2021 сылга Дьокуускайга суол үлэтэ: 15 эбийиэк, 26 км
Эһиилги суол тутуутун, өрөмүөнүн былааныгар 26 км усталаах 15 эбийиэк киирдэ. Ол курдук, Дьокуускай куорат суолларын ситимин сайыннарыыга 2021 сылга “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн 1, 2 миллиард солкуобай көрүллүөҕэ. Испииһэк оҥоһулларыгар куорат суолларын техническэй туруга, социальнай уонна экономикаҕа суолталара учуоттанна. Бу туһунан куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Евгений Григорьев “Россия 24” ханаал быһа эфиригэр иһитиннэрдэ.
2021 сылга Ленин проспегар (Хабаров уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастак), Окружной шоссеҕа (Жорницкай уул. Бүлүү трагар диэри, үлэ 2-с уочарата), Бабушкин уулуссатыгар (Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. Очиченко уул.диэри), Пирогов уулуссатыгар (Петр Алексеев уул. Жорницкай уул. диэри), Ильменскэй уулуссаҕа (Чайковскай уул. Билибин уул. диэри) хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллыаҕа.
Ону таһынан Гагаринскай уокурукка Жуковскай, Авиатордар уулуссалара, Мархаҕа Советскай уул. уонна Олег Кошевой уулуссата, Тулагыга Николаев уулуссата өрөмүөннэниэҕэ.
Винокуров уулуссатыгар (Ильменскэй уул. Чайковскай уул. диэри учаастак) уонна Кангалааска Нагорнай уулуссаҕа суол ситимин саҥардыы үлэтэ ыытыллыаҕа.
Хатаска, Тулагыга, Табаҕаҕа элбэх оҕолоох ыаллар олорор кыбаарталларыгар киирии суол тутуллуоҕа.