05.06.2022 | 12:00

2022 с. булт болдьоҕун туһунан өссө биирдэ!

2022 с. булт болдьоҕун туһунан өссө биирдэ!
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы булт кэмин болдьоҕо Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев  2021 сыл муус устар 1 күнүнээҕи ыйааҕынан бигэргэтиллэн турар. Болдьоҕу быһаарыыга муниципальнай оройуоннар уонна өрөспүүбүлүкэ научнай тэрилтэлэрин сэбиэттэрин этиилэрэ учуоттаммыт.

Анды

Быйылгы сылга андыны бултааһын ыам ыйын 29 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри ыытыллар, уопсайа түөрт күн. Ааспыт сылга диэри бултааһын болдьоҕо бэс ыйын 1-4 күннэригэр этэ.

Тайах

Тайаҕы бултааһын болдьоҕо балаҕан ыйын 15 күнүттэн ахсынньы 25 күнүгэр диэри салҕанар, урут алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри көҥүллэнэр буолара.

Хагдаҥ эһэ

Тыатааҕыны күһүн – атырдьах ыйын 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри бултааһын болдьоҕо уһаабыт. Ол да буоллар, быраабыла быһыытынан, биир сылтан итэҕэһэ суох саастаах, быйылгы саҥа төрөөбүт эһэни бултааһын бобулларын бэлиэтиибит. Сааскы бултааһын муус устар 20 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри бигэргэтиллибит.

Кыыл таба

Дьиикэй хотугу табаны бултааһын атырдьах ыйын 1 күнүттэн кэлэр сыл тохсунньу 31 күнүгэр диэри көҥүллэнэр.

Туртас

Улахан атыыр туртаһы бултааһын болдьоҕо атырдьах ыйын 20 күнүттэн балаҕан ыйын 20 күнүгэр диэри көҥүллэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тамара Пивоварова: «Тэлгэһэм  бүтүннүү алаадьы буолуор диэри...»
Дьон | 23.01.2025 | 18:00
Тамара Пивоварова: «Тэлгэһэм бүтүннүү алаадьы буолуор диэри...»
Икки оҕотун СВО-ҕа атаарбыт ийэлиин кэпсэттим. Ийэ сүрэҕэ хайдахтаах курдук тулуурдааҕын, улахан уола дьоруойдуу охтубутун төһө да иһиттэр, син биир кэтэһэрин, ийэ буорун буллардахпына эрэ итэҕэйиэм диирин олус ытыктыы, уйадыйа иһиттим.   Тамара Михайловна Пивоварова Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигититтэн төрүттээх, икки уоллаах, биир кыыс оҕолоох ийэ. Кэргэнэ 28 сыл анараа өттүгэр бу...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Бэлисипиэт
Сынньалаңңа | 20.01.2025 | 14:09
Бэлисипиэт
Кэпсээн