктиэххэ, куораты ыраастааһын хаачыстыбатын, тупсаран оҥорууну уонна санитарнай туругун биллэрдик үрдэтиэххэ наада», - диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн «Табыгастаах куорат эйгэтин оҥоруу» уонна «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» икки федеральнай бырагырааманан уопсайа 60 муниципалитекка 170-тан тахса тиэргэн уонна уопсастыбаннай туона тупсаран оҥоһулунна. Ити региоҥҥа уруккуга суох үрдүк таһым.

Ил Дархан тутуллар эбийиэктэр хаачыстыбаларыгар улахан болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ.

«Тус хонтуруолу күүһүрдүү ирдэнэр, хас биирдии бырайыакка, кыра да балаһааккаҕа, тиэргэҥҥэ техническэй хонтуруол булгуччу баар буолуохтаах», - диэтэ Айсен Николаев, бырабыыталыстыба чилиэннэригэр уонна муниципалитет баһылыктарыгар туһаайан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...