2022 сылга сэттэ тыһыынча кэриҥэ эдэр исписэлиис баар буолла
«Олохтоох каадырдары промышленнаска» бырайыак чэрчитинэн, 2022 сылга, өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр сэттэ тыһыынча кэриҥэ эдэр исписэлиис үлэҕэ киирдэ диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Каадыр сулууспатын исписэлиистэрэ этэллэринэн, эдэр дьон үлэҕэ киирэллэригэр төлөбүрдээх стажировка төһүү күүһүнэн буолар, ыйга үлэһиккэ 19 тыһыынча солкуобай кэриҥэ, оттон настаабынньыкка – 9,5 тыһыынча солкуобай төлөнөр.
Итини таһынан, регион сүрүн хампаанньалара «Олохтоох каадырдары промышленнаска» бырайыагы өйөөн, бэйэлэрин бырагыраамаларын олоххо киллэрдилэр. Ол курдук, 2022 сылга тэрилтэ суотугар сыһыарыллыбыт 1027 настаабынньыктаах 1460 эдэр исписэлиис стажировканы ааста.
Өрөспүүбүлүкэ Дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтэ иһитиннэрбитинэн, былырыын «Олохтоох каадырдары промышленнаска» бырайыак кыттыылаахтара 12,5 тыһыынчаттан тахса Саха сирин ыччатын үлэҕэ ыллылар.
Промышленнай тэрилтэлэргэ 3,2 тыһыынчаттан тахса киһи тыа сириттэн үлэҕэ киирдэ. Кинилэр ортолоругар ордук элбэх гражданин Бүлүү, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан бааллар.
Олохтоох каадырдарга саамай элбэх үлэ миэстэтин биэрбит тэрилтэлэринэн «АЛРОСА» АК (ПАУо), «УК «Колмар» ХЭТ, «Анаабыр алмаастара» АУо, «Сахатранснефтегаз» АУо буолаллар.