26.05.2021 | 18:37

202-с микрооройуоҥҥа ууга харбааһыҥҥа күрэхтэһии буолла

Бүгүн Дьокуускай куорат 202-с микрооройуонун сөтүөлүүр сиригэр Арассыыйаҕа Полярник күнүн көрсө тымныы ууга харбааһыҥҥа СӨ аһаҕас күрэхтэһиитэ буолла. Тэрээһиҥҥэ куттал суох буолуутун хааччыйар сыаллаах ЫБММ уонна Өрөспүүбүлүкэтээҕи быыһыыр сулууспа 10 сотруднига үлэлээтэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күрэхтэһии сүрүн соруга – доруобуйаны бөҕөргөтүү, эти-хааны сайыннарыы, чэбдигирдии, нэһилиэнньэҕэ чөл олоҕу пропагандалааһын. Барыта 20 киһи кытынна.

«Күрэхтэһии кэмигэр Дьоҕус уйуктаах суудуналар инспекцияларын киинин уонна быыһыыр сулууспа специалистара кыттааччылар уонна көрөөччүлэр ортолоругар ууга сэрэхтээх буолар туһунан өйдөтөр-сэрэтэр үлэни ыытта. Куттал суох буолуутун хааччыйарга кытылга 2 пост үлэлээтэ. Кыттааччылар ууга киирэн харбыыр кэмнэригэр сотрудниктар патруллуур катерга уонна тыыга олордулар, ону сэргэ ууга водолазтар көмө оҥорорго бэлэм сырыттылар», – диэн кэпсээтэ Дьоҕус уйуктаах суудуналар инспекцияларын кылаабынай инспектора Аурика Смирнова.

Күрэхтэһии туох да быһылаана суох этэҥҥэ ааспыт. Кыттааччыларга барыларыгар сертификат уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттарыллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...