2021 сылга туох уларыйыы кэтэһэрий?
Арассыыйа олохтоохторугар COVID-19 дьаҥтан быһыыны туруоруохтара. Саха сиригэр олунньуттан вакцинация саҕаланара былааннанар.
Арыгы уонна табах сыаната добуочча ыарыаҕа.
Олох-дьаһах коммунальнай өҥөтүгэр сыана ыарыаҕа.
Чунуобунньуктарга сарбыйыы барыаҕа.
IT-хампаанньалар нолуоктара кыччыаҕа.
Сылга 5 мөлүйүөнтэн элбэх дохуоту киллэрэр дьонтон 15 бырыһыан нолуогу (НДФЛ) тутар буолуохтара. Ол аата Арассыыйа эһиилгиттэн биир кэлим нолуоктааһынтан тахсар.
Ийэ хапытаала 3,7 % индексацияланыаҕа. Бастакы оҕоҕо бэриллэр хапытаал 466 617 солкуобайтан 483 882 солк. буолуоҕа, иккис оҕоҕо 616 617 солкуобайтан 639 432 солк. диэри үрдүөҕэ. Дьиэ кэргэн бастакы оҕоҕо хапытаалы номнуо ылбыт буоллаҕына, иккис оҕоҕо 155 550 солк. бэриллэр. Барыллаан ааҕыынан үрдэтиллибит Ийэ хапытаалын 1,2 мөлүйүөн ыал туһаныаҕа.
Биэнсийэ улаатыаҕа. Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ 6,3 бырыһыан индексацияланыаҕа.
Таҥас маркировкаланыаҕа. Чэпчэки промышленнас оҥорон таһаарар бородууксуйата булгуччулаах маркировкалааһыны ааһыаҕа. Манна тирииттэн, трикотажтан таҥастар, соннор, кууркалар, ветровкалар, утуйар таҥас, о.д.а барыта киирэр.
Ювелирнай оҥоһуктар маркировкаланыахтара. Эмиэ таҥас курдук ювелирнай киэргэл барыта анал нүөмэрдээх буолуоҕа. Сыл аҥаарынан маркировката суох киэргэллэри атыыга таһаарары бобуохтара.
Биэнсийэ кээмэйин туһунан иһитиннэриилэр кэлэр буолуохтара. 2021 сылтан ыла 45-тэрин ааспыт дьоҥҥо сылга үстэ Пенсионнай пуондаттан иһитиннэрии кэлэр буолуоҕа. Киһи үксэ бу сааһыгар тиийэригэр биэнсийэтин хапытаала оҥоһуллубут буолар, ол иһин кэлэр биэнсийэлэрэ төһө буолуоҕун билиэхтээх.
ОДьКХ субсидиятын ылар судургу буолуоҕа. Саҥа дьылтан субсидия ыларга иэһэ суоххут туһунан ыспыраапканы ылыы наадата суох буолар. Олохтоохтор иэстээхтэрин, иэстэрэ суоҕун туһунан дааннайдары ОДьКХ информационнай систиэмэтиттэн быһаччы ылар кыах үөскүөҕэ.
Роскомнадзор сайтары барытын кэтиир буолуоҕа. Дьон бэйэ-бэйэтин кытта кэпсэтэр сирдээх сайтар бу туһунан судаарыстыбаны сэрэтэллэрэ булгуччу ирдэниэҕэ. Бырабыыталыстыба уурааҕа тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.
Гостиницалар үлэлэрэ уларыйыаҕа. Ханнык баҕарар отель ханнык категорияҕа киирэрин туоһулуур докумуоннаах буолара, 50 хостоох гостиницаҕа ресепшн суукканы эргиччи үлэлиирэ ирдэниэҕэ.
Тиэргэн иһигэр кутаа уоту оттор бобуллар. 2021 сылтан баһаары утары саҥа быраабылалар киирэллэр. Уопсай сиргэ уоту оттор бобуулааҕын таһынан, аны чааһынай дьиэ тиэргэнин иһигэр сыыһы уматар кытта бобуллар.
Тэйиччиттэн олорон үлэлээһин ньымата сокуонунан бигэргэниэҕэ. Бу сокуон тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киирэр.
Хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) уонна олох таһымын алын кээмэйэ (прожиточный минимум) атыннык ааҕыллыаҕа. Билигин бу алын кээмэйдэри ааҕарга потребитель корзината учуоттанар эбит буоллаҕына, билигин орто хамнас таһыма аахсыллар буолуоҕа. Ол түмүгэр саҥа сылтан хамнас алын кээмэйэ 5,5 %, олох таһымын алын кээмэйэ 3,7 % үрдүөхтэрэ.
Кумааҕы үлэ киниискэтэ туттуллубат буолар.
Суоппар аптечкатын бэйэтэ таҥар бырааптанар. Урукку курдук стандартка олоҕурар аптечканы ылыы булгуччулаах буолан бүтэр. Саҥа аптечкаҕа 2 мааска, 2 паара бэрчээкки, жгут, 4 биинтэ, маарыла салфеткалар, лейкопластырь уонна кыптыый баар буолара эрэ ирдэниэҕэ.